Биһиги өбүгэлэрбит урукку сылларга араас ыарахаттары көрсөн, оҕону иитэн, илии үлэтин күүһүнэн кэскиллэрин тэринэн тиийэн кэлбиттэрин билэбит. Ол саҕаттан оҕону иитиигэ улахан сорук турар. Хас биирдии дьиэ кэргэн оҕотугар араас иитии ньыматын туһанар. Хаһан баҕарар норуот үөрэҕэ этэринэн, оҕо аан бастаан олоххо үөрүйэҕи төрөппүтүттэн ылар. Тыа сиригэр төрөппүт оҕотун батыһыннара сылдьан, бэйэ холобуругар үөрэтэрэ ордук. «Эбэлэр, эһэлэр оскуолалара» оҕоҕо ордук суолталаах. Ыам ыйын 15 күнүгэр, Таатта улууһун Г.В. Егоров аатынан Хара-Алдан орто оскуолатыгар, Россияҕа Дьиэ кэргэн, Республикаҕа Оҕо саас, Таатта улууһугар Ил, Эйэ, Итэҕэл сылларыгар уонна Аан дойдуга Дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах «Олох төрдө – дьиэ кэргэн» диэн ааттаах конференция буолан ааста. Конференция сүрүн сыала: оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии ньымалара уонна албастара.
Манна Арылхан Жирков ийэтинээн Т.П. Жирковалыын «Иккиэн бииргэ айабыт-тутабыт», Чаҕыл Винокуров ийэтинээн Е. А.Винокуровалыын «Дьиэ кэргэммитигэр уон оҕобут бары сахалыы ааттаахтар», Эрсан, Айаан Варламовтар эбэлэрин Е.И. Варламовалыын «Оҕону иитиигэ эбэ, эһэ оруола», эбэ Альбина Григорьевна сиэннэринээн «Оҕону кыра эрдэхтэриттэн ааҕыыга уһуйуу», Мотрена Васильевна, Владимир Семенович Турантаевтар Мичиллэринээн «Бэйэ холобуругар сиэннэрбитин иитэбит», Яша эбэтинээн Татьяна Петровналыын «Дьиэ кэргэнинэн кэтэх хаһаайыстыбаны тэрийэбит», Сардана, Виктория ийэлэринээн Жанна Александровналыын «Оҕону үлэнэн иитии, кэтэх сылгыны тэнитии», Софи ийэтинээн Оксана Петровналыын «Кыыс оҕону ийэ холобуругар иитии» диэн темаларынан кытыннылар. Төрөппүттэр, эбэлэр, эһэлэр оҕону иитии албастарын, ньымаларын сырдаттылар.
Оскуолабыт киэн туттар эбэтэ Альбина Григорьевна олус элбэх илиитинэн суруйан оҥорбут таабырыннарын, өс хоһооннорун, тэттик хоһооннорун аҕалан кэпсээтэ, сиэннэрин кытта араас интэриэһинэй маркалары, кэмпиэт сууларын мунньарын көрдөрдө. Турантаевтар дьиэ кэргэн сиэн оҕолорун от үлэтиттэн, муус ылыытыттан саҕалаан ас астыырга бииргэ илдьэ сылдьалларын олус үчүгэй хаартыскаларынан сырдаттылар. Татьяна Петровна Жиркова, ыллам ырыаһыт ийэ, уолун Арылханы ырыа алыптаах эйгэтигэр уһуйар. Бу курдук дьиэ кэргэн бигэ туруктаах, чөл куттаах буоларын туһугар кыһанан, кэнчээри ыччаты төрөппүттэрбит иитэллэр, сайыннараллар.
11 кылаас үөрэнээччитэ Егор Винокуров.