Ахсынньы 8 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Илин эҥэр улуустарын икки ардыларыгар ыытыллар «Оҕо Сатабыла» күрэх Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолатыгар Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта улуустарыттан, уопсайа, 6 хамаанданы түмтэ.
«Оҕо Сатабыла» бырайыагы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ 2016 сыллаахтан тэрийэн ыытар. Быйыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр «Бастыҥнар хамсааһыннара» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһына ыыппыт бастакы грантовай күрэҕэр Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕону эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ кыайыылаах тахсыбыта. Күрэҕи «Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ» диэн культурнай-үөрэтэр кластер тэрийдэ. Арктикатааҕы култуура уонна искусство института, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт института, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, «Юные Якутяне» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай Киин тэрийистилэр.
Күрэх сүрүн сыалынан-соругунан сатабыл ис тыыныгар оҕону төрүт дьарык уонна аныгы кэм сатабылларын көмөтүнэн такайыы, дьиэ кэргэҥҥэ биир хааннаах уруулуу көлүөнэ тыынын бөҕөргөтүү, сахалыы өркөн өйдөөх, ийэ тылынан дойдумсах майгыга уһуйуу буолар.
Оҕо сатабылын сайыннарарга аналлаах тэрээһини «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин педагог-организатора Матрена Алексеева аста:
— Дьиэ кэргэн сатабылын, дьоҕурун оҕоҕо тиэрдии диэн сыаллаах-соруктаах «Оҕо Сатабыла» чөмпүйэнээт ыыппыппыт. Онтукабытынан Бүтүн Арассыыйатааҕы граҥҥа кыттаммыт, эһиги көмөҕүтүнэн олоххо киллэрээри турабыт. «Бастыҥнар хамсааһыннара» Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһына тэриллиэҕиттэн, араас бырайыактар, аахсыйалар ыытыллаллар, онно барытыгар кыттыһан, ылсан истэхпитинэ, ким барыта бэйэтин олоҕо, үлэтэ чэпчииригэр граҥҥа тиксиэн сөп. Бу курдук грант ыламмыт 7 сатабылынан илин-кэлин түһэртэрээри эһигитин ыҥыран олоробут. Бу күрэх биһиэхэ олус истиҥ уонна чугас: биһиги бары ыалларбыт, ийээлээх-аҕалаах, эбэлээх-эһэлээх дьоммут, кинилэр үгэстэригэр, холобурдарыгар улаатабыт. Ол иһин биһиги дьиэ кэргэн ситимин көрдөрөөрү маннык тэрээһини ыытабыт. Туох барыта дьиэ кэргэнтэн тахсар, сатабыл эмиэ.
Ыҥырыылаах ыалдьыт Таатта улууһун үөрэҕин салаатын начаалынньыгын солбуйааччы Мира Луковцева бу күрэх оҕо сайдарыгар олус туһалааҕын, киэҥ историялааҕын тоһоҕолоон эттэ. Улууска оҕо сатабылын сайыннарарга бары кыахтарын биэрэн үлэлээбит улуус ытык дьонугар махтал суруктары туттарда.
Алгыстаана Сырдык-Ай, «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин дириэктэрэ, күрэх сүрүн экспердэ, оҕоҕо, ыччакка сатабылы сайыннарар үлэһиттэргэ Бочуотунай грамоталары туттарда, бары кыттааччыларга сырдык баҕа санаатын тиэртэ:
— Быйыл атырдьах ыйыгар грант ылан, Илин эҥэр улуустарыгар «Оҕо Сатабыла» чөмпүйэнээти ыытар чиэскэ тиксэммит үөрүүбүт муҥура суох. Уопсайа, 4 улуустан 89 кыттааччылаах 6 хамаанда кэлэн күрэхтэһэр. Кыттааччыларга таһаарыылаах үлэни, ким сатабыллаах, ол кыайдын!
«Оҕо Сатабыла» күрэх ааптара, социологическай наука дуоктара, профессор Ульяна Винокурова истиҥ эҕэрдэтин ыытта:
— Ытык Таатта сиригэр айаннаан кэлбит, мустан олорор ытыктабыллаах Илин эҥэр ыччаттара, төрөппүттэр, учууталлар уонна наставниктар. Бүгүн тоһуттар тымныыга Чурапчы ытык кырдьаҕаһын Эрилик Эристиин хоһоонун өйдөөн кэлиэҕиҥ: «Кур оту кэбиһэн эрэрдии Ахсынньы тымныыта сырылыыр, Онуоха күүһүрдэн биэрэрдии Айанньыт сыарҕата кыыкыныыр». Эһиги бука бары бу бугдулҕан тумаҥҥа, уустук кэмҥэ ытык сиргэ Тааттаҕа түмсэҥҥит, эйэлээх, дьоллоох олохпут кэскиллээх буоларын туһугар мустан олороҕут. Бу манна биһиги туох санааттан түмүстүбүтүй? Быйыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна наставник сыла, оттон Өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сыла. Ол иһин «Оҕо Сатабыла» диэн күрэх саамай табыгастаах уонна барыбытын түмэр кыахтаах. Күрэх төрдө 2015 сыллаахха «Кыайыыга суол» диэн «Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ» кластер саҕалаабыта уонна ол үлэни «Ситис» диэн ааттаан күүстээх үлэни көрдөрөр кыах үөскээбитэ. Биһиги уһун сыллаах үлэбитин түмэн, «Бастыҥнар хамсааһыннара» хамсааһыҥҥа грант суруйан, ону кыайан, бүгүн барыгытын ыалдьыттар, кыттааччылар быһыытынан көрсөн дьоллоох түгэммит үөскээтэ. Бу граҥҥа элбэх көрүҥнэр бааллар. Инникитин даҕаны манна кыттарга кыах ылан кыайаҥҥыт, Илин эҥэртэн бары түмсэн, сомоҕолоһон, ыччаппыт кыайыылаах, сайдыылаах буолалларын туһугар үлэлиэхпит диэн эрэнэбин. Бу кыайыы бука барыбытын кынаттыыр, бука барыбытын сомоҕолуур. Ыччаппыт туһугар инникигэ эрэли, түмсэн үлэлиирбитигэр кыаҕы биэрэр. Өссө ситэритин идэ таларга, ким баҕалааҕы, кыахтааҕы биһиэхэ АГИКИ култуура уонна искусство эйгэтигэр үлэлии, үөрэнэ кэлэргитигэр ыҥырабын. Ытык Таатта сиригэр бука бары кэлбиккитин уруйдаан, алҕаан, өрөспүүбүлүкэ ытык кырдьаҕаһа Мандар Уус алгыһын тиэрдэр. Алгыстаах айаммыт ситиһиилээх буоллун. Ситиһиини, үөрүүнү, көтүүнү, эйэни, сомоҕолоһууну баҕарабын!
Кыттааччылар барыта 7 араас сатабылынан күрэхтэстилэр, бэриллибит сорудахтарын толорон, үлэлэрин дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскээтилэр: «Дьиэ кэргэн ытык мала – үлэ киһитин үйэтитии», «Илин эҥэргэ Өркөн Өйү эрчийии», «Эһээ сатабыла», «Эбээ сатабыла», «Ийэ тыл, сурук-бичик, сахалыы саҥарыы» (сахалыы тыыннаах хаһыаты таһаарыы), «Сахалыы ҺӨҔҮҤ стандарты оҥоруу – графическай дизайн», «Күөсчүт».
«Эбээ Сатабыла» эбээ сиэнин кытары халадаай ырбаахыны тигии күрэҕэр кыттааччылар аҕыйах чаас иһигэр халадаай ырбаахыны тиктилэр. Иистэнэр массыыналарын саамай туттар кэмнэригэр уот баран хаалбытын да иһин, санааларын түһэрбэккэ, илиинэн тиктилэр. Чымнаайы нэһилиэгиттэн Саввинар дьиэ кэргэн кэлэн кыттыыны ыллылар. Сиэн кыыс Доминика Саввина саамай кыра саастаах кыттааччы, 4-с кылаас үөрэнээччитэ, иистэнэр массыынанан тутта үөрүйэх эбит. Эбээтэ Ирина Ивановна санаатын үллэстэр:
— Мин саас сиэмминээн Алик Богимовтыын улуустааҕы күрэххэ шашлык оҥоруутугар кыттан 2 миэстэ буолбуппут. Оттон манна сиэн кыыспынаан Доминикалыын кытта кэллибит, байбаралаах ырбаахы тиктибит. Кыыс оҕо иистэнэргэ үөрэннэҕинэ, олоҕор үйэтин тухары туһаныа. Талаана арыллан иистэнньэҥ буолуон сөп. Билиҥҥи кэмҥэ бэйэ баҕатынан тиктэрэн кэтэллэр. Маннык күрэх ыытыллара наһаа туһалаах дии саныыбын. Биһиги байбаралаах ырбаахы тигиитин кистэлэҥнэригэр үөрэннибит. Кыттан элбэххэ үөрэнэҕин. Эбээлэр ийэбититтэн үөрэммиппитин оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр салгыы үөрэтиэхпитин наада. Бу күрэхтэһиигэ көрүҥэ элбэҕэ үчүгэй.
Евдокия Сартаева, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Бастыҥнар хамсааһыннара» грант «Оҕо Сатабыла» бырайыагын салайааччыта, бэйэтин санаатын үллэһиннэ:
— Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр, өбүгэлэрбит үлэҕэ оҕону такайар мындыр сатабылларын, тыйыс айылҕаны кытта туруулаһар олохторун-дьаһахтарын тэринэр өркөн өйдөрүн, дьиэ кэргэҥҥэ биир хааннаах уруулуу көлүөнэ тыынын бөҕөргөтүү, сахалыы өркөн өйдөөх, ийэ тылынан дойдумсах майгыга уһуйуу чемпионат сүрүн сыалынан буолла. Бу «Оҕо Сатабыла» бырайыак дириҥ ис хоһооннооҕо, туһалааҕа Дойду үрдүгэр тэриллибит «Бастыҥнар хамсааһыннарын» үлэтин сүрүн идеятын-оҕону патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, «Саха сиригэр Үлэ сылыгар»- оҕону куолаан үлэ сатабылыгар уһуйууга, «Арассыыйаҕа педагог уонна наставник сылыгар» – оҕо аҕа саастаах көлүөнэттэн олох сатабылларыгар такайыллар эйгэтин оҥорууга анаммыт курдук киэҥ эйгэлээх.
«Оҕо Сатабылын» өйүүр, оҕоҕо аналлаах үгүс тэрээһиннэрбитигэр куруутун бэйэлэрин үтүө санааларынан көмөлөһөр биһиги социальнай партнердарбытыгар, тапталлаах Тааттабыт олохтоохторугар, үлэни өрө тутар үрдүк ситиһиилээх салайааччыларбытыгар, норуот итэҕэлин ылбыт государственнай уонна улуус мунньаҕын депутаттарыгар, аныгы эргиэн эйгэтин баһылаабыт мындыр дьоммутугар, чуолаан Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун ректорыгар Иннокентий Готовцевка, институт преподователигэр Галина Алексееваҕа, Арктикатааҕы култуура уонна искусство институт ректорыгар Саргылана Игнтьеваҕа, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэригэр Ольга Семеноваҕа, Саха сирин государственнай Ил Түмэн мунньаҕын депутаттарыгар Виктор Лебедевка, Дмитрий Рахлеевка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Оҕо общественнай хамсааһынын сойууһун бэрэссэдээтэлигэр Геннадий Охлопковка, «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон мунньаҕын бэрэссэдээтэлигэр Петр Максимовка, депутаттарга Петр Захаровка, Иннокентий Дягилевка, «Таатта нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгар Егор Павловка, «Таттаавтодор» акционернай общество генеральнай дириэктэригэр Иван Бочониҥҥа, «Таатта улууһун үөрэххэ салалтатын» начальнигар Владимир Кривошапкиҥҥа, үөрэх салалтатын салаатын салайааччытыгар Мира Луковцеваҕа, «Бастыҥнар хамсааһыннара» улуустааҕы тэрилтэтин специалиһыгар Римма Унароваҕа, «Сарыал» култуура уонна спорт киинин дириэкэтэригэр Алексей Тарасовка, «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын «Ыччат уонна дьиэ кэргэн» салаатын начальнигар Иван Ивановка, «Техноторг» маҕаһыын салайааччытыгар Алена Потаповаҕа, Тааттатааҕы социальнай управление салайааччытыгар Михаил Тарасовка, Ытык Күөллээҕи 1 №-дээх оскуола коллективыгар (дириэктэр И.И. Дягилев), «Бэргэн» маҕаһыын салайааччытыгар Тамара Атласоваҕа, урбаанньыттарга Сайыына Алексееваҕа, Марианна Большаковаҕа, «Күн» атыы киинин салайааччытыгар Евгения Тарабукинаҕа, «ФотоЦентр» салайааччытыгар Александр Новиковка үтүө санааҕытыгар, кэнчээри ыччат сайдарыгар күүс-көмө буоларгытыгар, көмөҕүт иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит. Күрэх сатабылларыгар экспертээбит күндү дьоммутугар бука барыгытыгар истиҥ махталбытын аныыбыт. Саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, алаһа дьиэҕитигэр дьолу-соргуну, айымньылаах үлэни баҕарабыт! — диэн Евдокия Ивановна барҕа махтал тылларын тиэрдэр.
Күрэх түмүгэр сатабыл хас биирдии көрүҥэр хамаандаҕа балл ааҕыллан, уопсай түмүккэ ханнык хамаанда кыайбытын көрүҥнэринэн ылбыт балларын суумматыттан быһаардылар. Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук, кыайыылаахтарга диплом, бириис туттарылынна.
«Оҕо Сатабыла-2023» күрэх түмүгэ:
- I миэстэ: Таатта улууһун хамаандата, СӨ Ил Түмэн депутатын В.Н. Лебедев бирииһэ.
- II миэстэ: Ытык Күөл №1-дээх оскуолатын хамаандата, АО «Төлөн» дириэктэрин, СӨ Ил Түмэн депутатын П.Д. Рахлеев бирииһэ.
- III миэстэ: Уолба орто оскуолатын хамаандата, Таатта нэһилиэгин баһылыгын Е.И. Павлов бирииһэ.
Маны тэҥэ кыайыылаахтар Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Анал ааттар:
- «Кэскили тэлээччи» — Мэҥэ Хаҥалас улууһун хамаандата, Таатта улууһун депутаттарын сэбиэтин бирииһэ, бэрэссэдээтэл П.П. Максимов.
- «Саха отуорун олохтооччу» — Чурапчы улууһун хамаандата, «Таттаавтодор» гендириэкэтэрин И.И. Бочонин бирииһэ.
- «Саха туруулаһааччыта» — Амма улууһун хамаандата, «Оҕо Сатабыла» бырайыак ааптарын У.А. Винокурова бирииһэ.
Сатабыл нөҥүө өбүгэбит өркөн өйүн ыччакка тиэрдэр сыаллаах, оҕону, төрөппүтү, эбэни, эһэни, учууталы хабан кытыннарар, үрдүк таһымнаах, айымньылаах тэрээһин ситиһиилээхтик түмүктэнэн, дьон сүргэтин көтөхтө. Тэрийээччилэр түбүктээх үлэлэрэ түмүктээх буоллун, кыттааччыларга үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Снежана Воронова
keskil14.ru