Арассыыйаҕа “Дьиэ кэргэн”, Өрөспүүбүлүкэҕэ “Оҕо Саас”, Тааттаҕа “Таптал, Эрэл, Итэҕэл” сылларыгар аналлаах оскуола оҕолоругар сылын ахсын ыытыллар «Кыталык Куо-2024» уонна «Үрүҥ Уолан-2024» күрэх Ытык – Күөл сэлиэнньэтигэр «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн 2024 сыл кулун тутар 6 күнүгэр бэрт сэргэхтик буолан ааста.
Саха нарын кыыһын, эркин курдук эрэнэр уол оҕо дьоҕурдарын, талааннарын, сатабылларын көрдөрүү, киэҥ көрүүгэ-истиигэ таһаарыы бу күрэх сүрүн сыалынан буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй «Кырасыабай кыыс» айымньытыгар суруйарын курдук «сайаҕас сайдам санаалаах», «куһаҕан диэни булбат», «майгылаах бастыҥа», «сүрэхтээх үтүөтэ»- «Кыталык Куо-2024» уонна чөл куттаах, сайдыылаах, кэскиллээх, дьоҕурдаах «Үрүҥ Уолан — 2024» талыы буолар.
Күрэххэ 15-18 саастаах оскуолаҕа үөрэнэр кыргыттар уонна уолаттар, барыта 24 оҕо кыттыыны ыллылар.
Тааттабыт инники кэскиллэрэ, үөрэх, спорт бастыҥнара, талааннаах талбалара улуус 12 оскуолатыттан кэлэн бэйэлэрин сатабылларын көрдөрдүлэр, күөн көрүстүлэр.
Күрэх түөрт түһүмэҕинэн ааста:
- Кыргыттарга уонна уолаттарга тус – туһунан күрэхтэр.
- Кыргыттар араас матырыйааллары туттан панно оҥорон дьоҕурдарын, сатабылларын, айар толкуйдарын көрдөрдүлэр.
- Уолаттарга чөл олоҕу пропагандалыыр сыаллаах, күүс – уох өттүн тургутан көрүүгэ сахалыы күүс оонньуулара: сыал ытыы, уһуну ыстаныы, мүнүүтэҕэ тардыныы буолла.
- Талаан нөҥүө бэйэни билиһиннэрии
- Билиини – көрүүнү тургутан көрүүгэ – араас ыйытыктарга хоруйдаатылар
- Харах иҥнэр кэрэтэ, санаа иҥнэр абылаҥа түһүмэххэ вальс үҥкүүлээтилэр.
Орто туруу дойду кыталык курдук кынтайбыт, кырынаас курдук кылбайбыт, алаһа дьиэни арчылыыр кыыс оҕонон айхаллаан, уһун курбуу уҥуохтаах, быыппастар былчыҥнаах, булугас – талыгас, өйдөөх уол оҕонон уруйданан биһиги Тааттабыт киэн туттар ыччаттардаах буолууһубут.
Бары кыттааччылар бииртэн биир үчүгэй нүөмэри көрдөрөн көрөөччүлэри, дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдүлэр, сонунтан сонун сатабылларынан соһуттулар, талааннарын таһааран үөртүлэр.
Күрэҕи сырдыгынан сыдьаайан, үөрүүнэн угуттаан иилээн-саҕалаан ыыттылар “Ситик” оҕо тэрилтэтин оҕолоро Хаарчаана Заворотная уонна Афанасий Канаев.
Күрэхтэр дьүүллүүр сүбэлэринэн буоллулар:
Кыталык кыргыттарга:
- Новгородова Мария Афанасьевна – «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин педагог — организатора, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ
- Захарова Татьяна Ивановна – «Кустук» оҕо образцовай драматическай театрын салайааччыта
- Ефимова Анастасия Михайловна – Ф.С. Аргунов аатынан оҕо искусствотын оскуолатын хореограба, 2012 сыллаах Кыталык Куо күрэх кыайыылааҕа
- Рахлеева Нюргустана Титовна — Кэнчээри оҕону сайыннарар киин хореограба, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна.
- Тютрина Татьяна Алексеевна — Таатта улууһугар “Бастыҥнар хамсааһыннарын” олохтоох отделениятын салайааччыта.
Уолан уолаттарга:
- Ноенохов Егор Егорович – Илларион Федосеев аатынан Тааттатааҕы оҕо уонна ыччат спортивнай оскуолатын директора, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ.
- Ширяев Константин Афанасьевич – Тааттатааҕы үөрэҕирии салалтатын сүрүннүүр специалиһа.
- Старостин Иван Вячеславович -Таатта улууһун ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын отделын салайааччыта.
- Аржаков Алексей Валентинович – Владимир Ильич Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын директора, Таатта улууһун олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллэээх органын дьокутаата.
- Другин Виктор Иннокентьевич — урбаанньыт, Таатта улууһун олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллээх органын дьокутаата, Таатта Норуодунай тыйаатырын артыыһа, “Өрөгөй” эр дьоннор ансамбылын кыттыылааҕа, “Хапкаан” сахалыы уус-уран киинэ сүрүн дьоруойа
Күрэх тэтимнээхтик, үрдүк таҺымнаахтык ааста, ол түмүгүнэн «Кыталык Куо — 2024″, » Үрүн Уолан — 2024″ аатын сүктүлэр: Апросимова Илона Баайаҕа орто оскуолатын үөрэнээччитэ уонна Николай Чехченнонов Тыараһа орто оскуолатын үөрэнээччитэ буоллулар.
Номинацияларга тигистилэр:
Кыргыттар:
- Мисс «Очарование» — Айсена Яковлева, Ытык – Күөл бастакы нүөмэрдээх орто оскуолата
- Мисс «Грация» — Илона Апросимова, Баайаҕа орто оскуолата
- Мисс «Интеллект» — Мария Чемпина, Тыараһа орто оскуолата
- Мисс «Талант» — Алина Васильева, Чымнаайы орто оскуолата
- Мисс «Дружба» — Симона Макарова, Дьохсоҕон орто оскуолата
- Мисс «Национальный костюм» — Надежда Игнатьева, Харбалаахтааҕы образовательнай комплекс
- «Приз зрительских симпатий» — Сайнаара Мосоркина, Тааттатааҕы лицей
- Мисс «Фото» — Нарияна Турнина, Игидэй орто оскуолата
- Мисс «Творчество» — Нина Турнина, Ытык – Күөл орто оскуолата
- Мисс «Стиль» — Далаана Ефимова, Туора – Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолата
- Мисс «Улыбка» — Ирина Местникова, Чычымах орто оскуолата
- Мисс «Сатабыл» — Тамара Стручкова, Чөркөөх орто оскуолата
Уолаттар:
- Мистер «Талант» — Кузьма Кузьмин, Туора – Күөл орто оскуолата
- Мистер «Интеллект» — Григорий Дедюкин, Игидэй орто оскуолата
- Мистер «Дружба» — Феликс Жегусов, Чөркөөх орто оскуолата
- Мистер «Национальный костюм» — Артур Комиссаров, Дьохсоҕон орто оскуолата
- «Приз зрительских симпатий» — Александр Герасимов, Тааттатааҕы лицей
- Мистер «Спорт» — Дамир Прокопьев, Чымнаайы орто оскуолата
- Мистер «Бэргэн» — Иванов Данил, Баайаҕа орто оскуолата
- Мистер «Стиль» — Максим Иовлев, Ытык – Күөл бастакы нүөмэрдээх орто оскуолата
- Мистер «Стремление» — Николай Чехченнонов, Тыараһа орто оскуолата
- Мистер «Сатабыл» — Эдгэр Винокуров, Ытык – Күөл бастакы нүөмэрдээх орто оскуолата
Күрэх үрдүк таһымҥа барарыгар уонна кыттааччылар түһүмэхтэргэ бэлэмнэнэн киириилэригэр бириэмэ биэрэн ыллаан – туойан, үҥкүүлээн киэргэттилэр: «Sata Dance» куруһуок үҥкүүһүттэрэ, Тааттатааҕы лицей барабанщиктарын бөлөҕө, “Кэрэли” мода студиятын кырачаан кыргыттара, Вырдылина Кристина скрипкаҕа алыптаах музыката, Лева Тарасов ырыа, “Ситик” үҥкүүһүттэрэ, Вика Старостина, Ая Таппырова ырыа, «Ситикчээннэр» КВН хамаандата, Володя Егоров, Дьулус Уранаев, Николай Чехченнонов, Данил Иванов ырыанан киэргэттилэр.
Тэрийээччилэр ааттарыттан бары спонсордарбытыгар, күрэххэ кыттыбыт оҕолорбутугар, дьүүллүүр сүбэҕэ уонна күндү көрөөччүлэрбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Таатта улууҺун оҕону үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйар, үөрэтэр оҕо айымньытын дьиэтэ «Сатабыл» ыытар тэрээһиннэригэр инникитин да көхтөөхтүк кыттаргытыгар, сэмэй кылааккытын киллэрэ тураргытыгар баҕарабыт.
Күрэхпит ситиһиилээхтик, үөрүү үктэлинэн угуттанан, өрө көтөҕүүлээхтик ыытылларыгар күүс-көмө буолбут спонсордарбытыгар улахан махталбытын этэбит. Эһиги көмөҕүт, өйөбүлгүт биһиги тэрилтэбит үлэтэ-хамнаһа ситэри буоларыгар улахан төһүү күүс буолар. Тааттабыт ыччата куруутун үөрэ-көтө, үүнэ-сайда сылдьалларыгар, төрөөбүт улууспутугар күүс-көмө, эрэллээх тирэх буолар дьоннордоох эбиппит диэн астына, махтана олороллоругар улахан оруоллааххыт, дириҥ махталбытын этэбит.
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ