Таатта улууһугар оскуола оҕолоругар аналлаах «Төрүччү» республиканскай научнай-практическай кэмпириэнсийэ региональнай түһүмэҕэ буолан ааста. Ытык Күөлгэ Таатта, Томпо, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Амма нэһилиэктэриттэн эдэр чинчийээччилэр кэлэн сиэксийэлэринэн кыттыыны ыллылар.
«Саха уустарын сыдьааннара», «Мин төрүттэрим баһылаабыт идэлэрэ» сиэксийэлэр улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэҕэ олус көхтөөхтүк уонна интириэһинэйдик ааста. Ол курдук бары да кыттааччылар төрүттэрин дириҥник үөрэтэн, кинилэр олохторун чинчийэн, чахчы сахалар киэн туттар дьоммут сыдьааннара буолан, биллэр-көстөр өбүгэлэрин туйахтарын хатарар дьон буола улаатан иһэллэрин көрдөрдүлэр, үрдүк сыанабылы ыллылар. Оҕолор талаан уонна хайа эрэ идэҕэ сыстаҕас буолуу утумнанан бэриллэрин чаҕылхайдык дакаастаатылар. Кыттааччылар истэригэр утумнаан успуордунан дьарыктанар, уһанар, иистэнэр, ускуустуба араас көрүҥнэригэр талааннарын сайыннарар оҕолор бааллар эбит.
Ордук киһи үөрэрэ диэн, оҕолор үгүстэрэ аныгы кэм ирдэбилинэн чинчийиилэрин түмүгүн куйаар куодунан толорон, аймахтарыгар, нэһилиэктэригэр, улуустарыгар киэҥник тарҕаталлар.
Бары сиэксийэлэр түмүктэринэн кыттааччылар 1,2, 3 истиэпэннээх дипломнарынан, анал ааттарынан, «Бэс Чагда» лааҕырга уонна кэмпириэнсийэни түмүктүүр үөрүүлээх форумҥа ыҥырыыларынан наҕараадалан үөрэн-көтөн, салгыы төрүччүлэрин чинчийэр санааларын өрө тутан тарҕастылар.
Төрүччүнү чинчийии дойду устуоруйатын билиигэ, сөпкө сыаналыырга дириҥ оруоллааҕын кыттааччылар чахчы өйдөөбүттэрэ киһини үөрдэр, инникигэ эрэли үөскэтэр.
Ольга Янцен,
keskil14.ru