Атырдьах ыйын 11 күнүгэр Нам улууһун Таастаах нэһилиэгин 11 оҕото Дьокуускайга «Бэс чагда» лааҕырга сынньалаҥҥа бардылар.
Кинилэри орто оскуола үөрэх чааһыгар сэбиэдэссэйэ Туйаара Марковна Аргунова уонна физкультура учуутала Феодосия Гаврильевна Тастырова салайан илдьэ сылдьыахтара.
Оҕолор аҕыйах кэм иһигэр бэрт ыксаллаахтык хомуллан, сарсыардаттан икки автобуһунан айаннаан, Намнааҕы киин поликлиникаҕа медицинскэй көрүүлэрин бара охсоннор, эбиэт иннинэ айаннаатылар. Кинилэр лааҕырга 21 хонук устата сынньаныахтара.
Саамай кыра саастаах оҕо быйыл бастакы кылааска үөрэнэ киириэхтээх. Улахаттар — 9-с кылаас үөрэнээччилэрэ.
Анастасия Корякина, «Эҥиэли» хаһыат.
Подробнее: https://ulus.media/article/20532