Иннокентий Петрович Суздалов (1905-1954 cc.) Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр төрөөн, үлэлээн, дьоһуннаахтык олорон ааспыта. Аҕа дойду уоттаах сэриитин хорсун кыттыылааҕа. Наҕараадалара: «Германияны кыайыы иһин» мэтээл, «Кыһыл сулус» уордьан.
Мин таайым колхоз бастыҥ үлэһитэ, хонуу биригэдьиирэ Иннокентий Суздалов 1942 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыллыбыта. Иннокентий Петрович уоттаах кыргыһыыга икки сыл устата Арҕаа фроҥҥа хорсуннук сэриилэспитэ. 1944 сыллаахха өстөөх буулдьатыттан ыараханнык атахха бааһыран дойдутугар эргиллибитэ. Хорсуннук сэриилэспитин иһин «Кыһыл сулус» орденынан, «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Дойдутугар кэлэн эмтэнэн баран, эмиэ биригэдьииринэн олоҕун тиһэх күнүгэр диэри үлэлээбитэ. Төһө да үөрэҕэ суох буолбутун иһин, кини үлэтин олус бэркэ сахалыы өйүнэн, сүрэҕинэн сирдэтэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит. Кини ыйыытынан, ол кэмҥэ бурдук үүннэриитигэр элбэх үлэ оҥоһуллубут. Холобур, кини таҥастаппыт бааһыната Намҥа «Нэлэгэр» эбит. Билигин «Нэлэгэр» дьон олорор сирэ буолан турар.
Иннокентий Петрович 8 оҕото бары ыал буолан, оҕолонон үлэһит дьон буолбуттар. Биир кыыһа, Вера Иннокентьевна Суздалова, аҕатын туйаҕын хатаран, сир үлэһитэ буолан, Одесса куоракка олохсуйан олорбута. Кини учуонай, Таиров аатынан институтка гидрометеостанция үлэһитэ этэ. Хомойуох иһин, бу 2024 сылга ыалдьан олохтон туораабыта.
Иннокентий Суздалов 49 эрэ саастааҕар, сэриигэ ылбыт бааһырыытыттан олохтон барбыт. Ол да буоллар, төрөөбүт нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, кини сэриигэ хорсуннук сэриилэспитин уонна үрдүк көрдөрүүлээх бастыҥ үлэтин иһин, Улуу Кыайыы 30 сыллаах үбүлүөйүгэр, кини бэйэтэ уонна аҕыс бииргэ төрөөбүт бырааттара олорбут уулуссаларыгар аатын үйэтитэн аатын иҥэрбиттэрэ.
2017 сыллаахха эдьиийдээх убайым, таайбыт Иннокентий Петрович Суздалов мэтириэтин Москва куоракка «Бессмертный полк» хаамыытыгар анаан-минээн көтөн тиийэн кытыннарбыттара.
Вика Бурнашева, 9 саастаах,
В.П. Артамонов аатынан Хамаҕаттаттааҕы саха-француз лиссиэй 3 кылааһын үөрэнээччитэ,
Нам улууһа.