Иван Петрович Суздалов–II (1907-1967). Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэ. Украина фронун кыттыылааҕа. Вена куоракка тиийэ сэриилэспит. Наҕараадалара: 3 степеннээх “Слава” орден, “Хорсунун иһин” икки мэтээл, “Германияны кыайыы иһин” мэтээл.
Иккис таайым Иван Петрович Суздалов–II (1907-1967 сс.) Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр олорон, үлэлээн ааспыта. Аҕыс бииргэ төрөөбүт ини-бии Суздаловтар “Аччыгый Уйбаан” диэн таптаан ааттыыр уоллара этэ. Кини бииргэ төрөөбүт убайа Иннокентий Петрович Суздаловтыын (1905-1954 сс.) дойдуларыгар Улуу Кыайыыны аҕалбыт хорсун-хоодуот саха саллааттара.
1944 сыл от ыйын 21 күнүгэр Иван Петрович сэриилэһэр чааһыттан дьонугар ыыппыт суругар маннык суруйбут “….Днепр, Ингулец, Соҕуруу Бут уонна Днестр иһин сыралҕаннаах кыргыһыыларга сырыттым. Украина биир бөдөҥ, областной киинин, Чернай муора улахан пордун Одесса куораты киһини сиэччи гитлеровскай ньэгэйдэртэн босхолоотубут…”. Бу сурук 1944 сыллаахха ”Колхоз сирдьитэ” хаһыат 40-с нүөмэригэр бэчээттэммит. Таайым хорсун буойун, Ийэ дойдутун төлөннөөхтүк таптыыр саха сэмэй саллаата буоларын бу кылгас быһа тардыы туоһулуур.
Иван Петрович сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн дойдутугар кэлбитэ. Сэрии кэнниттэн учууталынан үлэлээбитэ. Ыал буолан, оҕолонон-урууланан сирдээҕи дьолу билбитэ.
Таайдарым Иван, Иннокентий Суздаловтар сырдык ааттара Хамаҕаттаҕа “Албан аат” скверигэр үйэтитиллэн киирбиттэрэ, Москва куоракка “Бессмертный полк” сэлэлии хаамыытыгар кыттыбыттара, Москва куорат “Дорога памяти” музейыгар үйэ-саас тухары көмүс буукубаларынан суруллубуттара.
Биһиги, кинилэр сиэннэрэ, хос сиэннэрэ хорсун дьоммутугар махтанабыт, киэн туттабыт, сүгүрүйэбит, кинилэр үтүө ааттарын умнубаппыт!
Вика Бурнашева, 9 саастаах, В.П. Артамонов аатынан Хамаҕаттатааҕы саха-француз лиссиэй 3 кылааһын үөрэнээччитэ, Нам улууһа.