Дьон бары оскуолатааҕы маҥнайгы тапталларын наһаа ыраас, сырдык курдук ахтан-санаан кэпсииллэр. Киһи эрэ ымсыыра истэр, ааҕар. Оттон миэнэ оннук буолбатах этэ. Бу санаатахха, туох да үчүгэйэ суох эбит. Арай ол саҕана барыта кэрэ курдуга. Уол барыта эккирэтэр кыыһа миигин талбыта да долгутуулааҕа. Үтүөнү-мөкүнү өссө да араара үөрэнэ илик кэнэн бэйэм, ол сыһыаны улуу тапталга кубулутан, ис сүрэхпиттэн үөрэрим, хаһан да билбэтэх иэйиибэр куустарарым.
Дьикти саас
Ол дьикти саас мин, улаатар, уларыйар сааһым кэлэн, эмискэ дьэргэйбитим, сытыырхайан аҕай турбутум. Биир да кыыһы аһарбакка, барыларын аҥаар кырыытыттан дьээбэлиирим. Учууталлар: “Билигин ойох ылаары гынаҕын дуо? Бастаан сайабылыанньаны сыыһата суох суруйарга үөрэн”, — диэн мөҕөллөрө.
Оннук хаадьылаһан, күлэн-оонньоон, тохсус кылааһы бэрт көрдөөхтүк, көхтөөхтүк бүтэрбиппит. Наһаа үчүгэй кэм этэ. Уһуктуу, тыллыы. Киһи олоҕун, чахчы, дьикти сааһа. Дьиэтээҕи кыһалҕаны, үөрэҕи төрүт санаабат буолаҕын, өйүҥ-санааҥ барыта уол-кыыс эрэ туһунан. Күн аайы туох эрэ соһуччу үөрүүнү кэтэһэҥҥин, олус сэргэхтик сэгэйэ сылдьаҕын, ол көһүтүүттэн дьоллоноҕун. Сайа хоһоонугар этиллэринии:
Ол этэ дьикти саас —
Үөйбэтэхтэн көтөҕүллүү,
Бу олохтон дьолу сүүйүү
Үөрүүтүнэн үлүһүйүү…
Афродита
Мин кинини аан бастаан ыһыах саҕана көрбүтүм. Сөтүө сезонун бастакынан арыйаары, сылаас күн үүммүтүгэр үрэхпитигэр бардыбыт. Тиийбиппит, кыргыттар биһигини урутаабыт этилэр, кэлэ охсон, номнуо чомполоно сылдьаллара.
—Уу хайдаҕый, сылаас дуо? – Баанньыска таҥаһын уста туран, хаһыытаан ыйытта. Онуоха ким эрэ:
—Оттон наһаа тымныы буолбатах, — диэн унаарытан, ыллаан эрэр курдук бэрт эйэҕэстик эппиэттээтэ.
Кэннибинэн сыгынньахтана туран, наһаа наҕыл куолаһы истэн, эргиллэ биэрдим. Көрбүтүм, кылбаа маҥан кыыс ууттан тахсан иһэрэ. Мин санаабар, оруобуна Афродита муора күгэнин быыһыттан тахсан эрэрин курдуга. Ол түгэн харахпар бытаардыллыбыт киинэ курдук көстүбүтэ, өйбөр-сүрэхпэр күн бүгүнүгэр диэри хатанан, иҥэн хаалбыт.
Сытыы, солуута суох бэйэм тылбыттан матан, талбааран турбутум. Онтон өйдөнөн, наһаа одуулуу турарбыттан кыбыстан, сүүрэн тиийэн, ууга умсан хаалбытым.
Ол күнтан ыла наар Афродитабын саныыбын. Син онтон-мантан сэмээр ыйыталаһан, кимнээххэ кэлбитин, хаһыс кылааһын, аатын биллим. N. улуустан маннааҕы аймахтарыгар олоро кэлбит. Миигиттэн биир сыл аҕа эбит.
Үрүҥ түүн
Ыһыах күн буолла. Дьэ, мин хаһааҥҥытааҕар да бэлэмнэнии бөҕө. Дьоммун хаайан туран, саҥа таҥас эҥин ыллартардым.
Онтукабын кэтэн, ыһыахха бардым. Хаһан да аһыллыытын сиэрин-туомун көрбөт бэйэм харыс да сири хамсаабакка олорон көрдүм. Ол тухары хараҕым наар кинини көрдүүр. Суох да суох. Хомойон хааллым. Туран бараары гыммыппар, ыытааччы: “Көрсүҥ, Лера Иванова (аатын уларыттым). Чороонноох үҥкүү”, — диэтэ. Сүрэҕим күүскэ тэптэ. “Кини быһыылаах” дии санаатым. Кырдьык, кини эбит. Имигэстик хамсанан, бэркэ үҥкүүлээтэ. Санаабар, миигин көрө-көрө мичээрдиир курдук. Долгуйуу бөҕөбүн.
Ол киэһэ үрүҥ түүҥҥэ, табаарыспын кучуйан, кинилэри кытта бииргэ сылдьарга быһаарынныбыт. Кыргыттар үһүө этилэр. Икки кыыһын билэбит. Биһигиттэн биир сыл аҕалар. Олорго кыһаммаппыт. Сүрүн сорукпут – Лера. Хата, бэрт сайаҕас буолан, туох да толлуута-кыбыстыыта суох түргэнник биир тылы буллубут, бэркэ тапсан кэпсэттибит. Мин көтүөхпүн кынатым эрэ суох. Санаабар, киһи барыта күлэ-үөрэ сылдьар курдук.
Онтон кыргыттарбыт, тугу эрэ сибигинэһэн баран, ханна эрэ баран хааллылар. Чааһы быһа кэтэстибит. Ыксаан, табаарыспын кытта көрдүү бардыбыт. Онтубут дьоммут паарка тыатыгар пиибэлии олороллор эбит. Соһуйдум аҕай. Ол эрээри итиччэ үчүгэй кыыһы куоттарымаары, бу акаары бэрт буола сатаан, тэҥҥэ иһистим. Аан бастакыбын боруобалаатым абааһы астарын. Оттон кыыһым элэккэй бөҕө. Аттыбар олорор. Онтон аны тоҥнум диэн куустарда. Мин буоллаҕына ол аайы үөрүү бөҕө.
Оннук куустуспутунан дьиэлээтибит. Мин кинини атаардым. Аара күн тахсыытын көрдүбүт. Утары туран уурастыбыт. Билигин санаатахха, туох даҕаны романтика, туох эрэ биллибэттэн долгуйуу эҥин диэн суох эбит. Барыта наһаа судургута, боростуойа.
Тэмэлдьигэн
Ол күнтэн ыла олох урут-уруккуттан билсэр дьон курдук сыллаһа, куустуһа сылдьар буолбуппут. Дэриэбинэ дьоно доҕордоһорбут туһунан тута билбиттэрэ. Ол иһин кыбыстыбакка, күнүс да сиэттиһэрбит. Ийэм: “Быгыахтаан кыыс оҕото. Онно-манна тиэрдэн кэбиһиэ”,— диэн сэрэтэрэ.
Оттон мин онно кыһамматым, умсулҕан иэйиитигэр куустаран сылдьарым. Хаһан кыыстыын доҕордоспутум баарай? Кинини кытта биир сайын сылдьаары, табаҕы, арыгыны амсайбытым, сыллаһары-уураһары сатаабытым. Билигин саныыбын ээ, онус кылаас эрээри, наһаа да эрдэ буорту буолбут кыыс эбит. Итиччэ үчүгэйдик үҥкүүлүүр, ыллыыр, кыраһыабай, чоруун, нарын эрээри, тоҕо наар куһаҕаҥҥа, күүлэйгэ охтубута эбитэ буолла? Баҕар, дойдутугар баппакка, биһиэхэ, кыра дэриэбинэҕэ, сыылкаҕа ыыппыттара буолуу дуу? Ол саҕана оннук толкуй суоҕа. Кылаабынайа, кини эрэ аттыбар баар буоллун – ол дьол этэ. Биирдэ эмэ: “Табахтаамарыый, чыычаах”, — диэтэхпинэ, сып-сырдыгынан унаарыччы көрөн кэбиһэрэ. Оччоҕо мин тылбыттан матарым, оннук аанньалы хайдах сэмэлиэхпиний?!
Күһүн
Үөрэх дьыла саҕаламмыта. Сайылыы барбыт, окко биригээдэҕэ сылдьыбыт, лааҕырга сынньаммыт оҕолор бары кэлбиттэрэ.
Билии күнүн дискотекатыгар Лера оҥостон аҕай кэлбит этэ. Үрдүкү кылаас уолаттара бары көрүү-истии, сэҥээрии бөҕө. Кинилэр миигинниин сылдьарын бэркэ билэллэрэ эрээри, онно эрэ наадыйбакка, бытаан үҥкүүгэ ыҥыр да ыҥыр буолбуттара. Лера да миэхэ кыһаллыбакка, үөрүүнэн сөбүлэһэн иһэрэ. Ол аайы мин ньиэрбинэйдээн, тахсан табаҕы бурҕат да бурҕат. Өссө уоран истим эҥин. Бу акаары, кыһыйбыт, күнүүлээбит аатыран.
Лерам олох да мин диэки көрбөт. Оскуолабыт саамай “кыраһаапчык” уолун кытта сиэттиһэ сылдьар буолбут этэ. Онтон сылтаан охсуһуу, сарсыныгар дьүүл.
Отуор алдьаныыта
Соннук түргэнник уонна судургутук, туһаттан тахсыбыт мал курдук, мин эрэйдээх быраҕыллыбытым. Оччолорго кыһыылаах да этэ. Олоҕум онон бүппүтүн курдук кэбилэммитим. Уоран табахтыыр, ыччаттары кытта арыгылыыр буолбутум. Тута оскуола саамай күлүгээнигэр кубулуйбутум. Ийэм ытаан, аҕам кыыһыран сордоноохтууллара.
Онтон, хата, саҥа тренер кэлэн, мас тардыһыытынан үлүһүйбүтүм, эһиилигэр спортивнай оскуолаҕа көспүтүм.
Билигин ол кыыс ханна баарын билбэппин. Сураҕа, олоҕо табыллыбатах үһү. Оттон мин, куһаҕан кэмэлдьилээх кыыһы күн-ый оҥостон, сыыһа суолунан бара сыыспыппын билигин санаан сонньуйабын. Хата, кэмигэр өйдөөммүн, сөптөөх хайысхаҕа олохпун салайбытым.
Киһи тас көстүүнү буолбакка, ис санаа кэрэтин таптыахтаах эбит. Уонна хаһан да эйигин аллара тардар дьону кытта бодоруспат буолуҥ. Сырдык ыраларынан үрдүккэ кынаттыыр дьоннуун өрүү алтыһыҥ!
С.