Тохсунньу томороон тымныытын кэмигэр Таҥха күннэрэ үүнэллэр. Бу кэмҥэ киһи айылҕата чарааһыыр: мээнэ истибэтин истэр буолар, көрбөтүн көрөр буолар уонна сорохтор Ороһуоспа күнүттэн, сорохтор эргэ Саҥа дьылтан таҥхалаан бараллар.
Бу кэмҥэ айылҕа улаханнык уларыйар, сүллүүкүттэр ууттан тахсаллар. Кинилэр дьоҥҥо маарынныыллар, хаастара суох, айахтара баҕа айаҕын курдук уонна уу салахайынан эттэрэ-сииннэрэ бүрүллэ сылдьар. Аан бастаан саамай күүстээхтэрэ тахсаллар – кыралар тахсалларыгар көмөлөһөр курдук. Кинилэр дьиэ көрдүүллэр, оһох оттоллор – балар тахсыбыттарын кэннэ халлаан биир күн кыратык сылыйан ылар. Тохсунньу 13-14-гэр бары тахсаллар. Үлүскэннээх тымныыларга сүллүүкүттэр уу аттыгар сылдьа сатыыллар эбит, сылаас кэмҥэ – дэриэбинэни кэрийэллэр. 19 чыыһыла кэнниттэн ууга төттөрү киирэллэр.
Былыр сүллүүкүттэртэн куттанан, дьон сүллүүкүттэр киирбэтиннэр диэн түннүк, аан үрдүнэн отунан- маһынан оҥорон кириэс анньар этилэр, кэнники кэмҥэ ойуулуур буолбуттара. Сүллүүкүттэр сылга биирдэ эрэ тахсаллар – уу састааба сибэтиэй буолар кэмигэр. Дьэ, ол кэми тутуһан саха барахсан инникитин билээри таҥхалаан хаалар.
Сүллүүкүттэр мунньахтара
Сүллүүкүттэр түүн тахсаллар уонна тэйиччи соҕус турар быраҕыллыбыт дьиэлэргэ, балаҕаннарга киирэллэр. Ол дьиэҕэ киирэннэр хаартылыыллар, харчыга оонньууллар, харчылара көмүс буолар. Таҥха кэмигэр быраҕыллыбыт, тоҥон турар дьиэҕэ баран сүллүүкүттэри иһиллиэххэ сөп. Үчүгэйдик таҥнан, остуол анныгар дуу, таҥас бүрүнэн олорон. Сөпкө тайаннахха, оруобуна сүллүүкүттэр киирбит дьиэлэрин буллаххына, сүүйүүлэрэ улааттаҕына, улаханнык сарылаан баран остуолу тиэрэ бырахтаххына, сүллүүкүттэр соһуйан куоталлар, оччоҕуна харчыларын хомуйан ылаҕын уонна үс күн иһигэр бүтэрэ охсуохтааххын. Бүтэрэ охсубатаххына, харчыҥ уу салахайа, ньамаҕа буолар дииллэр.
Ол гынан баран сүллүүкүттэр мунньахтарыгар байа-тайа эрэ киирбэккин. Хаартылыы олорон сүллүүкүттэр саҥарбакка олорботтор, бу үүммүт саҥа сыл туһунан ону-маны кэпсэтэллэр. Ону «өлбүт киһи» буолан дуу, оһох кэннигэр, остуол анныгар саһан олорон истиэххэ сөп.
Сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр аныгы дьон сэрэбиэйдэрэ
Бүлүүһэ сүүрдүүтэ. Бүлүүһэни сүүрдүөх иннинэ чүмэчигэ кэриэрдэллэр, ортотун кичэйэн сылыталлар. Бүлүүһэ иччитин алҕаан баран өлбүт киһи дууһатын ыҥыраллар. Ыҥырар киһигит буукубаны билэр, ааҕар-суруйар үөрэхтээх киһи буолуохтаах. Өлбүтэ үс сыл буола илик киһини аньыырҕаан ыҥырбаттар. Кини дууһата моһуоктаһыан, арахпакка буулуон сөп дииллэр. Ардыгар утуйа сытар киһи дууһатын ыҥырааччылар. Сарсыныгар ол киһиттэн ыйыттахха эрэйдээхтик утуйбутун туһунан этээччи. Оттон бит-билгэ дьиҥнээх хаамыытын истиэххин баҕардаххына өлбүт киһи дууһатын ыҥырыахтааххын.
Бүргэс сүүрдүүтэ. Бүргэс сабыттан соҕотох киһи тутар. Оонньооччута хас баҕарар буолуон сөп. Оттон сүүрэр кумааҕыта оруобуна бүлүүһэ хонуутун курдук, ол эрээри кыра кээмэйдээх буолар. Манна альбом лииһэ оруобуна сөп түбэһэр. Кумааҕы ортотугар уһуктаах өттүнэн тирэнэн турар иннэ кэлин өттүнэн ыйан-кэрдэн биэрэр.
Кинигэ ааҕыыта. Кинигэни ааҕарга остуол икки өттүгэр чүмэчи уматыллар. Ордук кэпсээннээҕинэн-ипсээннээҕинэн, боппуруоска таба эппиэттииллэринэн Амма Аччыгыйын «Сааскы кэм», Николай Якутскай «Төлкө», Далан «Дьылҕам миэнэ» уо.д.а. халыҥ арамаан кинигэлэрин ааттыахха сөп. Боппуруоһу ыйытан баран хараххытын симэн баран түбэһиэх сирэйи арыйан түбэһиэх этиини эмискэ ыйаат ааҕаҕыт.
Түөрэх быраҕыы. Мас хамыйаҕы кэннилэринэн туран «Инникибин түстээн түөрэх түҥнэстимэ» диэн баран быраҕаллар. Хамыйах сирэйинэн олоро түстэҕинэ эн тускар үчүгэй дьыл кэлбит.
Этэрбэһи хаамтарыы. Кэргэн тахса илик кыргыттар биир хоско этэрбэстэрин туппутунан киирэллэр. Хос ааныттан саҕалаан холумтан туһаайыытын диэки кыргыттар этэрбэстэрин хардары-таары уочаратынан тутан “хаамтараллар”. Холумтаҥҥа аан бастакынан тиийбит этэрбэс хаһаайката быйыл эргэ тахсар.
Күлүгү көрүү икки араастаах. Бастакыта, кумааҕыны (хаһыаты, тэтэрээт лииһин, бородуукта суулуур маҕаһыын кумааҕытын) «инникибин эт» дии-дии төгүрүк быһыылаах гына бүк-бах тутан баран эт эттиир хаптаһын үрдүгэр сытыаран уматаллар. Кумааҕы умайан бүппүтүн кэннэ күл мөчөкө ойоҕоһугар чүмэчини сыһыары тутан күлүгүн истиэнэҕэ көрөллөр. Эт эттиир маһы талбыккынан эргитэ сылдьыаххын сөп.
Иккиһэ, кырыыта суох толору уулаах ыстакаан түгэҕэр кыһыл көмүс биһилэҕи тимирдэллэр. Чүмэчи уотугар сыҕайан маннык алгыыллар: «Мин аналым, мин тапталым, олоҕум аргыһа, дьылҕам тардыыта көһүн, үтүө мөссүөҥҥүн, үчүгэй дьүһүҥҥүн көрдөр, көөчүктээ». Биһилэх иһигэр кэргэн буолар киһиҥ көстүөхтээх.
keskil14.ru