Таҥха кэмигэр иннэнэн (“чертик”) таайарга сананныбыт. Биир кыыспытыгар кылааһынан бары муһуннубут. Куочук өлбүт эһэтин ыҥырдыбыт.
Уокка тутан итиппит иннэбит хамсаабытыгар, боппуруостарбытын утуу-субуу биэртэлээн бардыбыт. Быйыл үөрэххэ киирэрбитин дуу, суоҕун дуу, ким хаһан ыал буоларын эҥин туоһуластыбыт. Санаабар, син кырдьыктаахтык хоруйдуур курдуга. Сорохтор: “Оруобуна этэр”, — диэн күөртээн кэбиһэннэр, аны ким кими сөбүлүүрүн сураһарга соруннубут.
Сытыы-хотуу Галябыт, сыыры намыһахтыы, бастакынан саҥата суох сэмэй Миисиктэн саҕалаата, кинини ким астынарын ыйытта. Онуоха… мин аатым тахсан кэллэ! Кыбыстаммын: “Эс, эс, сымыйа”, — дии сатаатым. Миисик, үгэһинэн, тугу да саҥарбата. Оттон табаарыстар маннык “тоҕоостоох түгэни” мүччү тутуохтара баара үһү дуо?! Хаадьылаан бардылар. Устунан күлсүү-салсыы, онтон тыл бырахсыыта, тиһэҕэр аахсыы саҕаланна, этиһиинэн түмүктэннэ. “Киһибитин” түргэн үлүгэрдик “ыытан” баран¸ кыыһырсан тарҕастыбыт.
Дашалыын аргыстастым. Дьүөгэм барахсан миигин саарата сатаан:
—Ээ, ити Галя бэйэтэ тарбаҕынан анньа сылдьар. Соруйан иэстэһэн эттэ, эн ааспыкка олимпиадаҕа бастаабыккын иһин кыһыйан, — диэн сылыктыыр.
Итиччэлээҕи истэн баран, мин уоскуйуом баара үһү дуо? Төттөрүтүн, уокка арыыны бырахпыттыы, өрүкүйэ түстүм.
—Сарсын кинилиин быһаарсыам… Наһаалаабатын. Сэниир киһитин булбут дии, — диэтим.
Сарсыҥҥы күнүгэр оскуола биһиги “битбит-билгэбит” туһунан туолбут этэ. Саатан өлө сыспытым. Алта уруогу нэһиилэ тулуйан олорбутум. Үөрэхпит бүппүтүн кэннэ, уруккум курдук кыргыттары кытта сэлэһэ хаалбакка, сып-сап хомунан, дьиэбэр ойбутум.
Дьиэбэр чугаһаан иһэн көрдөхпүнэ, саһааммыт аттыгар киһи турар. Онтукам Миисик эбит.
—Тоҕо кэллиҥ? Бүлүүһэҕэ итэҕэйдиҥ да? Мин эйигин сөбүлээбэппин ээ… —диэн үллэ кыыһырдым.
— Билэбин, Лаана… Бырастыы гын, итинник тахсыбытыгар… Хайа эрэ үөннээх дьээбэлэннэ быһыылаах… Чэ, сүрэххэр наһаа чугастык тутума. Ким да ону дьиҥнээхтик ылыммата. Көр-күлүү эрэ курдук санаатахтара дии… Сарсын умнуохтара… Ити… Баҕар… Баҕар.. бүлүүһэ төттөрү эппитэ буолуо… Мин эйигин сөбүлүүрбүн, боппуруоһу сыыһа өйдөөн, тиэрэ эппиэттээбитэ буолуо…
Кини бэйэтиттэн, мин Миисик хорсун билиниититтэн соһуйан, иккиэн саҥата суох ах баран, чочумча көрсөн турдубут. Онтон мин күлэн тоҕо бардым. Ону көрөн, кини эмиэ күллэ. Иккиэн быара суох күллүбүт. Онтон эмискэ уоскуйан хааллыбыт.
—Миисик, үтүө тылларыҥ иһин махтал… Чэ, мин дьиэбэр киириим. Тоҥнум, — диэтим.
Ол күнтэн ыла мин эрэллээх доҕордоннум. Ити иннинэ кинини хаһан да өйдөөн да көрбөт этим. Билигин хас күн аайы кэпсэтэбит.
Оттон Галяҕа махтаныах эрэ кэриҥнээхпин. Кини “үтүөтүнэн” бу күн сиригэр миигин наһаа күүскэ таптыыр киһи баарын билбиппэр.
Лаана.