Оҕолоор, бүгүн Таҥха — бит-билгэ түмүктүүр күнэ. Билгэлэнэн көрдүгүт дуу? Онтон бу сүрдээх судургу билгэни эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабыт. Чугас дьоҥҥутун, доҕотторгутун, билэр дьонноргутун өйдөөн көрөөрүҥ эрэ, бу бэриллибит билгэнэн майгыларын туһунан өссө чиҥэтэн билиэххитин сөп.
Харах:
1. Быччайбыт, киэҥ харахтаах киһи — эр санаалаах, хорсун, уйан. Онтон халтаһатыгар элбэх мыччыстыбыт буоллаҕына — салайар былааска тардыһар санаалаах киһи буолар.
2. Кэтит, төгүрүк харахтаах киһи — баҕа санаата элбэх. Сүрэҕэлдьэс, албын-көлдьүн киһи.
3. Кыараҕас харахтаах киһи — өһөс, бэйэтин уоскутунар, халбаҥнаабат олохтоох.
4. Кыра, хара харахтаах киһи — ону-маны билэ сатыыр, чаҕылхай саҥалаах, сыыдам киһи. Өскө хараҕа сүүрэкэлиир буоллаҕына — албын.
5. Уһун, синньигэс харахтаах киһи — өйдөөх, сороҕор киитэрэй, ордугургуу саныыр идэлээх.
6. Хараҕын олоҕо дириҥник дьөлө түспүт киһи — олоҕор ситиһиитэ, соргута суох.
7. Хараҕын үрүҥэ саһархай, кыһыллыҥы тымырдардаах киһи — олоҕор табыла суох киһи.
8. Хараҕын үрүҥэ саһара көҕүрүмтүйэр, уулаах уонна хараҕын уһугун төрдө кытарымтыйар буоллаҕына — ол киһи тулалыыр эйгэтигэр интэриэһин сүтэрбит киһи.
9. Олус харатыйан көстөр харахтаах киһи — олоҕор толору эрэллээх.
10. Хараҕа сырдаан көстөр киһи — олоххо күүһэ өһүллэн эрэр.
11. Күөх харахтаах киһи — үтүөкэн дууһалаах.
12. Үүт өҥүнэн күөх харахтаах киһи — тоҥуй, нус бааччы.
13. Хараҕа араҕас, дьиппиэ көрүүлээх киһи — үлэһит, кытаанах санаалаах.
14. Сиэрэй харахтаах киһи — үтүө киһи, киһи тылын ылынымтыа.
15. Араҕас харахтаах — хабыр киһи.
Мурун:
1. Уһун муруннаах киһи — бэйэтин эрэ көрүнэр киһи.
2. Көнө, уһун муруннаах — өйдөөх киһи.
3. Уһун мурунугар өҥүргэһигэр бөкчөгөрдөөх киһи — бэйэтин үрдүктүк туттунар, кэдэрги санаалаах.
4. Кылгас муруннаах киһи — аһаҕас дууһалаах.
5. Кэтит муруннаах киһи — үтүө санаалаах, чанчарык туттунуулаах.
6. Кэтит олохтоох муруннаах киһи — кытаанах санаалаах киһи.
7. Мурунун төбөтө хотой тумсунуу умса түһүүлээх киһи — албын-көлдьүн, сороҕор туттунумтуо киһи.
8. Хантаҕар муруннаах киһи — өс киирбэх, итэҕэйимтиэ.
9. Сангаҕар таныылаах, сынтаҕар муруннаах — атаах, кыайан туттуммат киһи.
10. Муннун төбөтө сииктээх — толлугас, эрэмньитэ суох, мунаах.
11. Таныыта олус кыра — тылга кииримтиэ, кэбирэх киһи.
12. Таныыта кэтит — тус бэйэтин санаатынан дьаһанар киһи.
Айах
1. Айаҕа кыра — майгыта мөлтөх.
2. Улахан айахтаах —эр санаалаах.
3. Айаҕын тардыалатар — хайа эмэ ойоҕос икки ардын ньиэрбэтэ ыалдьар.
Уос
1. Уоһун ньимийээччи киһи — наһаа сэрэх киһи.
2. Төгүрүк, толору уостаах — туруоруммут соругун толоругас киһи.
3. Быстаҕастыҥы айахтаах уостаах — ньиэрбинэй систиэмэтэ ыалдьар.
Киһи кэллэҕинэ майгытын быһаарар
1. Күлэригэр айаҕын саба туттан күлэр киһи — эрэбилэ суох киһи.
2. Айаҕын киэҥник атан, дорҕоонноохтук алларастаан күлэр киһи — дохсун майгылаах киһи.
Кулгаах
1. Таллаҕар, синньигэс кулгаахтаах киһи — муусукаҕа дьоҕурдаах.
2. Кыра, модьу сонос кулгаахтаах киһи — өһү ситиһимтиэ, уларыйымтыа майгылаах киһи.
3. Уһун, чараас кулгаахтаах киһи — кэччэгэй, ымсыы киһи.
4. Кулгааҕын эминньэҕэ уһун — уһун үйэлээх, өйдөөх киһи.
5. Кулгааҕа саһаран көстөр киһи — аһаах.
Игнатьев Н.Л.-Билгэ «Билгэлээһин уонна таҥхалааһын» (1995 с.) кинигэтиттэн ылылынна.