“Таҥаска аппликация” диэн үгэскэ кубулуйбут куонкурус 20-с төгүлүн иискэ-оһуорга талба талааннаах, айар-тутар оҕолору Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар муста. Уопсайа 30-ча кыттааччы дьэрэкээн көстүүлээх оҥоһуктарынан быыстапка ыытылынна. 3 уруок устата оҥорбут үлэлэрин бастыҥ үлэни дьүүллүүр сүбэ быһаарыаҕа.
20 сыл устата бу куонкурус элбэх көлүөнэни иитэн таһаарда. Урут куонкуруска кыттыбыт оҕолор улаатан баран оҕолоро кытталлар. Кинилэр бу үөрүйэхтэрин оҕолоругар тиэрдэллэр. Ол аата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ситим үөскүүрүн туоһута буолар.
Любовь Афанасьевна Федорова, Дьокуускай куорат технология учууталларын методическай түмсүүтүн салайааччыта:
Бу күрэх буолбута 20-чэ сыл буолла. Үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ мустаммыт үчүгэйдик ыыттыбыт. Күрэхпит сылын аайы оскуолата уларыйа сылдьар. Былаанынан ханнык баҕарар оскуолаҕа буолуон сөп. Үксүн 14-с оскуолаҕа буолар этэ. Бу күрэҕи иилээн-саҕалаан, толкуйдаан ыытар учууталбыт Наталья Абдуловна Абсалихова, 5-с нүөмэрдээх оскуола технология учуутала буолар. Күүстээх, өйдөөх үлэтигэр бэриниилээх, талааннаах, оҕолору элбэххэ уһуйар учуутал. Кини Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Россия федерациятын үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ. Наталья Абдуловна биһигини элбххэ үөрэппитэ, такыйбыта. Кини биһиэхэ холобур буолар. Бу куонкурсу толкуйдаан өр сылларга ииппитэ олус улахан суолталаах. 20 сыл устата төһөлөөх элбэх оҕо такыллан, үөрэнэн кэлбитэ буолуой! Оччолорго 15 саастаах кыыс билигин 35 саастаах. Кини бэйэтин оҕото быһа холоон эттэххэ номнуо оскуолаҕа үөрэнэр. Ол тухары ситимин быспакка күрэхтэһиибит буолар, оҕолору элбэххэ үөрэтэллэр. Бу апликация арааһынай көрүҥүнэн барар. Массыынан, илии сииктэринэн, килиэйинэн, паннонан апликация оҥороллор.
Күрэх 5-с кылаастан 9 кылааска диэри. Хас кылаас аайы миэстэлэрэ тус туһунан. Сорудахтара кылааһа улааттаҕын аайы ыараан иһэр. Ол гынан баран тэрийээччилэр оҕолор кыайар үлэлэрин толкуйдаан биэрэллэр. Бу күрэх уратыта диэн эрдэ дьиэлэригэр, оскуолаҕа элбэхтик бэлэмнэнэн кэлэллэр. Дьиэҕэ оҥорбут үлэлэрин аҕаланнар быыстапка оҥороллор. Ол быыстапка үлэтин дьүүллүүр сүбэ эмиэ сыаналыыр. Сыаналаан баран билигин куонкуруска 3 уруок устата оҥорбут үлэлэрин сыаналаан баран уопсай түмүк тахсыаҕа. Уопсай түмүгүнэн оҕолор миэстэлэһэллэр. Ол үрдүнэн саамай бастыҥ үлэҕэ кубок туттарыллар. Манна даҕатан этээххэ, сылын ахсын бу эрэ куонкуруска буолбакка атын куорат үрдүнэн технологияҕа буолар куонкуруска иннин кимиэхэ да биэрбэккэ 1 нүөмэрдээх оскуолабыт учуутала Клавдия Ивановна Иванова үөрэтэн-такайан аҕалбыт оҕолоро наар инники диэки сылдьаллар, кубогы ылаллар. Бу улахан убаастабыллаах дыала буолар.
Наталья Абдуловна Абсалихова – “Таҥаска аппликация” муниципальнай куонкурус ааптара.
Тобоҕу, быраҕыллыбыты туһалаахха туттар диэн өйдөбүл баар. Кыргыттарбар куруук этэбин таҥас, бисер, оҕуруо ордугун куруук аҕалын, туһаныҥ, быраҕымаҥ диэн. Курууһубаттан, бисертан, таҥас ордугун уопсай хоруопкаҕа муһабыт.Ол хоруопкаттан хас биирдии кыыс бэйэтин баҕатынан, эскиһынан панно оҥороллор. Онтон суумка тигэр буолбуттара, ол суумкаҕа эмиэ кэрэ көстүүлээх панно оҥороллор. Оҥоһуктары тигэргэ кыргыттар фантазиялаах, интэриэстээх, ураты көрүүлээх буолуохтаахтар.Улааттаҕына сатабыллааах хаһаайка, дьиэни уоту иччилиир, кэрэни тэрийээччи буоларын туһугар иитэбит.
Учууталларга, төрөппүттэргэ, оҕолорго сүбэлиэм этэ: хас биирдии таҥас-сап тобоҕун туһаҕа таһаара сатааҥ, быраҕымаҥ. Хоруопкаҕа, корзинаҕа мунньан иһиэххэ. Онтон бириэмэлэннэххитинэ туттуоххутун сөп. Оннооҕор кып-кыраттан кыраһыабай оҥоһугу айан, тигэн таһаарыаххытын сөп.
Куонкурус оҕолору кэрэни көрөргө, кэрэни айарга, эппиэтинэстээх буоларга үөрэтэр.
Ону тэҥэ уолаттарга маска уһаныы күрэҕэ ыытылынна. Куорат оскуолаларыттан уопсайа 14 кыттааччы баар. Тэрээһини физико-техническай лиссиэй технологияҕа учуутала Владислав Викторович Ефремов ыытта. Үлэлэрин бүтэрбит хас биирдии кыттааччыга махтал сурук тутттартаата. Үөрэнээччилэр талахтан бэрт наадалаах массажер оҥордулар. Бу оҥоһуктар госпитальга сытар СВО саллааттарыгар барыахтара. “Оҕолор оҥоһуктаран көрөн саллааттар санаалара көтөҕүллүө. түргэнник үтүөрүөхтэрэ. Бэйэм үөрэнээччилэрим оҥоһуктарын холбоон, өссө кыргыттары кытта харысхал оҥорон ыытыахпыт.” — диэн кэпсээтэ Владислав Викторович.