Түүн буолуута уһуктан кэлбитим. Хоспор им балай, арай түннүк нөҥүө кыһын. Кини угуйар тымныыта, чыысхаана ааммытын арыйа сатыыр курдуга.Мин уон түөрт сааспын туолар күнүм бу чугаһаан кэлбитэ. Аҕам ыстаадаттан кэлэ илигэ. Ийэм сарсыарданы күүтэн утуйа сытара. Мин түүнү кытта доҕордоһон, өр да оннук кыһыны көрөн турбутум.Санаабар кыһын уонна мин туох эрэ ситимнээх курдукпут.Оннук буолумуна, мин олунньу ыйга төрөөбүтүм. Онон кыһын уонна мин чугас доҕордууларбыт.
Мин таптыыр соҕотох тииттээхпин, кини лабаалара таба муоһугар майгынныыллар. Оһуордардаах таба муостарыгар майгынныыр лабаалар. Бу тииккэ оҕо сылдьан төһөлөөх ыттыбытым буолуой.Аҕабын ыстаадаттан кэлэн иһэрин ыраахтан көрөрүм уонна ийэбэр хаһыытыы түһээччим.Төрөөбүт күнүм сарсыардатыгар мин хаар ыраастыы тахсыбытым.Санаабар бу күн мин олус дьоллоох буолуохтааҕым ду, эбэтэр хомойо сылдьыахтааҕым ду көстүөхтээҕэ. Ийэм сонно таайар этэ. Кини этэринэн, мин кыра сылдьан биир чугас доҕордооҕум үһү. Кини киһи буолбатах, кини-таба. Ол эрэн мин ол кэми умнан кэбиспиппин.Түүл курдук олоҕум таабырына-ол кыра тугутчаан уонна мин тумаҥҥа саспыт оҕо сааһым.
Эмиэ хаһыс да түүн туран кэлиим. Бу сырыыга таһырдьа чысхаана суох этэ. Арай уу-чумпу. Тыас да иһиллибэт түүнэ. Ыттар бары ханна сүппүттэрэ буолуой,эбэтэр кинилэри ким эрэ үрүмэҥ, дьоннору сынньатын диэбитэ ду.Билбэтим. Дьиктиргии санаатым. Соҕотох тиитим турарын курдук турар. Арай оһуордаах муостара күлүмүрдээн көстөллөр.Кини таба буолан арай мин утары сүүрэн аҕай иһэр эбит.Түннүгүм нөҥүө били хаһан эрэ миигин атахпар туруорбут чугастааҕар чугас доҕорум турар эбит.Туох баар сүтэрбит санааларым, барыта биир сиргэ түмүллэн харахпар киинэ курдук көһүннэ.Мин кырдьыга хаампат буолан төрөөбүт этим.Ол эрэн миигин наар ийэлээх, аҕам ыстаадаҕа илдьэ барааччылар.Миигин хайалар, ыраас алаастар, табалар ииппиттэрэ.Таба үүтүн иһэн улааппыт оҕо мин төһөлөөх күүс-уох ылбытым буолуой. Ол эрэн аптаах туох да буолбат этэ.Мин хаампат атахтарым хонууга оҕолору кытта лапталыахтарын,акка миинньэн таба көрдүү барыахтарын баҕараллара.Ийэлээх,аҕам ону көрөн олус хомойоллоро быһылаах, ол эрэн тугу гыныахтара баарай.Биир оннук сайын аҕам арай кыра тугутчааны кииллэрбитэ. Мин кинини тута сөбүлүү көрбүтүм.Ол эрэн кини ийэлээх аҕата суохтар этэ.Ол иһин кинини биһиги оҕолуур этибит.Тугутум аата Сүрэхчээн диэн этэ.Кини муус-маҥан дьүһүннээҕэ, хараҕа аптаах курдук киһини угуйар ыас хараҥа этэ. Сүүһүгэр ураанньыктааҕа,римскайдыы биэс диэн сыыппараҕа майгынныыра. Атыннык көрдөххө, эмиэ да сүрэххэмайгынныыра.Ол иһин аҕам бастаан кинини биэс диэн ааттыаҕын баҕарбыта да, күлүүтэ бэрдин иһин ийэбин кытта Сүрэхчээн диэн аат биэрбиппит. Сүрэхчээн ааттанан олус сырдаабыта.Биһиги кинилиин күүскэ доҕордоспуппут. Сүрэхчээн баар буолан бу олох кэрэтин билбитим,санаабар кинини кытта хонууга сүүрэ сылдьарым. Кини миигин тур, сандаар, сиртэн куттаныма диир курдуга. Атахпын салыыр идэлээҕэ, туустаах буолуо да, эбэтэр битэмиинэ тиийбэт диэн ийэм долгуйара.Ол эрэн мин тугутум өйдөөх да этэ. Кини миигин эмтиир курдуга. Күнтэн күн ахсын дууһалыын чэпчээн,ырааһыран иһэр курдугум.
Арай биир сарсыарда, оронтон сууллан түспүтүм өйөнөн тура сатаатым да кыаллыбата, саатар аттыбар дьонум суохтар иккиһин өйөнөн тура сатаатым, арай атахпар күүс баар буолбут курдуга. Урут өйөнөн тура сатыырым да табыллааччыта суох, арай бу сайын соһуччу аптаах түгэн үүнэн кэллэ. Мин түүл дуу дии санаатым. Атахпар күүс ылан, туран көрбүтүм.Ол туран, олус диэн үөрбүтүм, ийэлээх аҕабын ыҥырдым, дьоннорум соһуйан үөрэн көтөн бөҕө буоллулар.Аан быыһыттан мин күндү доҕорум Сүрэхчээн көрөн турара, кини үөрбүт харахтарын хайдах умнан кэбиспитим буолуой? Ол кэннэ өрүүтүн күнтэн күн аайы дьарыктанар буолтум. Кыра кэм иһигэр тута аргыый аҕай хаамарым.Сүрэхчээн барытыгар баара.Кини уруккутун курдук атахпын салыы сылдьара. Мин Сүрэхчээни кытта түргэнник бииргэ сүүрүөхпүн баҕарарым. Сүрэхчээн “ыксаама” диэбиттии сирэйбин салыыра. Күһүн кэлбитэ.Тымныы салгына сирэйбэр саба биэрбитэ,Сүрэхчээн хайдах эрэ тугу эрэ сэрэйбиттии наар аттыбар сүүрэ сылдьара. Биир түүн утуйаары сыттахпына Сүрэхчээн киирэн кэлбитэ. Кини киһилии куолаһынан: «Кыыдаана, эн атахтаргар мин күүс биэрэн, салгыы олоҕуҥ устун баран иһиэҥ, мин барар кэмим кэллэ. Эйигин кытта олорбут олохпун үйэм тухары умнуом суоҕа. Бу түгэни эн умнуоҥ. Мин наар эн аттыгар баар буолуом. Куттаныма», — диэн баран сүтэн хаалбыта. Сарсыарда буолбута. Мин хайдах хаампыппын, Сүрэхчээни эмиэ умнан кэбиспитим.
Бу сайыны мин төбөбүттэн, олохпуттан ким эрэ сотон кэбиспитин курдук умнан кэбиспиппин.Дьэ билбитим,ким соппутун. Биһи доҕорбунаан харахпытынан кылгастык да буоллар кэпсэтэн ылбыппыт, кини миэхэ кэс тылын эппитэ:“Саҥа хаар түспүтүн курдук, саҥа суолун устун өрүүтүн сыдьаайа тур”, — диэбитэ. Сарсыныгар ол соҕотох тиит маһым суох буолан хаалбыта. Мин атахтарым маҥан саҥа түспүт хаар устун атах сыгынньах киниэхэ сүүрбүттэрэ. Оо, Сүрэхчээн аттыбар бааргын хайдах санаабатахпыный?!Кини кырдьык да, таҥара табата.Халлаантан түспүт аанньалым, чугас доҕорум. Ол күн тиитим турбут сиригэр өр да турбутум. Санаабар аттыбар Сүрэхчээн кэлэн турарын курдуга.Ол онтон ылата мин саҥа олоххо куттаммакка үктэммитим.Төрөөбүтүм уон алта сыла оннук саҕаламмыта.
Николай Горохов,
XI кылаас,
Бороҕон орто оскуолата,
Булуҥ
Анастасия Харитонова уруһуйа