Биһиги кылааспыт 23 үөрэнээччитэ улуустааҕы психологическай киин төлөбүрдээх
маастар – кылаас ыытарын интэриэһиргээн, харысхал оҥорорго үөрэннибит. Бу маастар-
кылаастан киирбит 4000 солкуобайы ыараханнык ыалдьан Москваҕа эмтэнэ барыахтаах
Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитигэр Женя Тарскайга анаммыт «Ис сүрэхтэн»
акцияҕа кыттан, күүс- көмө буоллубут.
Ону таһынан, оҥорбут харысхалларбытын Украинаҕа СВО-ҕа сылдьар буойуттарга
ыытарга сүбэлэстибит. Бу ис санаабытынан оҥорбут илиибит сылааһа дойдуларыттан
ыраах, ыарахан балаһыанньаҕа сылдьар убайдарбытын, аҕаларбытын харыстыы —
араҥаччылыы сылдьыа, киллэрбит үппүт Женя эмтэнэн үтүөрэригэр көмө буолуо диэн
эрэнэбит.
Инникитин бырайыак курдук оҥороммут, улуустааҕы психологическай киини кытта
бииргэ үлэлэһэр уонна араас акцияларга, тэрээһиннэргэ атын кылаастары кытыннаран,
бэйэбит кылааспыт кыттыһан үлэлэһэр былааннаахпыт.
Мүрү 2-нүөмэрдээх орто оскуолатын 10″б» кылааһын үөрэнээччитэ
Доминик Васильев,
Бороҕон, Уус-Алдан.