Кылааспыт чааһыгар оскуоланы соторутааҕыта бүтэрбит Эдуард Чоросов ыалдьыттаата. Кини интэриэһинэй кэпсээннээх ыалдьыт буолла. Эдик этэринэн, үтүө санаа диэн хас биирдии киһиэхэ баар буолуохтаах. Ол туохтан да, кимтэн да тутулуга суох бэйэтэ ис туруккар баар.
Эдик кыра эрдҕиттэн бэйэтэ санаатыттан дьоҥҥо көмөлөһөрүн сөбүлүүр. Ол курдук ким да этиитэ суох таһынааҕы кырдьаҕас ыалларыгар хаар күрдьэн, муустарын сааһылаан, мас хайытан, ыарахан үлэлэрин чэпчэтиһэр эбит. Күһүн, саас булдуттан өлүүлээн бэрсэр идэлээх. Кырдьаҕас дьон хаһан эрэ биһиги курдук оҕо буолан сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сырыттахтара. Онтон билигин болҕомтоҕо, көмөҕө наадыйаллар. Соҕотох олорор киһиэхэ кыра да көмө наада диир.
Эдуард оҕолорго туһаайан: «Үтүө санааланыы диэн дьоҥҥо көмөлөһүү эрэ буолбатах.. Ис санааҕыттан, ис дууһаҕыттан тахсар. Олоҕу таптыыртан тахсар, киһи майгытыгар баар», — диэтэ.
Биһиги ыалдьыппыт кэпсээнин болҕойон иһиттибит. Кини санаатын көҥүллүк этэрин, тулалыыр дьоҥҥо, төрөөбүт дойдуга туһалаах буолар баҕа санаатын биһирээтибит.
Алина Санникова, 8 кыл., Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү, «Эрчим» эдкорпост.