Хайа баҕарар оройуоҥҥа нэһилиэнньэ сүрүн дьарыга тыа хаһаайыстыбата буолар. Бу күннэргэ эдэр кэрэспэдьиэн буоларым быһыытынан Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһин Василий Павлович Туралысовы көрсөн кэпсэттим.
— Василий Павлович, Ороһу нэһилиэгэр тэриллиилээх уонна кэтэх хаһаайыстыбатыгар төһө ынах-сүөһү баарый, ол иһигэр ыанар ынаҕын ахсаана?
— Тэриллиилээххэ 759 сүөһү, ол иһигэр ыанар ынаҕын ахсаана — 246.Онтон кэтэххэ — 389 сүөһү, ыанар ынаҕа — 118.
— Онтон сылгы-сүөһү ахсаана төһөнүй, ол иһигэр биэтин ахсаана хаһый?
— Тэриллиилээххэ 319 сылгы, онтон биэтэ — 166, кэтэхэ — 297 сылгы, ол иһигэр биэтэ — 123.
— Билиҥҥи туругунан төһө от оттонно?
— Тэриллиилээххэ 1028 туонна от оттонно, кэтэххэ 470 туонна.
— Ынах, сылгы-сүөһү таһынан олохтоохтор тугу иитэллэрий?
— Бүгүҥҥү күҥҥэ кэтэх хаһаайыстыбаҕа 7 сибиинньэни, 25 кууруссаны иитэллэр.
— Онтон арыы собуотугар күҥҥэ төһө үүтү туттаралларый?
— Үүт туттарыыта күҥҥэ 1000 туоннаҕа тэҥнэһэр.
— Арыы собуотугар кимнээх үлэлииллэрий?
— Мая Акимовна Таныкова үлэлиир. Киниэхэ уола Владик, балта Марита көмөлөһөллөр.
— Арыы собуотугар үүттэн тугу оҥороллоруй?
— Сүрүннээн арыы, ону таһынан сүөгэйинэн атыылыыллар. Холбуллубут үүтү наадыйааччыларга босхо биэрэллэр.
— Тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах тутуу барар дуо?
— Тэрээһиннээх хаһаайыстыба салайааччыта Айсен Игорьевич Тюляхов 100 миэстэлээх ынах-сүөһү хотонун тутта сылдьар. Маны таһынан кэтэх хаһаайыстыбалар хотон тутталлар.
— Кэпсээниҥ иһин баһыыба.
Быйылгы сайын от оттуур кэмҥэ кураан туран, от хаачыстыбата үчүгэй. Атырдьах ыйа ардаҕа суох буолан, отчуттар от оттууртан илиилэрин араарбаттар.
Суруйан ааһаар тоҕоостоох, Ороһуга сайыҥҥы кэмҥэ дьон-сэргэ олоҕун тупсарар сыаллаах оскуола тутуута саҕаланна, саха норуодунай бэйээтэ П.Н. Тобуруокапка аналлаах сквер, оҕо оонньуур былаһаакката, «Нукутта», «Атах» түөлбэлэргэ водопровод киирдэ.
Үтүө сайын ааспытынан, айылҕа барахсаҥҥа Ороһу олохтоохторо махталбыт улахан!
Ванесса Васильева, салайааччы Н.Н. Михайлова, «Тымтык» эдкорпост.