Киһи олоҕор үгүс дьону кытта алтыһар. Кэм-кэрдии тэтимнээх сүүрүгэр оҕо саастан доҕордоспут сорох дьоҥҥун кытта сүтэрсиэххин эмиэ сөп. Ол эрэн эн олоххор алтыһан ааспыт хас биирдии киһиҥ туох эрэ суолталааҕы хааллараллар. Тус олохпор көрсөн, алтыһан ааспыт дьонум миэхэ бары күндүлэр.
Биир оннук киһинэн Иван Васильевич Мигалкин буолар. Кинини кытта “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатыгар үлэлии кэлэн баран билсибитим. Кинигэ биһирэмигэр. Онтон ыла төлөпүөнүнэн, сороҕор сирэй көрсөн кэпсэтэр, санаа атастаһар буолбуппут. Хаста да дьиэтигэр ыҥыран чэйдэтэн, айар үлэтин, оҕоҕо анаан суруйар үлэ эппиэтинэһин туһунан кэпсиирэ, сүбэлиирэ. Остуолугар хоточчу ас астаан көрсөрө.
Иван Васильевич сүбэтэ-амата киһини кынаттыыра, элбэххэ үөрэтэрэ. Мин, эдэр киһи буоламмын, тас эйгэҕэ болҕомто уурарым биллэр суол. Ону таба көрөн буолуо, Иван Васильевич:
Ньургуйаана, эн эдэр киһи өйдөөн иһит. Киһи олоҕор хас биирдии үктэммит суола кини аата, кини таптыыр үлэтэ уонна саамай чугастык алтыһар дьонноро. Үөрүүнү оҕолоргуттан буларга үөрэн. Үөрүнньэҥ буолуу – дьол”, – диэн эппитэ. Ити ыллыктаах санаатын куруук сүрэхпэр илдьэ сылдьабын.
Кырдьыга да оннук. Дьонноох-сэргэлээх буоллахпытына олоххо сыаллаах-соруктаах буолабыт, үрдүгү дабайабыт.
Иван Васильевич миэхэ олох сыаннастары өйдөппүт, харахпын арыйбыт наставнигым диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Эн эппит тылларгын, үтүө алгыскын куруук өйдүү-саныы сылдьыам. Хас биирдии күнтэн, олохпор буолар түгэннэри харыстаан дьоллоох олоҕу олорорго дьулуһуом. Тас эйгэттэн буолбакка, ис эйгэттэн тирэхтэнэн оҕолорбор үтүөнү, сырдыгы, сылааһы иҥэриэм.
Үтүөкэн сүбэһитим, учуутал кэриэтэ күндү киһим Иван Васильевич, быдан дьылларга бырастыы, быраһаай…
Нюргуяна ЗАХАРОВА,
“Чуораанчык” оҕо сурунаалын эппиэттиир сэкэрэтээрэ