Үөрэхтээхтэр суруйалларынан, өбүгэлэриҥ, төһө да быдан үйэҕэ күн сириттэн күрэммиттэрин иһин, эйигин куруук араҥаччылыыр, күннэтэ көрөр-истэр, иитэр-такайар күүстэр.
Аныгы кэмҥэ эдэр көлүөнэ дьон өбүгэлэрин ситэри-хотору торумнаабаттар, үчүгэйдик билбэттэр. Билэ сатаабыттарын да иһин, ситим быстан, былыргыны билэр дьон суох буоланнар үксүн кыаллыбат суол. Онон мин, Дуолан Павлов, эһэбин кытта бииргэ хас да көлүөнэ төрүччүбүтүн үөрэттибит, чинчийдибит.
Кэбээйи нэһилиэгэр «Ынах Булуҥ» күөл тулатыгар Оҥорхой аҕатын ууһа тарҕанан олорбут эбит. Кинилэртэн Дьаакып Терехов диэн киһини биһиги урууну-аймаҕы төрүттээбит киһи буолар. Кини уола Бөлтөркөй Бүөтүр «Оҕус тириитин» хоту өтөҕөр тэнийэн олорбут. Кини — Дьолто Дьөгүөр, Харчы Дьөгүөр, Аана (биһиги эбэбит), Анастасия (Охоой кэргэнэ), Биэрэ (Аччыгый Баһылай иитиллибит ийэтэ) тэринэн Дьолто Дьөгүөр ортоку, Харчы Дьөгүөр соҕуруу өтөххө олохсуйбуттар.
Хос-хос эбэбит Анна Петровна Терехова “Ынах булуҥ” арҕаа өтөхтөрүнэн ууһаан-тэнийэн олорбут. Мытыылка Дьөгүөр биир уолугар, Экэчэ Ньукулайга, кэргэн тахсан Левина буолбут. Кини эдэригэр туругас-олоругас, ханнык да үлэттэн толлон турбат, кыайыгас үлэһит эбитэ үһү. Кырдьан да баран хотонугар бара турара. 90 сааһын ааһан баран олохтон туораан, көмүс уҥуоҕа “Оҕус тириитин” хоту өтөҕөр хараллан сытар.
Хос-хос эбэм Анна Петровна оҕолоро: Левина Елена Николаевна (биһиги ийэбит), Левин Егор Николаевич, Левин Дмитрий Николаевич уонна Левина Елена Николаевна-II. Улахан убайдара Баһылай сэрииттэн эргиллибэтэх.
Эһэм «ийэтин мин үдүк-бадык, күннээҕи түбүктэн орпот уонна кытаанах соҕус характердаах курдук өйдүүбүн» диэн ахтар. Ол эрээри аһыныгас сүрэхтээҕэ. Талаҕынан таһыйан баран сотору кэминэн ааттаан киирэн барара. Кини урукку хара үлэһит сиэринэн, олус чэпчэкитэ суох олоҕу олорон ааспыта. Тоҥуу-хатыы, тиийиммэт-түгэммэт кыһалҕатын этинэн-хаанынан билбитэ.
Эһэм ийэтин быраата Егор Николаевич – сэрии, үлэ ветерана. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии толоонуттан уордьаннаах, мэтээллээх эргиллибитэ. Колхуоска, сопхуоска уһун сылларга эҥкилэ суох биригэдьиирдээбитэ, дьон убаастабылын ылбыта. Күн бүгүнүгэр дылы кини аата үрдүктүк ааттанар. Дьяконова Анна Степановна диэн кыыһы кэргэн ылан, дьиэ-уот тэринэн, алта оҕоломмуттара: Анялаах шура атын улуус уолаттарыгар кэргэн тахсан ньир-бааччы олороллор, Василий, Татьяна араас эппиэттээх үлэлэргэ үлэлээбиттэрэ, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтоохторо.
Иккис уол Дмитрий Николаевич — сэрии, үлэ ветерана. Сэрииттэн элбэх бойобуой наҕараадалардаах, ол иһигэр «Бойобуой үтүөлэрин иһин» диэн мэтээллээх эргиллибитэ. Олоҕун тыа сирин дьонугар үтүөнү-кэрэни, култуураны тарҕатыыга анаабыта. Өр сыллаах бэриниилээх үлэтэ «СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ» диэн үрдүк аатынан бэлиэтэммитэ.
Кыра кыыс Елена Николаевна эдэригэр сытыы-хотуу, үлэһит, спортсменка бэрдэ этэ. Илин Сиҥнээли күөл тула хайыһардаан, ол саҕанааҕы киэҥ искиэрэтэ тэлибирии көтөрүн эһэм өйдүүр. Аатырбыт булчут Терехов Егор Петровиһы кытта олохторун холбоон, сэттэ оҕону төрөтөн киһи-хара оҥорбуттара. Билигин түөрт оҕо Кэбээйигэ дьон тэҥинэн бур-бур буруо таһааран олорор, биир кыыс, Анна Егоровна, Салбаҥҥа (Нам) оскуола дириэктэрэ, иллээх дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ.
Хос-хос эбэбит бииргэ төрөөбүттэрэ: Харчы Дьөгүөр, Дьолто Дьөгүөр, Анастасия ыччаттарын туһунан этэр эбит буоллахха, Филарет Егорович, Тарас Егорович, Петр Егорович, Степан Егорович, Самсон Егорович, Василий Афанасьевич, Иннокентий Афанасьевич — бары сэрии, үлэ ветераннара этилэр, бэйэлэрин кэмнэригэр сырыыны сылдьыбыт, үлэни үлэлээбит, дьон-сэргэ убаастыыр дьоно. Октялаах Мария улахан дьиэ кэргэн ийэлэрэ.
Эһэм ийэтин, олох эдэр эрдэҕинэ, Асаам диэн ааттаах сааһырбыт киһиэхэ кэргэн биэрбиттэр. Киниттэн икки уол оҕоломмут – Улахан Баһылай, Аччыгый Баһылай. Ийэбит бастакы кэргэнэ уһаабатах, ыалдьан өлбүтүн кэннэ, биһиги аҕабытыгар, Павлов Авксентий Ивановичка, кэргэн тахсан түөрт оҕоломмут: Мария, Елизавета, Егор, Федор.
Эһэм улахан убайа, Павлов Василий Авксентьевич, үксүн тыаҕа бултуура. Оскуолаҕа үөрэммэккэ “Таалаайыга” күрээн тахсыбытын туһунан кэпсиирэ. Биирдэ эмэтэ кэллэҕинэ, сыарҕа муҥунан куобах, тайах баллыра тиэйэн аҕалара. Дьэ, оччоҕуна эһэлээхпэр омоллоон олоҕо, дьэргэстэй ыһыаҕа буолара. Ыаллара да мантан маппаттара. Кини булчутун, бэргэн сааһытын туһунан күн бүгүнүгэр дылы уос номоҕор сылдьар.
Аччыгый Баһылай тоҕо Сметанин Василий Степанович буолбута биллэр. Кини эбээбит бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр Биэрэ эмээхсиҥҥэ иитиллибит буолан, араспаанньалыын, аҕатын аатыныын биһигиттэн атыннык суруллубута. Кини иитиллибит аҕата Сметанин Степан Никитич (Дабыс Ыстапаан) сэриигэ баран, сураҕа суох сүппүт. Кини Курчун Дьөгүөр (суруйааччы Т.Е. Сметанин аҕата) быраата эбит. Кини сыралаах үлэтэ «Бочуот знага» орденынан, элбэх мэтээллэринэн, грамоталарынан бэлиэтэммитэ.
Эһэм Егор Авксентьевич олоҕун сүрүн хайысхаларын кинилэр үтүө холобурдара быһаарбыттара буолуо дии саныыр. Эдьиийдэрэ: Мария Сунтаартан төрүттээх Филиппов Николай Яковлевич диэн уолга кэргэн тахсан, түөрт оҕолоох, Елизавета Чурапчыттан төрүттээх Федотов Дмитрий Афанасьевич диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, икки оҕолоох. Олохторун этэҥҥэ оҥостон, күн бүгүн Кэбээйи нэһилиэгин сис ыалларынан буолаллар.
Быраата Федор үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, Абый кыыһын кэргэн ылан, хоту дойдуга олохсуйбута, үс оҕолоох. Араас салайар үлэҕэ үлэлээбитэ, билигин Абый улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта.
Чинчийии түмүгүнэн, маннык түмүккэ кэллибит. Хас биирдии киһи төрдүн-ууһун билиэхтээх. Ону билэргэ төрүччү маһын оҥоруу улахан көмөлөөх эбит. Мин төрүччүбүн оҥорорбор хос эбэлэрим, эһэлэрим туһунан элбэҕи биллим, үөрэттим. Инникитин бу төрүччүм маһын кэҥэтэн, эбии хос-хос аймахтарбын билиэм, үөрэтиэм.
Бу билиим инники олохпор улахан киһи буолан сайдан тахсарбар туһалаах буолуо диэн саарбахтаабаппын.
Дуолан Павлов, 6 кылаас үөрэнээччитэ, Егор Авксентьевич Павлов.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.