Мин бүгүн билиһиннэрэр дьоруойум – В.П. Ларионов аатынан XXIX өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” научнай конференция кыттыылааҕа, А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйин VI «В» кылааһын үөрэнээччитэ Яна Слепцова.
https://vk.com/clip-199463452_456242608?c=1
Кини төрүттэрэ баһылаабыт идэлэрин үөрэтэн бэйэтин инники сайдыытын картатын оҥорбут.
Үс көлүөнэ дьонун идэлэрин толору ырытан, бэйэтин сайыннарыыга үлэлэһэрин туһунан кэпсээтэ.
Ол курдук, төрүттэрин идэлэрин чинчийэн, хас да хайысхаҕа араарбыт: айар дьоҕур, салайар үлэ, уус, иистэнньэҥ, учуутал, спортсмен. Кини төрүччүтүгэр төрдүс көлүөнэ буолар. Бэйэтэ ханнык хайысхаҕа дьоҕурдааҕын оҥорон таһаарбыт, төрүттэриттэн кими утумнаабытын ыйбыт. Ол түмүгэр бэйэтин сайыннарар картаны, сайдар үлэ көрүҥнэрин оҥорбут.
Яна чинчийбит үлэтин көрөммүн, биһиги төрүттэрбитин үөрэтэн, чинчийэн, кинилэр дьоҕурдарын, идэлэрин кыра эрдэхпититтэн биллэхпитинэ, инники сайдыыбытыгар көмө, тирэх буолар эбит диэн бигэтик өйдөөтүм. Олус интэриэһинэй ис хоһоонноох дакылаатын иһин Яна Слепцоваҕа ис сүрэхпиттэн махтанабын.
Айна БАНДЕРОВА, VII кылаас
Монтаж: Кира Гаврильева,
Алена Ксенофонтова VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы