Мин Казань куоракка буолбут «Түүр лингвокультурологията: проблемалара уонна инники сайдыыта» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттан кэллим.
Казахстантан, Кыргыстаантан, Японияттан, Кытайтан, Татарстантан, Башкортостантан, Саха сириттэн, Тюменскай уобаластан Х-ХI кылаас үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар, аспираннар кыттыыны ыллылар. Барыта икки сүүсчэкэ киһи.
Дакылаатым тиэмэтэ «Саха уонна казах норуоттарын гендернэй суолталаах өс хоһоонноро» диэн. Бу дакылааппын үс сыл суруйдум. Салайааччым — саха тылын уонна литературатын учуутала Неустроева Евдокия Гаврильевна.
Кэмпириэнсийэ туһунан кылгастык кэпсээтэххэ, биһиэхэ Саха сиригэр буолар кэмпириэнсийэлэртэн ураты. Дьүүллүүр сүбэ, кыттааччылар да буоллун, бары бэйэ-бэйэлэрин өйүүллэрэ уонна убаастыыллара көстөр. Татаардар бэйэлэрин төрүт тылларынан кэпсээтилэр. Саха уонна татаар тыла-өһө түүр төрүттээх буолан, олус майгынныыр эбит дии санаатым. Дьон туох диирин мин кыратык да буоллар өйдөөбүтүм.
Уопсайынан, Казань куорат наһаа улахан, сайдыылаах, сүрдээх киэҥ устуоруйалаах эбит. Үгүс саҥаны биллим-көрдүм.
Юля Жиркова,
Уус Таатта Н.Д. Неустроев аатынан орто оскуолатын
XI кылааһын үөрэнээччитэ.