Ийэ тылын билбэт киһи –
Уйатыттан мунан хаалбыт
Улар оҕотун кэриэтэ.
Күннүк Уурастыырап.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна төрүт омуктарын (официальнай) тылларын харыстааһын, сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, Ил Дархан Гыраанын үбүн өйөбүлүнэн үлэлээбит бырайыак иитинэн «Ийэ тылбынан айабын» хомуурунньук тахсаары турар. Кинигэҕэ СӨ суруйааччыларын Сойууһа, Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин» кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ ыыппыт «Өбүгэ үөрэҕэ — омук баайа» күрэскэ киирбит үлэлэр сүүмэрдэнэн киирдилэр. Күрэс сүрүн сыала — төрүт олохтоох омуктар: долган, эбээн, эбэҥки, чукча, дьүкээгир, саха — ийэ тылларынан айар, суруйар дьоҕурдаах оҕолорун, ыччатын айымньылаах үлэлэрин көҕүлээһин буолар. Хас биирдии тылга туспа эспиэр үлэлээтэ, методическай ыйыы, сүбэ-ама оҥордо. Маны тэҥэ, бырайыак чэрчитинэн, төрүт култуураны, устуоруйаны, тылы, литератураны көрдөрөр биэриилэр уонна http://sakhaetigentyla.ru/ саайпытыгар ыстатыйалар таҕыстылар. Төрөөбүт тылынан ааҕар, саҥарар, айымньыны айар, дьоҕуру сайыннарарга анал үөрэхтэр буоллулар, аман өс уонна сахалыы дебат күрэстэрэ ыытылыннылар. Араатардар күрэстэрэ эбээн, эбэҥки, чукча оҕолоругар өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнайгытын ыытылынна. Бу бырайыакка кыттыбыт оҕолор санааларын таһаарабыт:
Поротова Вилена, П.Х. Староватов аатынан Элгээйитээҕи орто оскуола 11 “А” кылааһын үөрэнээччитэ:
– Мин төрүт норуоттар үгэстэрин сырдатар кэпсээн айыытыгар куонкурус буоларын истэн, кыттарга санаммытым. Айар үлэҕэ бастакы холонуум. Бу иннинэ нууччалыы кэпсээннэри суруйан холонорум. Сахалыы кэпсээммин айарбар аан бастаан Cергей Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотун аахпытым. Олоҥхо сюжетын олус интэриэһиргээбитим. Ол иһин олоҥхоҕо маарыннатан кэпсээн суруйарга санаммытым. Бу үлэм сыаналыммытыгар, кинигэҕэ киирбититгэр олус үөрдүм. Тэрийээччилэргэ СӨ Национальай бибилэтиэкэтигэр, СӨ Суруйааччыларын сойууһугар, «Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэ кииҥҥэ» барҕа махталбын этэбин. Маннык айар үлэҕэ кынаттыыр куонкурустар кэнэҕэһин да элбии турдуннар!
Алиева Рада, Мэҥэ Хаҥалас улууһун С.З.Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ:
– Күрэхтэһиилэртэн уонна маастар-кылаастартан олус элбэҕи билбитим. Суруйааччылар сүбэлэрэ элбэххэ үөрэттэ. Кыһаллан үөрэ-көтө кытынныбыт. Маннык бырайыак баарыгар махтанабын! Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кыттыыны ыллылар. Кинигэҕэ киирбиппинэн киэн туттабын.
Инесса Борисова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун С.З.Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ:
– Маастар-кылаастарга үөрэммитим. Маннык үөрэхтэргэ тыл-өс, өй-санаа сайдар. Киһи саҥа көрүүлэнэр. Кэпсээн суруйарга үөрэнэнэбин. Бу бырайыак биэриилэрин “Саха этигэн тыла” саайка киирэн сэргээн көрөбүн. Бырайыак хамаандатыгар махталбын тиэрдэбин!
Александр Шишигин, Амма улууһун Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ:
– Мин “Сэрии кэмин оҕолоро” диэн ыстатыйам «Сочиняю на родном языке» диэн оҕолор айымньыларын хомуурунньугар киирбититтэн үөрдүм. Уруу-аймах дьонум Ийэ дойдуларын өстөөхтөртөн көмүскээһиҥҥэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэринэн киэн туттабын.
Быйыл ити хомуйбут үлэм түмүгүнэн хос эһэлэрим уонна хос эбэлэрим тустарынан «Сэрии кэмин оҕолоро» диэн ыстатыйабынан күрэххэ кытынным уонна оҕолор үлэлэрин хомуурунньугар киирдэ. Бу сылга мин саамай үрдүк ситиһиим буолла.
Күрэҕи тэрийбит, кинигэни таһаарбыт хамаандаҕа уонна учуонай Ангелина Афанасьевна Кузьминаҕа махтанабын уонна киниэхэ айымньылаах үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабын.
Аня Окорокова, Амма улууһун Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын 8 кылааһын үүөрэнээччитэ
– Мин дьиэ кэргэним – Окороковтар учуутал династияларыгар киирэр баай устуоруйалаах. Төрүттэрбэр төрөөбүт Сатаҕайбыттан тахсыбыт маҥнайгы үөрэхтээхтэр, учууталлар, гражданскай сэрии кыттыылаахтара, эрэпириэссийэлэммит бэйиэт, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии хорсун саллааттара, тыыл үлэһиттэрэ, нэһилиэк уһун үйэлээхтэрэ, күүстээх дьон бааллар эбит. Төрүттэрбитин бастаан убайдарым Эрчим уонна Бэргэн чинчийэн үөрэппиттэрэ. Ону мин салҕаан үөрэтэн ыстатыйа суруйдум. Биһиги аймахтарбыт туһунан сэһэннэр И.М.Сосин «Суон сурахтаах Суола үрэх» диэн кинигэтигэр киирбитин мин сөбүлээн аахтым. Ыстатыйабар ону таһынан убайбыт В.Д.Окороков Окороковтар учуутал династияларын туһунан кинигэтин эмиэ туһанным. Аҕам Семен Иннокентьевич төрүччүтүн аҕатын кэпсээниттэн уонна бэйэтэ хасыһан билэр. Мантан сиэттэрэн учууталым Галина Николаевна салалтатынан ыстатыйабын суруйбутум. Мин суруйууга бастакы холонуум буолар.
Оҕолорго араас күрэхтэри тэрийэр, сахалыы саҥарарга, айарга үөрэтэр, «Сочиняю на родном языке» кинигэни хомуйан оҥорбут төрөөбүт тылбыт туһугар үлэлиир Ангелина Афанасьевна Кузьминаҕа махталбын биллэрэбин.
Таисия Елисеева, Амма улууһун Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын 6 кылааһын үүөрэнээччитэ:
– Кыра эрдэхпиттэн остуоруйалары сөбүлээн ааҕааччыбын уонна бэйэм эмиэ айан кэпсээччибин. Ол кэпсээннэрбин оҕолор сөбүлээн истээччилэр. Учууталым Галина Николаевна кэпсээн айарга сорудах биэрбитигэр саҕалаабытым, онтон бэйэтэ суруйдаҕым аайы айыллан тахсан испитэ. Учууталым ааҕан баран, бу дьиҥнээх буолбут түбэлтэ дуо диэн ыйыппыта. Мин айан суруйбуппун билэн баран күлбүтэ уонна хайҕаабыта. Онон кэпсээним куонкуруска барбыта. Маҥнайгы миэстэ буолбуппун билэн баран олус үөрбүтүм. Онтон кинигэҕэ киирбитин истибитим.
«Сочиняю на родном языке» кинигэҕэ мин саастыылаахтарым бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан (долган, чукча, эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, саха) айбыт айымньыларын астына ааҕыам. Маннык ураты элбэх тылынан тахсыбыт кинигэни өссө көрө иликпин. Онон олус интэриэһинэй кинигэ дии саныыбын.
Сардаана Стручкова, Амма улууһун Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ:
– Мин кыыллары наһаа сөбүлүүбүн. Ол иһин эһэ туһунан кэпсээн суруйарга быһаарыммытым. Бастаан бөрө туһунан суруйуохпун баҕарбытым. Ол эрээри кэпсээним сүрүн дьоруойа эһэ буоллун дии санаабытым. Бастаан тугу суруйарбын барытын өйбөр толкуйдаабытым уонна былааннаабытым. Эһэлэр да, атын кыыллар да оҕолоро тулаайах буолбатыннар, аһыныгас санаалаах ийэ кыыллар кинилэри быыһаатыннар, харайдыннар диэн санааттан кэпсээммин суруйбутум.
Кэпсээммин сөбүлээн, саҥа тахсар кинигэҕэ киллэрбиттэригэр күрэҕи тэрийбит уонна кинигэ тахсыытыгар үлэлээбит бары дьоҥҥо махтанабын!
Вера Гаврильева, Дьокуускай 23 №-дээх орто оскуолатын
Саха тылын уонна литературатын учуутала