Олунньу 4 күнүгэр култуура уонна ускуустуба кэллиэһин «Төрүт култуура» салаатын III куурсун устудьуона, Таастаах оскуолатын бүтэрээччитэ Филиппов Назар практикатын түмүктүүр тэрээһинэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Таастаах оскуолатыттан оҕолор чабырҕах этиитигэр, олоҥхо ааҕыытыгар, эһэни бултааһын сиэрин — туомун сыанаҕа көрдөрүүгэ кыттыбыттара.
Тэрээһин тыатааҕыны хайдах бултуур сиэрин–туомун көрдөрүүнэн саҕаламмыта. Оконешников Женя, VIII-с кылаас үөрэнээччитэ – Уйбаанчыгы сиэн уол оруолун бэрт хомоҕойдук оонньоон, көрөөччү биһирэбилин ылбыта.
Саха норуотун тылынан уус–уран айымнньытын биир саамай сытыы, көрдөөх көрүҥүн, чабырҕаҕы Егорова Виола, Павлова Настя VII-с кылаас, Аргунов Альберт, Аргунов Артем VI-с кылаас уонна Атласов Ярик V-с кылаас үөрэнээччилэрэ бэрт чобуотук субуруппуттара.
Саха айымнньытын саамай бөдөҥ көрүҥүн «Модун эр соҕотох» олоҥхоттон быһа тардыыны Гаврильева Сардаана V-с кылаас, Панкрат Лиханов, Виктория Сивцева IV-с кылаас үөрэнээччилэрэ толорбуттара.
Филиппов Назар биһигини биир ый устата, куйаар ситимин нөҥүө бу тэрээһиҥҥэ олус үчүгэйдик бэлэмнээн, кытыннарбытыттан олуc диэн махтанабыт. Түгэнинэн туһанан, нэһилиэкпит талааннаах ыччатыгар үөрэҕэр үрдүктэн – үрдүк ситиһиини, чэгиэн туругу, саҥаттан — саҥа саҕахтары арыйан төрөөбүт түөлбэтин ааттата турарыгар баҕарабыт.
Аргунов Альберт
VI-с кылаас,
М.В. Петрова аатынан Таастаах орто оскуолата
Нам улууһа