Саха сирин хаһыаттарын, Интернет сайтарын ылан ааҕабыт. Ааспыт 2018 сыллааҕы матырыйааллар төбөлөрө: “Педофил из Амги брал на неделю детей из центра на «домашнее проживание», “Якутский иеромонах-педофил получил 17 лет тюрьмы”, “В Якутске мать впустила педофила в дом”, “В Якутии педофил изнасиловал шестилетнюю девочку, которая заступилась за пьяного отца”, “В Сунтарском районе Якутии педофила приговорили к 16 года лишения свободы”…
“Эс, ама бу биһиэхэ дуо?” – диэн итэҕэйбэккэ ыйытыаххын баҕараҕын. Хомойуох иһин, манна. Саха сиригэр… Аттыбытыгар, чугаспытыгар, тулабытыгар баар сидьиҥ көстүү эбит… Ону кыһаммакка ааһар, истэн эрэ кэбиһэр суруналыыстарга сүрэ бэрт буолуо. Буолаары буолан, кэнчээри ыччат кэскилин туһугар үлэлиир дьоҥҥо. Ол иһин бу тиэмэ тула аһаҕастык кэпсэтэрбит оруннаах. Оҕолорбутун сэрэтээри, төрөппүтэри өйдөтөөрү.
Сиэртибэлэрин көрөн-билэн булаллар
— Педофил сиэртибэтинэн үксүн көмүскэлэ суох оҕолор буолаллар. Ол эбэтэр инбэлииттэр, иһэр-аһыыр төрөппүттэрдээхтэр, көрүүтэ-харайыыта суохтар (беспризорниктар), тулаайахтар, толорута суох дьиэ кэргэҥҥэ иитиллээччилэр, кииринньэҥ аҕалаахтар (отчим). Олору оскуола психолога, социальнай үлэһитэ, кылаас салайааччыта ураты болҕомтоҕо тутуохтаахтар, сэмээр кэтии-маныы сылдьыахтаахтар. Анал психологическай тургутугу (тест) толорторон, уопсай туруктарын бэрэбиэркэлээн, дьиэлэригэр баран, олорор усулуобуйаларын кытта билсэн, хайдах балаһыанньалаахтарын быһаарыахтаахтар. Туох эрэ бөрүкүтэ суоҕу сэрэйдэхтэринэ, тугу эрэ уорбалыы санаатахтарына, оҕо итэҕэлин ылан, биир тылы булан, толору арылларын, санаатын аһаҕастык билинэрин ситиһиэхтээхтэр. Өскөтүн сэрэхэдийиилэрэ, сабаҕалааһыннара оруннаах буоллаҕына, сокуон үлэһиттэригэр тыллыахтаахтар. Полицияҕа сайабылыанньа киирдэ да, холуобунай дьыала тэриллэр.
Аны туран, оҕо итэҕэйэн кэпсээбит дьоно, кинини таҥнаран, чып кистэлэҥин бар дьон билиитигэр таһаарыа суохтаахтар. Ураты харыстабыллаахтык, сэрэхтээхтик сыһыаннаһыахтаахтар. Бу быһылааны тустаах үлэһиттэр эрэ билэллэрин, эт саастыылаахтарыгар да, нэһилиэк дьонугар да эппэттэрин туһунан эрэннэриэхтээхтэр уонна ол тылларыгар хайаан да туруохтаахтар. Кинилэр оҕоҕо өйдөтүөхтээхтэр — сокуон кинини көмүскүүрүн, соҕотох буолбатаҕын, буруйдаах хаайыллыахтааҕын, кини кыһалҕата суох дьоллоох оҕо сааһы билэр бырааптааҕын.
Онон төрөппүттэр уонна учууталлар оҕолоргутугар болҕомтолоохтук сыһыаннаһыҥ, хараххыт далыттан таһаарымаҥ, — санаатын үллэстэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору кытта уһун кэмҥэ үлэлэспит полиция майора Т.Е. Иванова.
Бу туох хара дьайдаах дьонуй?
Уопсайынан, хас биирдии оскуолаҕа өйдөтөр, сэрэтэр үлэ ыытыллара уолдьаста. Үөрэҕи хаһан баҕарар ылыахха сөп. Баҕалаах, дьаныардаах эрэ буолларгын. Оттон олоҕу эрдэттэн харыстыах тустаахпыт. Ол иһин бэйэни тас куһаҕан дьайтан хайдах көмүскэнэр туһунан уһуйааччылар, уйулҕаһыттар, учууталлар кэнчээри ыччакка дьаныһан туран кэпсиэх кэриҥнээхтэр.
— Педофилия диэн психологическай ыарыы, ньиэрбэ үлэтин кэһиллиитэ, таҕылы таһаарыы сиэрэ суох көстүүтэ (сексуальное отклонение). Итинник ыалдьар дьону «педофиллар» дииллэр.
Педофиллар үксүн бэйэлэрин имэҥнээх баҕаларын, сексуальнай фантазияларын оҕолору кытта кэпсэтиинэн, Интернет нөҥүө суруйсуунан, сыгынньах оҕолор хаартыскаларын көрөн дуоһуйуунан уҕарыталлар. Ол эрээри ардыгар оҕону көрдөхтөрүнэ, ол-бу араас куһаҕаны саныы түһэллэр, харахтарыгар ону-маны оҥорон көрөллөр. Оччоҕо өйдөрүгэр дьайдаах хара санаа үөскүүр. Онтон көҕүйэн, дьаабы сыалларын ситиһэргэ соруналлар.
Педофиллар, туораттан көрдөххө, киһи болҕомтотун тардыах айылаах туох да улахан уратылара суох. Киһи киһи курдуктар. Ол иһин кинилэри көннөрү дьонтон араарарга олус уустук. Арай аһаҕастык кэпсэтэн, дууһатын арыйдахха эрэ, алҕас дуу, итэҕэйэн дуу, бэйэтэ билинэн кэбиһиэн сөп.
Оннук кыдьыктаах киһи дьулаан дьайыытыгар түбэспит оҕо ол туһунан мээнэ кэпсээбэт үгэстээх. Куттанан да, кыбыстан да. Онтон этэр түгэнигэр, кинини сэмэлээбэккэ, сымыйарҕаабакка, болҕойон истиэхтээхпит.
Дьиибэтэ диэн, оҕо итинниккэ үксүн уруккуттан билэр киһитигэр киирэн биэрэр эбит. Ылан көрдөххө, педофил 75-90% — оҕо итэҕэлин ылбыт дьон. Ол иһигэр 50% — төрөппүт уонна киириннъэҥ аҕалар. Ити дакаастанан турар.
Күүһүлээһин оҕо майгытыгар-сигилитигэр, өйүгэр-санаатыгар (психикатыгар) улаханнык охсор, чөл кутун кэбирэтэр. Онтон сылтаан отуора алдьанар, дьоҥҥо эрэлэ сүтэр, кыбыстар буолар, араас куһаҕан санааҕа ылларыан сөп. Оннук оҕону кытта аһаҕастык кэпсэтэн дуу, тустаах анал үлэһиттэргэ көрдөрөн дуу, уйулҕатын бөҕөргөтүөх тустаахпыт. Онто суох итэҕэстээх курдук сананан улаатыа, олороругар уустук буолуо, — диир психолог Саина Матвеева. Кини сүбэтин ааҕыҥ.
Психолог сүбэтэ
Төрөппүттэргэ анаан:
- — Оҕоҕутун кытта истиҥ, чугас сыһыаны олохтуоххутун наада. Кини эһиэхэ бүк эрэниэхтээх, итэҕэйиэхтээх. Сорох төрөппүттэр оҕолоругар имэҥ тиэмэтин сааттаах дьыала курдук өйдөтөллөр. Ол иһин оҕо оннук дьайыыга түбэһэн баран, ийэтин, аҕатын хомотумаары кэпсээмиэн эмиэ сөп. Кыбыстыбакка этэргэ үөрэтиҥ.
- Оҕоҕутугар туора дьон туһунан сөптөөх өйдөбүлү биэриҥ. Оҕо этэ-сиинэ бэйэтин эрэ киэнэ буоларын, атын киһи таарыйыа, туппахтыа, убахтыа, таҥаһын устуо уонна хаартыскаҕа түһэриэ суохтааҕын өйдөтүҥ. Балыыһаҕа көрдөрөрүгэр да, төрөппүт оҕотун аттыгар баар буолуохтаах. Эһиги киниэхэ этиэхтээххит: «Ким эмэ эйигин тыыттаҕына, имэрийдэҕинэ, хаартыскаҕа эҥин түһэрдэҕинэ, ол туһунан тута миэхэ кэпсиэхтээххин»,— диэн.
- Оҕоҕутугар элбэх болҕомтото ууруҥ. Төрөппүт өттүттэн сөптөөх болҕомтону ылбат оҕо туора киһиэхэ түргэнник итэҕэйэр.
- Бэйэ икки ардыгар аһаҕас, туох да кистэлэҥэ суох буолуҥ. Оҕоҕутун тулуйан, болҕойон истиҥ, күннээҕи олоҕун, доҕотторун, дьарыгын, оскуолатын туһунан мэлдьи ыйыталаһыҥ, сэргээҥ.
- Мээнэ-мээнэ кыыһырымаҥ, кыйаханымаҥ. Дьиэҕитигэр истиҥ эйгэни, сылаас сыһыаны олохтооҥ, өйдөһө сатааҥ.
Оҕоҕо бэйэтигэр туһаайан:
- «Суох»,— диэн аккаастыы үөрэниэхтээххин. Барытыгар сөбүлэһэн, барсан иһэр сыыһа.
- Бэйэҥ эккин-сииҥҥин билиэхтээххин. Төрүүр-ууһуур уорганнарыҥ ханна баалларын туһунан боппуруоска чопчу хоруйу биэрэргэ бэлэм буолуохтааххын. Ол уорганнаргын тыытыа уонна туора дьоҥҥо көрдөрүө, таарыйтарыа суохтааххын.
Уһуйааччыларга, учууталларга:
Күүһүлээһиҥҥэ түбэспит оҕолор психологическай туруктара маннык буолар:
- Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо буоллаҕына, сэргэхтик утуйар, баттатар, туохтан эрэ куттанар курдук туттар, оҕолору кытта сексуальнай сигилилээх оонньуулары оонньуур. Холобур, куукулатын сыгынньахтыыр, имэрийэр, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыары тутар, о.д.а.
- Алын кылаас үөрэнээччитэ буоллаҕына, эмискэ үөрэҕэр мөлтүүр, биир сиргэ кыайан тулуйан-тэһийэн олорбот, уол уонна кыыс анатомическай уратыларын туһунан «половой» боппуруоска бэйэтин сааһыгар дьүөрэтэ суох билиилээх буолар, ол туһунан сэргээн аҕай истэр, тэҥҥэ ырытыһар, доҕотторун, төрөппүттэрин кытта элбэхтэ кыыһырсар, бэйэтин имэринэр идэлэнэр.
- Улахан оҕо буоллаҕына, туохтан эрэ санааргыыр, наар хомойо сылдьар (депрессия), бэйэтин сэнэнэр буолар, үөрэххэ, дьарыгар интэриэһэ сүтэр, арыгыга, наркотикка, табахха убанар, дьиэтиттэн күрүү сатыыр.
“Виктимное поведение” диэн тугуй?
«Билбэт киһигин кытта кэпсэтимэ. Кинилиин ханна да барсыма. Оскуолаҥ кэнниттэн тута дьиэҕэр кэл. Улахан киһи эйигин кытта эйэргэһэр, эрийсэ сатыыр курдук буоллаҕына, ону дьоҥҥор этэ оҕус. Ааҥҥын туора дьоҥҥо арыйыма, аадырыскын кимэхэ да этимэ. Хараҥаҕа соҕотох сылдьыма. Киһилээх-сүөһүлээх сиринэн хаамар буол…»
Итинтэн да атын быраабылалары бары бэркэ билэр курдукпут. Ол гынан баран, син биир маннык түбэлтэ тахса турар. Тоҕо?
Социологтар үөрэтэн көрбүттэринэн, педофил сиэртибэтинэн үксүн «виктимнэй поведениелаах», ол эбэтэр киһи атаҕастыан, сэниэн, дьээбэлиэн сөп оҕолоро эрэйдээхтэр буолаллар эбит. Атыннык эттэххэ, муҥкук, туох эрэ комплекстаах, бэйэтин сэнэнэр, кыбыстынньаҥ, саҥата суох, тус санаатын эппэт, куттас. Оннук мөлтөхтөрү, дьэ, педофил бэлиэтии көрөр уонна тоҕоостоох түгэҥҥэ саба түһэр. Оччоҕо онтон да суох бэйэлэрэ муҥутаах дьон букатын да самналлар, бүгэн хаалаллар. Син биир үҥсүбэттэр диэн, сылы сыллаан туһаныахтарын сөп. Куттаан тураннар, сөпсөһө, сөбүлэһэ сылдьар, кыайан утарыласпат, бу атаҕастабылтан быыһанар суолу кыайан толкуйдаабат гына оҥорон кэбиһэллэр (манипулируйдууллар).
Өйдөөн кэбиһиҥ: «виктимнэй поведение» оҕоҕо төрөппүт таптала, болҕомтото ситэ тиийбэтиттэн үөскүүр.
Бэйэтигэр эрэллээх оҕо бэйэтин атаҕастаппат
Ол иһин ытыктабыллаах төрөппүттэр оҕолоргутун муҥура суох таптааҥ, кинилэргэ эрэниҥ, итэҕэйиҥ, өйөөҥ, сайдарыгар кыахта биэриҥ, усулуобуйата тэрийиҥ, кинилиин доҕордуу буолуҥ.
Тапталга бүөбэйдэнэн, туох да кыһалҕата суох улааппыт оҕо бэйэтигэр эрэллээх, сытыы-хотуу буолар, бэйэтин кимиэхэ да атаҕастаппат. Оттон көмүскэтэр дьоно суох тулаайахтары, иһэр-аһыыр төрөппүттэрдээҕи тустаах үлэһиттэр олох бэйэҕит хонтуруолгутугар ылыахтааххыт, сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ туруорсуохтааххыт. Ити эһиги эбээһинэскит.
Көрө-көрө көрбөтөҕө, билэ-билэ билбэтэҕэ буолартан, бэйэмсэх санааттан, аанньа ахтыбаттан, эрдэ-сылла кыһамматтан итинник алдьархайдар ааҥныыллар.
Онон бэйэ-бэйэбитигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаҕыҥ, болҕомтолоох, аһыныгас буолуоҕуҥ. Оччоҕо эрэ биһиги оҕолорбут оҕо саастара чаҕылхай күннээх, сырдык халлааннаах буолуоҕа…
Анисия Иевлева.