Күндү төрөппүттэр! Хаһан баҕарар оҕолоргутун кытары суолга сэрэхтээх буолуҥ! Оҕолоргутугар кыра саастарыттан суол быраабылаларын кэпсии үөрэтиҥ.
Бүгүн бу бэриллибит уруһуйдарынан сыыһа-халты туттууттан дьиҥ олоххо буолбут оһол тахсыбыт түбэлтэлэрин кэпсиэхпит.
Биир кыыс тротуарынан самокатынан хатааһылыы сылдьыбыт. Олус түргэнник сүүрдэ сылдьан бэйэтэ да өйдөөбөккө массыыналаах суолга тахсан хаалбыт. Суоппар уолуйан тохтообокко хаалбыт, кыысчаан элбэх эчэйиини ылан балыыһаҕа киирбит.
Күндү төрөппүттэр, суолга хаһан баҕарар сэрэхтээх буолары оҕолоргутун кытары кэпсэтэр буолуҥ. Оҕо тэлгэһэтин да таһыгар сэрэхтээх буолуохтаах, суолга тахсыа суохтаах!
Биир уол суолу светофор кыһыл уотугар түргэн үлүгэрдик сүүрэ охсон туораары гыммыт. Биир массыына суоппара өйдөөн көрөн тохтообут, иккис массыына суоппара уолу күүскэ дэҥнээбит.
Күндү төрөппүттэр, светофор кыһыл уота төһө даҕаны өргө диэри тыктар, оҕо хайаан даҕаны суолу күөх уокка туоруохтаах! Суолга ыксаллаах буолумаҥ!
Биир оҕо суолу пешеходнай туорааһыҥҥа диэри барыан сүрэҕэлдьээн, массыына суолун көҥүллэммэт сиргэ туораабыт. Ааһан иһэр автобус суоппара кыра оҕону өйдөөн көрөн тохтообут, онтон автобус кэнниттэн түргэнник айаннаан иһэр кыра массыына суоппара көрбөккө уолу эчэппит.
Күндү төрөппүттэр, хаһан баҕарар суолу көҥүллэнэр сиргэ туорааҥ, суолу туоруурга сэрэхтээх буолуҥ!
Уоллаах аҕа дьиэлээн иһэн суолу быһалыы туоруурга санаммыттар. Аҕата суолу бэрт түргэнник туораабыт. Уола массыына суолун иккис сорунуутуттан туораан иһэн, ааһан иһэр массыынаҕа кэтиллибит.
Күндү төрөппүттэр, оҕону суолга соҕотохтуу хаалларбат буолуҥ, суолга соҕотохтуу ыытымаҥ, сэрэхтээх, суолга оттомноох буолуҥ!
Маннык тэттик суол быраабылаларын оҕолоргутугар кэпсээҥ:
- оҕо, улахан да киһи массыына ааһар суолун туорууругар хараҕын бүөлүүр капюшон кэтэ сылдьар буоллаҕына, ону эбэһээт устуохтаах, эбэтэр кулгааҕар наушник кэтэ сылдьар буоллаҕына, арааран суолга болҕомтолоох буолуохтаах.
- Суолга күөх уот тыгар буоллаҕына эбэһээт туоруурга табыгастаах диэн буолбатах, суол хайа баҕарар өттүттэн киһи үөйбэтэх өттүттэн туормаһа аккаастаабыт массыына, суолга бастакытын киирбит уолуйбут суоппар, сырсыыттан куотан иһэр бандьыыт, итирик суоппар кэтиллиэн сөп. Онон суолу туоруурга сэрэхтээх буолуҥ!
- самокатынан, бэлэсэпиэтинэн массыына суолугар тахсыбат буолуҥ!
- төрөппүттэр оҕону бэйэтин эрэ бастакынан суолу туората ыыппат буолуҥ, кыра оҕо түргэнэ бэрт, онон суолга биирдэ баар буолбутун өйдөөбөккө хаалыаххытын сөп.
- Пешеход туоруур сирэ төһө да ырааппытын иһин, суолу булгуччу онон эрэ туоруургут ирдэнэр. Төрөппүт массыына ааһар суолун сыыһа туоруоҕа, оҕо ону үтүктүө. Ол иһин бириэмэҕитин бараан туран, суол быраабылатын тутуһаргар оруннаах.
Суолга сэрэхтээх буолуҥ!
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.