Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр Ороһуга элбэх оҕолоох ыалынан Фёдор Давыдович уонна Евдокия Ксенофонтовна Гольдеровтар дьиэ кэргэттэрэ буолаллар.
Кинилэр 15 оҕоломмуттарыттан ыар-аччык кэмҥэ 13 оҕону атахтарыгар туруоран, улаатыннаран ииппиттэрэ-такайбыттара. Дьон-сэргэ ытыктаан, итии-истиҥ тылынан ахтар ыаллара этилэр.
Оҕолор кыраларыттан көрсүө-сэмэй майгылаах, үөрэхтэригэр орто-үчүгэй, актыыбынай уопсастыбанньык буола улаатарбытыгар ийэбит, аҕабыт иитиилэрин оруола улахан.
Ол да курдук бары орто, үрдүк, үөрэҕи баһылаан, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн ийэ, аҕа, эһэ, эбэ буолан ньир-бааччы олоробут. Төрөппүттэрбит аһара үлэһит дьон этилэр. Иллээхтик, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн 67 сыл олорбуттара, биирдэ да кыыһырсан көрбөтөхтөрө. Сарсыарда уһугуннахпытына, дьоммут үчүгэй баҕайытык кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдии олорор буолааччылар. Онтон тээтэм таҥнан-саптан бултуу-алтыы баран-баран киэһэ эбэтэр түүн биирдэ кэлээччи. Кини үксүн дьиэҕэ олорбото. Улахан, биллэр-көстөр булчуттартан итэҕэс бултаабата. Сайыннары-кыһыннары, итии-тымныы диэбэккэ, наар айылҕаҕа сылдьан бултуура, ол барыта биһиги аһыырбыт, таҥнарбыт туһугар буолара саарбахтаммат.
Дьиэ үлэтэ, биһигини көрүү-харайыы, үөрэтии-такайыы ийэбитигэр сүктэриллэрэ. Ийэ оруола, дьиэ кэргэн тутулугар улахан оруолу ылара.
Төһө да кэмнэр аасталлар ийэбит кыһамньыта биһигини мэлдьи арыаллыыр, арчылыыр.
Ийэбит барахсан сатаабатаҕа диэн суоҕа, түргэн-тарҕан туттунуулаах, дэлэгэй, минньигэс астаах, сүрдээх ыалдьытымсах, кэпсэтинньэҥ хаһаайка этэ. Оччотооҕу саха дьахтарын сиэринэн иистэнэрэ, сааһыран баран сибэкки үүннэрэрин сөбүлүүрэ. Биһиги ийэбит үлэтин сыаналаан, эргэ-урба диэбэккэ, тикпит таҥаһын илдьирийиэр диэри оҕоттон оҕоҕо бэриллэн таҥас буолара. Мин үлэһит буолуохпар, маҥнайгы хамнаспын ылыахпар дылы, ийэм тикпит таҥаһын кэппитим диэтэххэ, омуна суох. Ийэбит холобурунан оҕолорбутун, сиэннэрбитин иитэбит. Ийэ сааһын тухары оҕолорун, сиэннэрин туһугар күннэтэ кыһаллар Күн тэҥэ киһи!
Ороһуга төрөөбүт, улааппыт төрөппүттэрим уһаайбаларыгар, дьиэбит утары саха балаҕанын туттаран, ийэлээх-аҕабыт аһаппыт, таҥыннарбыт, үөрэттэрбит тэриллэрин балаҕаҥҥа ууран, музей-балаҕан аатын ылан ыраахтан-чугастан ыалдьыттар көрөн-истэн, сөҕөн-хайҕаан бараллар. Аны «Кустук» диэн алааска олорбут өтөхтөрүгэр улахан уоллара Капитон Фёдорович этиитинэн, төрөппүттэрбитигэр сүгүрүйэн, өйдөбүнньүк бэлиэ туруорбутум.
Төрөппүт куруук төрөппүт — үйэҕэ умнуллубат!
Ахтыыны суруйда Гольдеровтар кыра кыыстара, оҕо итиитигэр өр сылларга иитээччинэн үлэлээбит Ульяна Фёдоровна.