Бүгүн биир олус интэриэһинэй уонна олоххо чыҥха атын көрүүлээх эдэр киһини кытары билиһиннэриэм. Кини аата Аман Одун. Бэйэтэ төрдө — Ньурба улууһа. Кини чөл олоҕу, спорду тутуһарын, араас дойдуну кэрийэрин таһынан, олоҕор туруоруммут биир сыаллаах-соруктаах, ол курдук түҥ былыргы устуоруйалаах түүр омуктары барыларын түмэр, сомоҕолуур, доҕордоһуу суолун олохтуур санаалаах. Ол санааттан Аман Одун «Тропа Тенгри» диэн бырайыак арыйан ыраах айаҥҥа туруммута.
Республикабыт күнүгэр, муус устар 27 күнүгэр, Аман велосипед көлөнөн уһун-киэҥ айана саҕаламмыта. Айаннаан иһэн кини Бурятия, Хакасия, Тыва түүр омуктарыгар киирэ сылдьан, бэйэтин идиэйэтин, санаатын кытары үллэстэн, биир санаалаахтарын булан кэпсэтэр. Билигин кини 5000 км айаннаан Азия киинигэр — Тываҕа Кызыл куоракка баар. Аманы мин Инстаграм страницатыгар @aman_odun булан кэпсэттим:
— Республикабыт күнүгэр айаҥҥа туруммутум. Сыалым-соругум биир — аймах омуктары түмэр, үгэстэрбитин тилиннэрэр, бииргэ сайдарбыт туһугар доҕордоһуу суолун тилиннэрии. 5000 км айаннаан Тываҕа Кызыл куоракка тиийдим. Биллэн турар, ыраах айаҥҥа, бэйэҕин сатаан көрүммэтэххинэ, киһи сылайыан, ыалдьыан сөп. Суолбар элбэх араас омуктары, буряттары, тувинецтары көрүстүм, кинилэр санааларын иһиттим, бэйэм санаабын тиэртим, ол миэхэ улахан суолталаах. Бэйэм бүтэрбит үөрэҕим «горный инженер-геофизик», идэбинэн үлэлээбэтэҕим олус ыраатта. Саха сиригэр Дьокуускайга уонна Ньурбабар, дьоммор, киирэ-тахса сылдьабын.
Аман Одун араас куораттарга сылдьан телевидениеҕэ биэриилэргэ кыттыыны ылар, Саха сирин туһунан кэпсиир, бэйэтин туруоруммут сыалын дьоҥҥо тиэрдэр. Кызылга куорат мэрын кытары көрсүбүт, маны таһынан олохтоох ыччаттары кытары билсэр, биир санаалаахтарын булан кэпсэтэр, олохтоохтор тылларын-өстөрүн үөрэтэр, култуураларын, историяларын кытары билсэр.
Саха ыччата маннык сырыынан сылдьан элбэҕи билэр-көрөр, сайдар, бэйэтин ис туругун бөҕөргөтөр баҕалааҕыттан киһи үөрэр. Эйиэхэ туола турар ситиһиилэри, айаныҥ ыллыктара арыллан истиннэр диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Анна СЛЕПЦОВА.