Наука академиятын иһинэн тэриллибит «СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр института» уопсастыбаннай тэрилтэ уонна Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата ситимнээх үлэлэрэ өссө үрдүк таһымҥа таҕыста. Ол курдук, бу дьыл от ыйын саҥатыгар Дьокуускай куоракка «Төрүччү төлкөтө» II сийиэс ыытыллара былааннанар.
Бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистири солбуйааччы Афанасий Ноев кыттыылаах «Төрүччү төлкөтө» II сийиэс барылын тула СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр институтун Бырабылыанньатын чилиэннэрэ кыттыылаах мунньах буолан ааста. Маны таһынан кыттыыны Национальнай бибилэтиэкэ, «Моя история» мусуой комплекса, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, СӨ Национальнай архыыбын үлэһиттэрэ ыллылар. Мунньах сүрүн боппуруоһунан үлэлиир былааны торумнаһыыга олоҕурда.
«СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр института» уопсастыбаннай тэрилтэ дириэктэрэ Константин Аргунов кэпсиир:
— Мунньах Бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Афанасий Семенович Владимиров салайыытынан ааста. «Төрүччү төлкөтө» II сийиэс икки секциятыгар эппиэтинэстээх дьон кыттыыны ылла. Буолар бириэмэтин от ыйын 8-9 чыыһылаларыгар диэн быһаардыбыт уонна ыытыллар миэстэтин Дьокуускай куоракка Үс Хатыҥ сиригэр диэн этиини киллэрдибит. Маны таһынан, ханнык секциялар буолаллара ырытылынна, Министиэристибэ өттүттэн туох көмө баар буолуоҕун ыйыталастыбыт. Бу ый 17-20 күннэригэр сийиэс бырайыага уонна балаһыанньата оҥоһуллуохтаах. Маны таһынан, биһигини кытары бииргэ үлэлэһээччилэрбит, Национальнай архыып — сийиэс чэрчитинэн IV «Моя родословная» күрэһи, Национальнай библиотека — муниципальнай тэриллиилэри кытары үлэни, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата — сийиэс 2-с секциятын «Төрүччүнү үөрэтии иитии уонна үөрэх эйгэтигэр» тэрийэргэ бэлэмнэнии үлэтин ыыталлар. «Моя история» мусуой комплекса быыстапка оҥорорго муниципальнай тэриллиилэр кытары үлэни саҕалаата.
Билигин дьон-сэргэ төрдүн-ууһун билэригэр интэриэс үөскээтэ диэтэххэ сыыспаппыт буолуо. Чуолаан, ону быйыл «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, Билим дьоҕус академията уонна СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр института «Память предков: генеалогия моей семьи-Төрүччү» республика үөрэнээччилэригэр ыыппыт научнай-практическай кэнпириэнсийэтигэр 300-тэн тахса оҕо кыттыбыта туоһулуур.
keskil14.ru