Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдулаах, үөскээбит төрүт дьонноох-сэргэлээх. Бэйэтин төрүччүтүн туһунан Уус-Алдан улууһун Бээди сүрүн оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччитэ Олег Старостин билиһиннэрэр.
Хас биирдии киһи төрдүн-ууһун билиэхтээх, кэлэр кэнчээри ыччакка тиэрдиэхтээх. Дьонун-сэргэтин билбэт киһи силиһэ быстыбыт үүнээйи кэриэтэ буолар. Төрдүн-ууһун билиитэ кини киһи быһыытынан силигилии үүнэн тахсарыгар тирэх буолар.
Мин ийэбинэн хос эбэм Бурнашева Агафья Федоровна, хос эһэбит Алексеев Петр Егорович буолаллар. Эбэбит Уус-Алдаҥҥа Аллараа Ыччат диэн сиргэ төрөөбүт, ийэтэ Варвара, аҕата Сүөдээх диэннэр. Эһэбит төрүттэрэ — Ыччаттар. Онно Саҕынньах диэн аатырар өтөххө олорбуттар. Хас да уоллаахтардаахтар эбит. Олортон биир Дөгдөл Дьөгүөр диэн уола, мин хос-хос эһэм, хоту Аллаах Үүҥҥэ таһаҕас илдьэ баран баран, кэлэригэр баай дьон кыыстарын ойох ылан кэлбит. Кыыс элбэх үрүҥ көмүс симэхтээх, күндү түүлээх, таҥас энньэлээх үһү.
Хос эһэм Петр Егорович Алексеев 1930-с с. Күүлэҕэ төрөөбүт. 1950 с. Бурнашева Агафья Федоровнаны кэргэн ылар. Сэттэ оҕолоноллор: Бииктэр, Улахан Бүөккэ, Аччыгый Бүөккэ, Туолук, Зоя, Роза, Клара. Мантан ортоку кыыһы Розалияны Решетникова Екатерина Ильинична иитэ ылар.
Эһэм кэпсииринэн, аҕата да, ийэтэ да үөрэҕэ суох эбиттэр. Колхозка үлэлииллэрэ. Орто Эбэнэн, Чараҥынан үлэлээбиттэр. Кэлин Бээди Күүлэтигэр саха дьиэтин туттубуттар. Хос эһэм Петр Егорович ыччат сүөһүнү хаачыстыбалаахтык көрөн, Саха АССР Верховнай Советын председателэ Овчинникова бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Оҕолорун үөрэттэрээри уонна аҕалара сүөһү көрөр буолан, Дүпсүҥҥэ көспүттэр. Оҕолор саҥардыы улаатан эрдэхтэринэ, 1970 сыллаахха ийэлэрэ Агафья ыалдьан, күн сириттэн туораабыт. Оҕолор төгүрүк тулаайах хаалбыттар. Ол иһин да буолуо, үлэни-хамнаһы санныларыгар сүгэн улааппыттар. Кэлин оҕолор 1970-1971 сс. «Өктөөбүр” колхозка утуу-субуу үлэлии киирбиттэр.
- Алексеев Виктор Петрович 1967-1970 сылтан 25 сыл устата “Дүпсүн” совхоз Бээдитээҕи отделениетыгар тракториһынан үлэлээбитэ. 1989 сыллаахха «Эрэл» ыччат-комсомольскай звенота отун былаанын лаппа аһаран, өрөспүүбүлүкээҕэ иккис миэстэни ылбыттара. Виктор Петрович сыралаах үлэтин иһин соҕуруу сынньанар путевканан наҕараадаламмыта.
- Алексеев Петр Петрович-II 1974 cылтан “Дүпсүн” совхоз Бээдитээҕи отделениетыгар совхоз ыһыллыар диэри тракториһынан үлэлээбитэ. “Эрэл” ыччат-комсомольскай звеноҕа ситиһиилээхтик үлэлээн, соҕуруу сынньанар путевканы ылбыта.
- Алексеев Петр Петрович-III 1974 сылтан «Дүпсүн» совхозка үлэһитинэн киирбитэ. 1976-1978 сс. аармыйаҕа сулууспалаабыта. 80-с сыллартан совхоз ыһыллыар диэри 22 сыл устата тракториcтаабыта .
- Охлопкова Зоя Петровна 1977 сылтан “Дүпсүн” совхоз Бээдитээҕи отделениетыгар фермаҕа өр кэмнэргэ ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Социалистическай куоталаһыыга бастаан, оройуон, нэһилиэк бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Нэһилиэк депутатынан талыллан, өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
- Захарова Клара Петровна 1977 сылтан “Дүпсүн” совхоз Бээдитээҕи отделениетыгар фермаҕа өр кэмнэргэ ыанньыксыттаабыта. Социалистическай куоталаһыыга бастаан, оройуон, нэһилиэк бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Нэһилиэк депутатынан талыллыбыта.
- Алексеев Анатолий Петрович 15 сааһыгар “Дүпсүн” совхоз Бээдитээҕи отделениетыгар фермаҕа борооску көрөөччүнэн үлэлии киирбитэ. Онтон ыла сайынын окко, кыһынын фермаҕа, субай сүөһүнү төлөһүтүүгэ о.д.а үлэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
- Решетникова Розалия Петровна 1978-1993 сс. “Дүпсүн” совхоз Бээдитээҕи отделениетыгар өр кэмҥэ маслоцехха үлэлээбитэ.
Ити курдук, соҕотох оҕо Петр Егорович Алексеевтан сэттэ оҕо төрөөн, кэлин тулаайах хаалан, киһи-хара буолан, үлэни-хамнаһы санныларыгар сүгэн улааппыттар. Дүпсүн сирэ, Бээди бөһүөлэгэ чэлгийэ сайдарыгар бары күүстэрин-сыраларын уурбуттар. Кэлин ыал буолан, оҕолоро, сиэннэрэ Саха сирин араас муннуктарынан тэнийэн-ууһаан, үлэлии-хамныы сылдьаллар.
Мин бу үлэбин оҥорон баран, “хас биирдии киһи төрдүн-ууһун билэрэ-үөрэтэрэ наадалаах” дии санаатым. Тоҕо диэтэххэ, бэйэм төрдүбүн-ууспун үөрэтэн, төрүччүбүн оҥорон баран, элбэҕи биллим, үөрэнним уонна маннык түмүккэ кэллим:
1) Мин төрдүбэр баар араас кэмнэргэ олоро сылдьыбыт дьону, кинилэр олохторун, үлэлэрин-хамнастарын үөрэтэн, оччотооҕу кэм ыараханын, кытаанаҕын биллим. Онно аймахтарым дьылҕата историяны кытта ситимнээҕэ көстөр.
2) Оччотооҕу олоҕу-дьаһаҕы, дьон-сэргэ кыһалҕатын сыаналыырга үөрэнним. Маны таһынан, киһи үтүө хаачыстыбата: тулуур, дьулуур, күүстээх санаа, үтүө, үлэһит майгы – бу барыта ханнык баҕарар олох ыарахан кэмнэрин кыайар-хотор күүстээхтэрин өйдөөтүм.
3) Төрүччүнү оҥоруу киһиэхэ элбэҕи билиэн-көрүөн, чинчийиэн баҕарар баҕатын уһугуннарар күүстээх эбит.
Түмүкпэр этиэхпин баҕарабын, төрүччү көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр күндү кылаат буолар. Онон хас биирдии саха оҕото төрдүн-ууһун билиэх, үөрэтиэх тустаах.