Ньурба 1 Хаҥалас оскуолатын III кылааһын үөрэнээччитэ Уйгулаан Васильев төрдүн-ууһун билэр, үөрэтэр сыаллаах бэйэтин төрүттэрэ Хамаа аҕа ууһун чинчийбит.
«Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх» — диэн бу өбүгэлэрбит өс хоһоонноро олус дириҥ өйдөбүллээх. Ол аата — ыал холумтанын уота өрүү умайа туруохтаах, умуллуо суохтаах диэн суолталаах. Оччоҕо аҕа ууһа тэнийэн, омук быһыытынан сүппэккэ-сэмэлийбэккэ, үөскүү-тэнийэ туруоҕа диэн санааны үөскэтэр. Бу өйдөбүлү бигэргэтэн, мин Хамаа аҕа ууһун төрүттээбит ытык дьонум туһунан чахчылары хомуйдум (салайааччы Н.Д. Осипова).
Алексей Васильевич-Хамаа кэргэнэ Анна Кононовналыын XIX-XX үйэлэргэ олорон ааспыттар. Хамаалар олорбут өтөхтөрө – Орто Көлүйэ алаас. Хос-хос-хос эһэлээх эбэм сүөһү иитэн, бултаан, бурдук ыһан, быр-бааччы олорбуттара биллэр.
Кинилэр 25 оҕону төрөппүттэриттэн 11 оҕо тыыннаах хаалбыт. Төһө да сэрии, аччык-сут ыарахан кэмигэр олорон аасталлар, үлэһит дьон буолан, итиччэ элбэх оҕону атахтарыгар туруоран, Хамаа аҕа ууһун төрүттээбит ытык дьоммут буолаллар. Былыр былыргыттан элбэх уоллаах ыал өрө тутуллара, буруо салҕааччы уолаттар буолаллар диэн өйдөбүл баара. Хамаалар 4 уоллара Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарынан буолаллар. Хос-хос-хос эһэм үтүө олоҕу олорон, 79 сааһыгар 1935 сыллаахха ыалдьан өлбүт.
Хамаа аймах аҕа ууһун быһыытынан бастакы түмсүүтүн 1995 с. төрөөбүт-үөскээбит сирдэригэр, Аканаҕа, тэрийэн ыыппыттар. Хамаа аймах аҕа ууһун ыччаттарын билиһиннэрэр сыаллаах ыытыллыбыт.
Төрүттэрбит олорбут өтөхтөрүгэр, Орто Көлүйэҕэ, сиэри-туому тутуһан, өйдөбүнньүк сэргэни туруорбуттар. Сэргэҕэ мин хос-хос-хос эһэм Хамаа уонна эбэм Аананы кытта 11 оҕолорун ааттара суруллубут: аҕалара Алексей Васильевич (1856-1937), ийэлэрэ Анна Кононовна (1886-1942), оҕолоро — Николай (1886-1943), Анна (1887-1942), Андрей (1894-1939), Егор (1900-1962), Прасковья (1908-1941), Игнатий (1910-1995), Дмитрий (1914-1991), Иван (1916-1943), Василий (1917-1970), Елена (1919-1967), Петр (1922-1941).
Хомойуох иһин, билиҥҥи эдэр дьон, оҕолор төрдүлэрин-уустарын билбэттэр. Биһиги, үүнэр эдэр көлүөнэ, аймах төрдүн-ууһун, кимнээх буолалларын, хайдах олорон ааспыттарын билиэх тустаахпыт. Хамаа удьуордара үөскээн- тэнийэн иһэллэр.