Ахсынньы 18 күнүгэр Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр буолан ааспыт Илин эҥэр уонна Томпо улуустарын эдэр чинчийээччилэригэр анаан ыытыллыбыт “Төрүччү” научнай-практическай конференцияҕа кыттыыны ылбытым.
Тэрийээччилэр – Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата, Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбыннай научнай институт уонна А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй.
Конференция буоларын туһунан иһиттинэриини убайым Иван Иннокентьевич Корякин ыыппыта. Ону сэргээн эһэбин Николай Федосеевич Попову кытта айаннаан кэлэн кыттыыны ылбытым.
Эһэм Иван Иннокентьевич Корякин оҥорбут Бытык аҕа ууһун төрүччүтүгэр олоҕуран, 2024 сыл тохсунньутуттан саҕалаан чинчийэн, үөрэтэн саҕылаабытым.
Бастаан “Басхан” дьыалабыай оонньууга кытыннараары салайааччым, Майатааҕы Ф.Г. Охлопков аатынан оскуола научно-методическай завуча Ольга Николаевна Максимова төрүччүбүг үөрэтргэ көҕүлээбитэ. Онтон интэриэһиргээн, 13 көлүөнэҕэ тиийэ төрүччүбүн салгыы үөрэтэн аймахтарбар тарҕатарга былааннабытым уонна профессор И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын түмэлин салайааччытын Диана Егоровна Тарабукинаны миигин научнай-практическай конференцияларга бэлэмнээн кытыннарарыгар көрдөспүтүм.
Чинчийэр үлэбэр Баатара уонна Бытык аҕа ууһун чинчийэр, үөрэтэр, эһэм өттүнэн аймахтарым төрүччүтүн оҥорор, төрүччү нөҥүө бэйэни, аймахтары билии, өрөспүүбүлүкэ историятын үөрэтэр сүрүн сыалы-соругу туруорбутум.
Туруоруммут сыалбын ситиһэрбэр дьиэ кэргэн архыыбын, төрүччүнү оҥоруу, анал программалары үөрэттим, тумус туттар аймахпытын туһунан видеоролик оҥордум. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар үлэлээбит-хамсаабыт аймахтарым туһунан киэҥ эйгэҕэ сырдатыы, аймахтарбын кытта билсэн, кэпсэтиии, ахтыы хомуйуу, Баатара уонна Бытык аҕа ууһун туһунан матырыйааллары ааҕыы, хомуйуу – бу барыта үлэм сыалын ситиһэрбэр сүрүн соруктарынан буолбуттара.
Өскөтүн хас биирдии оҕо төрдүн-ууһун билэр буоллаҕына, кини чугас дьонунан киэн туттар, харыстыыр, ааттарын үйэтитэргэ дьулуһар, үтүө киһи буоларга кыһанар.
Баатара
Саамай түгэх төрүппүт Баатара оҕонньор уонна Кэҥис эмээхсин диэн эбиттэрэ үһү. Бэрт былыр сахалар нэһилиэктэрин дойдуларын быысаһан эркээйи диэн тииккэ, маска сытыы сэбинэн бэлиэ оҥороллор үһү. Ол курдук төрүтүм Мүкэс Бөҕө Баатара нэһилиэгин сирин быысаһан ылбыт үһү. Куохараҕа олорор Улуу оҕонньор өлөрөн олоҕун былдьаан иһэн Тураҥнаах диэн сиргэ тохтоон, онно олохтоох Мэҥэни кытары сирин быысаһар. Ол быысааһыҥҥа олохтоохтон икки саһаан үрдүктүк тиит маска тахсан батыйанан үрүҥ кыһыл этигэр бэлиэ охсор. Ол онтон ылата Баатара сирэ буолбута.
Ойоҕунаан Кэҥис эмээхсинниин Бытыгы, Кустах Боотуру, Куһаҕайы, Малдьаҕары, Мүкэс Бөҕөнү төрөтөн киһи хара оҥорон улаатыннарбыттар.
Бытык
Бытык диэн Баатара оҕонньор уола. Кини – аҕа уус баһылыга, дьону-сэргэни тэнитэргэ ананан төрөөн,олоххо үтүө дьулуура,сырдык баҕата,үөрүү алгыһа кэнэҕэски көлүөнэ туһугар үлэлээтэҕэ-хамсаттаҕа. Бытык 1648 сыллаахха нуучча хаһаахтарыгар дьаһаах төлөөбүт эбит. Мантан көрдөххө, Бытык нууччалар Саха сиригэр кэлиилэрин саҕана олорбут эбит. Кини түөрт уолаттара – Нырчан, Баҕа, Булуу уонна Аврам.
Бытык ууһа XXI үйэҕэ 3500 киһи баара билиннэ. Аан бастаан нууччалар Саха сиригэр кэлиилэрин саҕана дьаһаах хомуйар хаһаахтар Куукуна эргин олохсуйан олорбут Бытык уолаттарын Бытыкиннар диэн докумуоҥҥа киллэрбиттэр.
Тараахсыттар
Тараахсыттар ( Поповтар) Эллэй Боотуртан ахсыс көлүөнэ дьон Арҕаа Баатараҕа олорбуттар. Кинилэр төрүттэригэр, Болотой Орхон, Баатара оҕонньор (кэргэнэ Кэҥэс Эмээхсин), Чуо Бытык, Дьооҕур Саттах онтон да атын норуот сэһэнигэр киэҥник биллэр, ахтыллар бэйэлэрин кэмнэригэр аатырбыт-суолурбут дьон киирэллэр.
Иоаким Дмитриевич Избеков. Саха АССР үтүөлээх артыыһа, суруйааччы, драматург, худуоһунньук, этнограф, үҥкүү туруорааччы, саха музыкальнай тэриллэрин ууһа.
Василий Петрович Попов. Бытык удьуор ыччаттара тимиртэн, мастан, муостан, туостан туттар тэриллэри оҥорор уустар, маастардар этилэр.Тараахсыт Поповтар диэн хас эмэ көлүөнэҕэ биллибиттэрэ. Ол курдук Попов Василий Петрович – Саха АССР үтүөлээх деятелэ, муосчут.
Лазарь Лазаревич Сергучев. Саха АССР үтүөлээх артыыһа, «За доблестный труд» мэтээллээх, кини аатын 2005 с. Сыымах спорт комплекса сүгэр.
Хос эбэм, хос эһэм
Хос эбэлээх эһээм Евдокия Степановна, Феодосий Федорович Поповтар диэннэр. Хос эһэм Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин II истиэпэннээх уордьаннаах, “Германияны Кыайыы иһин», «Японияны Кыайыы иһин» уонна хас да юбилейнай мэтээллэрдээх. Идэтинэн механик. Хос эбээм идэтинэн повар, өр сыллара Төхтүр оскуолатыгар повардаабыта. 4 оҕолонон атахтарыгар туруоран, үлэ таптыыр киһилэрэ буолбуттара.
Иван Иннокентьевич Корякин. РФ Үрдүкү Суутун Судебнай департаменын Саха өрөспүүбүбүкэтин управлениетын бастакы начальнига, юстиция генерал-майора, юридическай наука кандидата, доцент, Саха өрөспүүбүбүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, элбэх наҕараадалардаах. «Кэм-кэрдии быстыбат ситимэ», «Михаил Прокопьевич Габышев», «Бииргэ үөрэммиппит», «Бытык аҕатын ууһа», «Мэҥэ ааттар», «Олоҕум күлүмэ – бар дьоммор», «Олорбут олохпут» кинигэлэр ааптара.
Мин бу үлэбин оҥорон баран, “хас биирдии киһи төрдүн-ууһун билэрэ-үөрэтэрэ наадалаах” дии санаатым. Тоҕо диэтэххэ, бэйэм төрдүбүн-ууспун үөрэтэн, төрүччүбүн оҥорон баран, элбэҕи биллим, үөрэнним уонна маннык түмүккэ кэллим:
— мин төрдүбэр баар араас кэмнэргэ олоро сылдьыбыт дьону, кинилэр олохторун, үлэлэрин-хамнастарын үөрэтэн, оччотооҕу кэм ыараханын, кытаанаҕын биллим. Онно аймахтарым дьылҕата устуоруйаны кытта ситимнээҕэ көстөр.
— оччотооҕу олоҕу-дьаһаҕы, дьон-сэргэ кыһалҕатын сыаналыырга үөрэнним. Маны таһынан, киһи үтүө хаачыстыбата: тулуур, дьулуур, күүстээх санаа, үтүө, үлэһит майгы – бу барыта ханнык баҕарар олох ыарахан кэмнэрин кыайар-хотор күүстээхтэрин өйдөөтүм.
Аймахтарым тустарынан өссө сиһилии биллим. Кинилэр утумнара-сыдьааннара Поповтарынан, Корякиннарынан, Санниковтарынан, Романовтарынан, Сергучевтарынан ситим тардыһан бүгүҥҥү олох күүрээнинэн олороллор, үөрэнэллэр, үлэлииллэр, хааны-урууну тэнитэллэр. Кинилэр бары үлэни өрө туппут туруу үлэһит дьон буолалларынан киэн туттабын. Эһэм үлэһит үтүө аатын, биһиги, хос сиэннэрэ, куруутун үрдүктүк тутуохпут. Улахан киһи удьуордара, ытык киһи ыччаттара дэтиэхпит.
Төрүччүнү оҥоруу киһиэхэ элбэҕи билиэн-көрүөн, чинчийиэн баҕарар баҕатын уһугуннарар күүстээх эбит.
Төрүччү сүттэҕинэ бэйэ-бэйэҕин сүтэрсэҕин. Аймаҕынан арахсыы, дьиэ кэргэҥҥэ араас социальнай кыһалҕалар үөскээһиннэрэ – тулаайахсыйыы, туһата суох буолуу… Ол иһин, бу төрүччүнү оҥоруу норуоту тыыннаах хаалларар тыын хайысха буолар.
***
Туһаныллыбыт литературалар: И.И. Корякин «Бытык аҕатын ууһа», « Бичик” национальнай кинигэ кыһата, 2013 с.Дьокуускай; И.И. уонна А.О. Корякиннар “Олорбут олохпут”, Якутск “Дани-Алмас” , 2023 с.; Материалы по истории Якутии XVII-XVIII века (документы ясачного сбора) г. Москва Институт истории, филологии, философии Академии Наук СССР; Мегино-Кангаласский улус:История,Культура,Фольклор, Национальное книжное издательство «Бичик»; Сэһэн Боло-Д.И. Дьячковский “Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо”; Сосин И.М.Суон сурахтаах Суола үрэх, Издательство “ Алаас»; Токарев С.А. “Общественный строй якутов XVII-XVIII в.в.».
Алгыс ПОПОВ, IX кылаас,
профессор И.М. Романов аатынан
Төхтүр орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас