Олунньу 10 күнүгэр А.С. Пушкин аатынан библиотека историческай саалатыгар «Төрүччү төлкөтө» түмсүү иккис сийиэһин бэлэмниир мунньах буолан ааста. Мунньааҕы ыытта “Хотугу омуктар генеалогияларын уонна этнологияларын научнай-чинчийэр үнүстүүт” салалтатын бэрэссэдээтэлэ – Афанасий Семенович Владимиров. Мунньах сүрүн боппуруостарынан: иккис сийиэс балаһыанньатын бигэргэтии, быйыл буолуохтаах конференцияларын сиэксийэлэрин ахсааннарын, ааттарын чопчулааһын, үлэлиир былааны быһаарсыы уонна быыстапканы тэрийии буоллулар. Уон сыллаах түбүктээх үлэлэрэ үтүө үгэскэ кубулуйан, дьон-сэргэ төрүччүтүн үөрэтэрэ күүһүрбүтүн бэлиэтээн эттилэр.
Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан “КЭСКИЛ” оҕо кыһата быйыл ыытар «Генеалогия моей семьи» (Төрүччү) научно-практическай конференция кыттыылаахтарыгар уонна оҕолору бэлэмниир учууталларга проектнай улэни толорорго методическай улэни күүһүрдэргэ былаан ылынна.
Уруккутун билэр киһи, сырдык инникилээх. Төрүччү – норуот историятын төрдө.