Наһаараптар педагогическай династияларын туһунан Нам 1 №-дээх орто оскуолатын 4 “б” кылааһын үөрэнээччитэ Анита Находкина билиһиннэрэр.
«Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?»- диэн өбүгэ саҕаттан үгэс буолбут ыйытыы баар. Ол иһин сахалар бэйэлэрин төрүттэрин-уустарын үчүгэйдик билэллэрэ, ааҕа үөрэтэллэр этэ. Мин төрдүбүн-ууспун үчүгэйдик билээри, дьоммун сиһилии билсэр сыалтан төрүччүбүн үөрэтэргэ сананным. Онон Наһаараптар педагогическай династияларын туһунан сырдатыахпын баҕарабын.
Мин хос эһэм, Дмитрий Федорович Назаров, ѳр сылларга үөрэҕирии эйгэтигэр эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Кини Мэҥэ-Хаҥалас Бүтэйдээҕиттэн төрүттээх учуутал, үтүө сүбэһит этэ. Үйэтин тухары историяны үөрэппит буолан, архыыбы хасыһан, кырдьаҕастартан ыйыталаһан, Наһаараптар төрүччүлэрин оҥорон түмэн хаалларбыта.
Кини Дьокуускайдааҕы рабфагы бүтэрэн баран, баара-суоҕа 18 саастааҕар үлэтин Бүтэйдээххэ учууталынан саҕалаабыта. 1940 с. Өймөкөөн Томторугар үлэлии баран, Анна Ипатьевна Кондакованы көрсөн, ыал буолбуттара. Мэҥэ-Хаҥалас, Алдан, Өймөкөөн оскуолаларыгар история учууталынан, дириэктэринэн сүрдээх бэриниилээхтик, айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1969 с. Саха сирин тыатыгар, Өлөчөйгө, бастакы экспериментальнай өрөспүүбүлүкэтээҕи көмөлтө оскуолаҕа дириэктэринэн ананан, эргэ оскуоланы интэринээт оҥорон, үөрэнэр усулуобуйаны тэрийэн, сыра бөҕөтүн бараан, үлэһиттэрин кытта анаммыт болдьоххо барытын бэлэмнээбитэ, саҥа үөрэнээччилэри көрсүбүтэ. Салгыы саҥа 320 миэстэлээх оскуола тутуутун салайан, үлэҕэ киллэрэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах Өлөчөй көмөлтө 8 кылаастаах оскуолатын арыйан, саҥа кулуубу кииннээн туттаран, бөһүөлэк комплекснай сайдыытын ситиспитин, ол кэмтэн Өлөчөй социальнай-экономическай, культурнай олоҕун таһыма лаппа үрдээбитэ. Билигин “Өлөчөй коррекционнай оскуолата” диэн ааттанан, күн бүгүнүгэр диэри үлэлиир. Билигин оскуола төрүттээччитэ, маҥнайгы дириэктэр, биһиги хос эһэбит Назаров Дмитрий Федорович аатын сүгэр.
2019 с. биһиэхэ, Назаровтар-Находкиннар аймахха дьоро-бэлиэ күн буолбута. 2019 сыл сэтинньи 6 күнүгэр учуутал идэтигэр бэриниилээхтэрин иһин Назаровтар-Находкиннар дьиэ кэргэттэрэ «Саха өрөспүүбүлүкэтин педагогтарын династията» анал бэлиэни туттубут. Билигин Назаровтар династияларын 10 учууталын уопсай педагогическай ыстаастара 300 сылга тэҥнэһэр.
Хос эбэбин Анна Ипатьевналыын түөрт кыыс, икки уол оҕоломмуттара. Оҕолоро, сиэннэрэ, кини курдук, учуутал идэтин талбыттара.
— Кыргыттара Находкина Валентина Дмитриевна, Назарова Зоя Дмитриевна, Тихонова Диана Дмитриевна — педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ.
— Күтүөттэр Находкин Сергей Тихонович история учууталынан, Тихонов Василий Васильевич технология учууталынан үлэлээбиттэрэ.
— Мин эбэм, Валентина Дмитриевна, нуучча тылын, литературатын учууталынан Нам улууһун 1 Хомустаах, Салбан оскуолаларыгар өр сылларга үлэлээбитэ, биэнсийэбиэнсийэҕэ тахсыар диэри 20-чэ сыл Намнааҕы педагогическай училищеҕа педагогика преподавателинэн үлэлээн, уопсай ыстааһа 40 сылга тэҥнэһэр. “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына, үөрэҕирии салаатын туйгуна.
— Назарова Зоя Дмитриевна – математика учууталынан Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөйүн оскуолатыгар, Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ үлэлии сылдьыбыта, онтон Нам 1 N-дээх оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбитэ. Уопсай педыстааһа — 25 сыл. Үөрэҕирии туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Ссудо — Сберегательнай Союз Намнааҕы филиалын салайааччытынан 20-чэ сыл үлэлэлээбитэ.
— 22 сиэннэртэн Находкина Ирина Сергеевна 1 N-дээх Нам орто оскуолатыгар социальнай педагогунан 20 сыл үлэлээн кэллэ.
— Мин улахан убайым, Анатолий, Дьокуускай педагогическай кэллиэһин музыка салаатын устудьуона, эдьиийим, Кристина, Герцен аатынан Санкт-Петербургтааҕы университет начальнай кылаас учууталларын бэлэмниир институтугар үөрэммитэ.
— Назарова Зоя Дмитриевна кыыһа, Павлова Анна Юрьевна, ХИФУ методиһа. Икки сиэннэрэ эмиэ педагогическай хайысхалаах үөрэххэ үөрэнэ сылдьаллар.
— Дмитрий Фёдоровичтаах иккис кыыстара, Галина Дмитриевна, 6 оҕолооҕуттан икки кыыһа, Захарова Наталья Николаевна, Шишигина Алёна Николаевна, эмиэ учуутал идэтин баһылаан, үлэлии -хамныы сылдьаллар. Наталья кыра уола, Захаров Рома, ХИФУ география салаатын быйыл бүтэрдэ. Хос сиэннэрэ үөрэхтэрин бүтэрэн, эһэлэрин, төрөппүттэрин идэтин утумнаан, үүнэн иһэр көлүөнэҕэ билиилэрин тиэрдиэхтэрэ.
Биһиги, эдэр көлүөнэ Назаровтар, хос эһэбит Дмитрий Федорович олук уурбут идэтин салгыахпытын, саха дьоно үөрэхтээх, сайдыылаах буолалларыгар бэйэбит кылааппытын киллэриэхтээхпит диэн түмүккэ кэллим.