Сахалыы тылынан тахсар «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарыгы биһиги оскуолабыт алын кылааһын үөрэнээччилэрэ сөбүлээн туһаналлар. Тоҕо? Алтынньы 21 күнүнээҕи дьарыкка олоҕуран санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүм.
Карина Лукина, I кылаас (кылаас салайааччыта Сата Ивановна Ноева):
– Дьиэ кэргэн, ийэ, аҕа, эбээ, эһээ киһиэхэ дьолу бэлэхтииллэр. Ол иһин биһиги ийэлэрбитигэр көмөлөһөбүт, эйэлээхтик сылдьабыт, ийэлэрбитигэр ас астыырга көмөлөһөбүт. Бу дьарыкка видеону көрөммүн сөбүлээтим.
Элла Тарасова, Мичийэ Григорьева, III кылаас (кылаас салайааччыта Анна Сергеевна Герасимова):
– Алтынньы 21 күнүгэр «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарыгар «Мин төрдүм-ууһум – мин тирэнэр тирэҕим» диэн тиэмэҕэ кэпсэттибит. Анастасия Григорьева «Дьоллоох дьиэ кэргэн» ырыатын иһиттибит. Константин Ильич Аргунов төрүччү туһунан кэпсээбитин сөбүлээтибит. Кини куолаһа улахан. Өйдөнөр гына саҥарар. Төрүччү тылдьытын ыарырҕаттыбыт. Аймахтары быһаарар олус элбэх тыл баар эбит.
Уруокка бэйэбит төрүччүбүтүн оҥорбуппут. Анна Сергеевна бэлэм илиис биэрбитэ. Онно мас баар этэ. Ол маска төгүрүктэр бааллар. Онно бэйэбит, ийэбит, аҕабыт, эһээбит, эбээбит ааттарын суруйбуппут.
Ити курдук, мин санаабар, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» алтынньы 21 күнүнээҕи дьарыга элбэх оҕо төрүччүтүн туһунан санаан ааспыт буолуохтаах.
Алена КСЕНОФОНТОВА, Vlll кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы