«Нэhилиэкпит, улууспут олоҕор бэлиэ суолу хаалларбыт ытык дьоннорбут тустарынан кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии – биhиги, оҕолор, ытык иэспит” диэн санаалаах Дьааҥы улууһун Боронук оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ Наташа Степанова хос хос эһэтиттэн саҕалаан, төрдүлэрин туһунан архыып докумуоннарын чахчыларын, үһүйээннэри хомуйда.
Былыр этэллэринэн, киһи төрдүн-ууһун ахсыс-тохсус көлүөнэҕэ диэри билиэхтээх. Билигин кырдьаҕастарбыт аҕыйаабыттарынан, эрдэ ол туһунан хасыһан үөрэппэтэх буоламмыт, билигин төрүттэрбитин ааҕа билэрбитигэр уустук буолла. Сорох түбэлтэҕэ кырдьаҕастарбыт бэйэлэрэ да төрүччүлэрин үчүгэйдик билбэттэр.
Дьэ ол иһин, мин бэйэм төрдүбүн-ууспун билээри, төрүччүбүн үөрэтээри, эбэбин Данилова Анастасия Васильевнаны кытта үлэлээтим. Хос эһэм Ырыабыс Баһылай туһунан ахтыыны эбэбинэн эдьиийдэрим Колесова Вера Васильевна, Аммосова Елена Васильевна биэрдилэр.
Эбэм Анастасия Васильевна үлэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ. Кини 1950 с. Верхоянскай оройуонун Мачах учаастагар төрөөбүтэ. Бүтэрэн, Тюменскай уобалас Ишим куоратыгар арыы сыаҕын маастарын идэтигэр үөрэммитэ. Идэтинэн Намңа, онтон Боронукка үлэлээбитэ. Үлэтигэр үрдүк көрдөрүүлэрин иһин оройуоңңа ыытыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаңкатын хас да төгүллээх призера, 2002 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаңкатыгар 2-с миэстэлээх. Билигин төһө да биэнсийэҕэ олордор, сүөһүлээх-астаах, улахан хаһаайыстыбаны тутан олорор.
МИН ТӨРДҮМ — ЫРЫАБЫСТАР
- ХОС ХОС ЭҺЭМ СЛЕПЦОВ МИХАИЛ ФЕОФАНОВИЧ — ЫРЫА МЭХЭЭЛЭ
Хос хос эһэм, Слепцов Михаил Феофанович, дьоңңо-сэргэҕэ Ырыа Мэхээлэ диэн аатынан биллэр. Кини туһунан уос номоҕо буолан хаалбыт хас да үһүйээн баар.
Ырыа Мэхээлэ иччилээх куоластаах ырыаһыт
Слепцов Михаил Феофанович уруккута Буустаах нэһилиэгин учаастагар Дьокуускайдыыр айан улахан суол ортото, Ырыабыс хайатын анныгар олорбут. Дьон-сэргэ кинини Ырыа Мэхээлэ диэн ааттыыр эбит. 8 оҕолоох эбит, кэргэнэ эрдэ өлбүт.
Бу Слепцовтар аймах былыр былыргыттан бары ырыа дьоҕурдаах уонна бары кыайыылаах отчут-масчыт, сылгыһыт, булчут дьон эбиттэр. Ырыа Мэхээлэ аатын кытта Ырыа Хайата ыкса сибээстээх, бу хайа анныгар дьиэ-уот туттан олохсуйбута үһү. Ырыа Мэхээлэ алдьархайдаах иччилээх куоластаах киһи этэ дииллэр. Кини ыллаатаҕына, күөх тиит хагдарыйар, күөх ойуур, хайа кытта ыллаһара эбитэ үһү. Оннооҕор Испирдиэн ойуун Мэхээлэ ырыатыттан кутун-сүрүн баттатан, ситэри истибэтэ үһү.
Испирдиэн ойуун эмиэ сүрдээх күүстээх хомуһуннаах ойуун буолан, уос номоҕор хаалбыт. Испирдиэн Ырыа Мэхээлэни кытта Олдьо Төрдө диэн сиргэ олорбут, Саккырыыртан төрүттээх киһи. Саккырыыртан олохтоох Колесов Роман диэн эбээн баайа баара үһү. Бу баай биир уол оҕолоох эбит. Бу оҕо сүүрбэ сааһын туолуута ыалдьан өлөн хаалбыт. Төрөппүттэрэ уолларын олус аһыйбыттар. Испирдиэнтэн үңэн-сүктэн көрдөспүттэр: «Биһиги оҕобут өлөн хаалла, ону эн хайдах эрэ тириэрэр кыахтаах буоллаххына, баһаалыста туруор эрэ». Онуоха Испирдиэн: «Туруоруутун туруоруом. Ол буолан баран, киһи дьүһүннээх киһи буолуо суоҕа. Ону кэрэйбэт буоллаххытына туруоруом”, — диэбит. «Хайдах баҕарар буоллун, туруор эрэ»,- диэбиттэр. Испирдиэн сэттэ күннээх түүнү быһа кыыран өлбүт киһини тириэрдибит. Өлбүт киһи иккистээн тиллиитигэр икки хараҕын муус курдугунан түңнэри көрөн турбут. Туох да аһыгар топпот буолбут. Бу тириэрпит киһитэ төһө уһуннук олорбута биллибэт.
Ырыа Мэхээлэ- күүстээх киһи
Ырыа Мэхээлэ күүһүн туһунан уос номоҕор киирбит кэпсээннэр бааллар. Ол курдук, биир баай Ырыа Мэхээлэни хаңыл аты сыһыттара ыңырбытыгар тиийэн, ол аты икки кулгааҕыттан туппутугар хам хараҕаламмыт курдук туран биэртэ үһү.
Мачахтан чугас Чэй Быһыт диэн сиргэ үрүйэни быһаары, быһыт тутуутугар ыңырбыттарыгар эрбиитэ да, сүгэтэ да суох тиийэн, сыгынньах илиитинэн маһы тостурута тутан эбэтэр тиити силистэри түөрэ тардан, быһыты начаас оңорбута дииллэр.
Ырыа Мэхээлэ Олдьо түгэҕин саҕаланыытыгар наһаа кэрэ сиргэ олохтоох эбит. Бу сиргэ хас да центнердээх улаханнаах кыра икки таас баар. Улахан таас “Ырыа» диэн ааттаах, бу тааһы Ырыа Мэхээлэ көтөхпүт үһү. Бу сир “Таас көтөхпүт» диэн ааттанар.
Ырыа Мэхээлэни кытта ситимнээх сир ааттара:
Ырыа Хайа — Олдьо Төрдүгэр Ырыа Мэхээлэ олорбут хайата.
И.А.Худяков “Описание Верхоянского округа” диэн кинигэтигэр Верхоянскайтан 60 биэрэстэлээх Дулгалаахтыыр суолга, Олдьоҕо, 1830-с сыллардаахха диэри ханнык да хайа суох этэ диэн кэпсииллэр эбит. 1840-с сылтан арсыын курдук үрдүктээх кыра томтор баар буолбут. 1870-c cылларга бу томтор улаатан хайа моһуоннаах буолбут.
Таас көтөхпүт – Ырыа Мэхээлэ хас да центнердаах улахан тааһы көтөхпүт сирэ. Бу Олдьо Төрдүгэр киириигэ баар сир.
Ырыа Мэхээлэ аата — архыып докумуонугар
Архыып көрдөрөрүнэн, Слепцов Михаил Феофанович — Ырыа Мэхээлэ 1857 сыллаахха Олдьо Төрдө диэн Буустаах тоҕойугар төрөөбүт.
1927 сыллааҕы биэрэпис көрдөрөрүнэн, оччолорго 70 саастаах, огдообо эбит. Ырыаччы диэн хос ааттаах. Сүөһү ииттээн, бултаан, балыктаан, айаҕын ииттэн олорбут. 1926-1927 cc. Прокопий (26 саастаах), Василий (20 саастаах), Михаил (15 саастаах), Акулина (25 саастаах) оҕолорун кытта олорбут. Бу сыл 10 тииҥи, 2 куобаҕы, 3 хааһы, 3 хабдьыны, 10 куһу бултаабыттар. 20 буут мундуну, 1 буут алыһары, 22 буут сордоҥу балыктаабыттар. Барыта 11 төбө сүөһүлээхтэр. Онтон биэһэ ыанар ынах. Сылгылара суох.
Мантан көрдөххө, хос хос эһэм Ырыа Мэхээлэ дьадаңытык олорбут. Сүрүн дьарыктара: сүөһү иитиитэ уонна булт, балыктааһын.
***
Онон, хос хос эһэм Ырыа Мэхээлэ дьоңңо-сэргэҕэ биллибитинэн:
- Иччилээх тыллаах ырыаһыт;
- Илиитигэр бэрт күүстээх киһи;
- Олорбут сиригэр баар хайа Ырыа Хайа диэн кини аатынан ааттаммыт.
- Күүстээх буолан, хас да центнердаах тааһы көтөхпүт сирин Таас көтөхпүт диэн ааттаабыттар;
2. ЫРЫА МЭХЭЭЛЭ ОҔОЛОРУТТАН БИИРДЭСТЭРЭ — МИН ХОС ЭҺЭМ СЛЕПЦОВ ВАСИЛИЙ МИХАЙЛОВИЧ — ЫРЫАБЫС БАҺЫЛАЙ
Ырыа Мэхээлэ аҕыс оҕолооҕо. Кини оҕолоро — ырыаҕа-тойукка талааннаах ыччаттар. Мээнэҕэ кинилэри Ырыабыстар диэбэтэхтэр эбит.
Мих хос эһэм Слепцов Василий Михайлович-Ырыабыс Баһылай — ырыаһыт, тойуксут. Үйэтин тухары сылгыһыт. Сэрии сылларыгар Кылыгырга сылгыны үүрүүгэ сылдьыбыта. 1941-1942 сс. килбиэннээх үлэтин иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Василий Михайлович 1902 с. төрөөбүт. Ийэлэрэ эрдэ өлөн, сорох оҕо урууларыгар иитиигэ баран улааппыттара. Баһылай аҕатыгар Слепцов Михаил Феофановичка олорон улааппыта.
Баһылай кыра эрдэҕиттэн аҕатын ырыатын-тойугун истэ улааппыт буолан, бэйэтэ сыыйа ыллыыр идэлэммит, кинини кытта убайа Байбал эмиэ ыллаһара үһү. Оҕолор аттарын, оҕустарын мииннэллэр эрэ, бары ыллаабытынан сылдьан, Буустаах тоҕойугар улааппыттар.
Убайа Байбал оҕо эрдэҕинэ, Саккырыырга иитиллибит, элбэх оҕоломмут, Эмидирээн диэн сиргэ олорбут.
Баһылайы олохтоох сыылынай нууччалар ааҕарга, суруйарга үөрэппиттэр, онон син кыра үөрэхтээх эбит. Ол иһин 1930 с. Мачахха бастакы артыал тэриллиитигэр мунньахтаан, бырыбылыанньа бэрэссэдээтэлэ оңорбуттар, хас да сыл үлэлээбитин кэннэ уурайан, сылгыһыт, булчут буолбут. Ханна да үлэлээтэр ырыатын умнубат эбит.
Сэрии сылларыгар Мачахха «Кыһыл Ыллык» колхозка 260 ынах сүөһү, 380 сылгы, 180 таба баара. Онно үлэ бары салаатыгар Слепцовтар биир бастың, тутаах дьон эбиттэр. Баһылай — бастың булчут. Суордаахтан төрүттээх Старостина Вера Егоровна диэн колхоз бастың ыанньыксытын кэргэн ылан, оҕо бөҕөнү төрөтөллөр.
Улуу Кыайыы ыһыаҕар аҕатын Мэхээлэни ыллыаң дуо диэбиттэрин, “доруобуйам куһаҕан” диэн аккаастаабыта үһү,- «Ити оҕобун Баһылайы ыллатың”,- диэбитэ дииллэр. Ол иһин Баһылай ол ыһыахха ыллаабыт. Ону «Наһаа уһуннук ыллыыр эбиккин”,- диэн сороҕун ситэ ыллаппатахтара диэн кэпсээбиттэрэ.
Оҕолорун үөрэттэрээри, 50-с сылларга Остуолбаҕа көһөн кэлэн олохсуйар. Онно сүөһүгэ үлэлииллэр. Кэргэнэ Вера Егоровна бастың ыанньыксыт буолан, оройуон сэбиэтин депутатынан талыллар.
Баһылайы бырааһынньыктарга куруутун ыңыран ыллаталлар эбит, ол гынан баран “олус кылгастык ыллатаҕыт, саңардыы дьэ уобараспар киирэн, тылым-өһүм дьэ аһыллан эрдэҕинэ, «чэ, бүт» диэн тохтотон кээһэҕит”, — диэн, кэнники сүгүн ыллаабат буолбут.
Баһылай ырыатын биир фольклор хомуйааччы 1950 сылларга кэлэ сылдьан суруйбута үһү, онтон Верхоянскайга олордоҕуна, 1975-1976 с. Саха радиотыттан кэлэн магнитофоңңа устубуттара, кэлин дэң-дэң радионан ыллаталлара үһү.
Сааһыран да баран, оҕонньор олус ыраас туттуулаах, бэйэтин наһаа көрүнэр кырдьаҕас этэ. Баатылы сиригэр оттуур сирдээҕэ, дьиэлээҕэ. Сылын аайы совхозка 3-4 тонна оту оттооччу, олус чэпчэки, үчүгэй кыраабыллары оңороро.
Көһө сылдьан, оҕолорун барыларын үөрэттэрбитэ. Билигин олус элбэх сиэннэрдээх. 1989 сыллаахха өлбүтэ.
“Кини ырыалара олоңхо-тойук аңардаах буолаллар эбит. Аһыллан ыллаатаҕына, 5-6 чаас ыллыыра, ону ол саҕана оҕолоро «оҕонньор, бүт да бүт», -диэн сыанаттан түһэрэллэрэ, оччоҕуна кыратык хомойон, мүчүк гына-гына түһэрэ, билигин да харахпытыгар көстөр», — диэн оҕолоро ахталлар.
Нэhилиэкпит, улууспут олоҕор бэлиэ суолу хаалларбыт ытык дьоннорбут туhунан кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии – биhиги, оҕолор, ытык иэспит.