Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата оскуола саастаах оҕолорго «Төрүччү» бырайыагы иилээн-саҕалаан үлэлэтэр.
Биһиги бу бырайыагы саҕалыырбытыгар оҕо чинчийэр үлэтин сахалыы тылынан көмүскүүр кыахтаах диэн өйү-санааны тутуспуппут уонна бэйэтин төрдүн-ууһун туһунан төрөөбүт тылынан кэпсиирэ киниэхэ быдан чугас буолар диэн санааҕа тирэҕирбиппит. https://vk.com/wall-199463452_16969
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2022 сылтан Саха өрөспүүбүлүкэтин Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр институту, Саха сиринээҕи наука дьоҕус Академиятын кытта «Төрүччү» куонкуруһу ыытар. Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыттан 300-кэ оҕо кыттыыны ылар. Бастыҥ үлэлээх оҕолорбутун 2023 сылга В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» XХVII научнай-практическай конференцияҕа сөптөөх секцияларынан киллэрэн кытыннарбыппыт. Ол түмүгэр төрүччүтүн үөрэппит үс оҕобут Россия научнай түһүлгэлэригэр тиийэннэр лауреат, дипломант үрдүк аатын ылбыта.
Оҕолор, кинилэр төрөппүттэрин ортолоругар төрдү-ууһу наука таһымыгар таһааран үөрэтии, чинчийии улахан сэҥээриини ылбытын көрөммүт, «Төрүччү» куонкуруһу ааспыт сылга иккис төгүлүн тэрийэн ыыттыбыт. 200-кэ оҕоттон 10 бастыҥ үлэлээх оҕону таламмыт В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» XVIII научнай-практическай конференцияҕа киллэрдибит.
Быйыл «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференцияҕа төрүччү «Төрдү-ууһу чинчийии» диэн туспа секция быһыытынан киирдэ. Бу «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата төрүччү хайысхатыгар ыытан кэлбит үлэтин биир саамай улахан ситиһиитэ буолар.
Саҥа секцияҕа 41 эдэр чинчийээччи кыттыыны ылбытыттан, 10-на биһиги куонкуруспут нөҥүө ааспыт оҕолор:
Алексей Дорофеев (VI кылаас, А.Е. Мординов аатынан Тааттааҕы лиссиэй);
Андрей Платонов (VI кылаас, 24 №-дээх информационай-технологическай лиссиэй, Нерюнгри), Иван Тутукаров (VII кылаас, П.А. Павлов аатынан 1 Күүлээт орто оскуолата, Бүлүү);
Виолетта Боярская (VII кылаас, Е.Л. Чистяков аатынан Майскай орто оскуолата, Амма);
Толя Егоров (IX кылаас, В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас);
Степан Кривогорницын (XI кылаас, С.З. Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас);
Юра Никулин (В.В. Алексеев аатынан Мүрү уолаттар гимназиялара, Уус Алдан);
Люда Яныгина (V кылаас, Жедай орто оскуолата, Өлүөхүмэ);
Алёна Трынкина (XI кылаас, Арктическай оскуола, Дьокуускай к.);
Александра Урчик (2 №-дээх орто оскуола, Ленскэй куорат).
Бу уон оҕоттон сэттэ оҕобут төрүччүгэ ыыппыт үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанан, иккис турга ааспыттара. Кинилэртэн А.Е. Мординов аатынан Тааттааҕы лиссиэй VI кылаас үөрэнээччитэ Алексей Дорофеев I степеннээх дипломунан наҕараадаланна уонна «Леонардо» Бүтүн Россиятааҕы фестивальга кыттарга мэктиэлэннэ. Онтон Андрей Платонов Нерюнгритааҕы 24 №-дээх информационай-технологическай лиссиэй VI кылааһын үөрэнээччитэ эмиэ I теменнээх дипломунан наҕараадаланна уонна «Первые шаги в науку» Бүтүн Россиятааҕы научнай-чинчийэр куонкуруска кыттыыны ылар бырааптанна.
Людмила Яныгина бастакы, Алёна Трынкина, Александра Урчик, Иван Тутукаров үһүс степеннээх дипломунан наҕараадаланнылар.
Бииргэ үлэлэһэр партернардарбыт Саха өрөспүүбүлүкэтин Хотугу норуоттарын генеология уонна этнология научнай-чинчийэр института, Саха сиринээҕи наука дьоҕус Академията сиппит-хоппут, эттээх-сииннэх үс бастыҥ үлэ ааптарыгар – Степан Кривогорницыҥҥа, Алексей Дорофеевка уонна Андрей Платоновка «Ректайм» рекламнай хампаннаьттан 20-лии тыһ. суумалаах сертификаттары бэлэхтээтэ. Оҕолор бу суумаҕа 44 сирэйдээх альбому «Ректаймҥа» босхо оҥотторон ылар кыахтаннылар.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата иилээн-саҕалаан ыытар «Төрүччү» бырайыага үөрэнээччилэр, оскуолалар, учууталлар, төрөппүттэр ортолоругар улахан сэҥээриини ылла. Инники өттүгэр өссө күүһүрдэн, элбэх оҕону хабан ыытабыт. Онон баҕалаах оҕолор, дьиэ кэргэн «Төрүччү» бырайыакка кыттыһыҥ, үүнүҥ-сайдыҥ, төрүккүтүн-уускутун билэргэ дьулуһуҥ!
Чинчийэр үлэлэргитин keskilpress@mail.ru электроннай почтаҕа күүтэбит. Сиһилии 89143000198 (ватсап) нүөмэргэ билсиҥ.
Саҥа секция үлэтин туһунан кэпсиир видеолар: https://vk.com/wall-199463452_16949 https://vk.com/wall-199463452_16934
Сардаана МАТВЕЕВА, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын
«Чуораанчык», «Бэлэм буол» сурунааллар,
«Кэскил» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ.