Кулун тутар 26 күнүгэр «СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр института» уопсастыбаннай тэрилтэтэ уонна СӨ Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ үөрэх тэрилтэлэригэр төрүччүнү үөрэтиини киллэрэргэ бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥ түһэристилэр.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2022 сылтан СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр институту, Саха сиринээҕи наука дьоҕус Академиятын кытта «Төрүччү» куонкуруһу ыытар.
Бу сөбүлэҥ 2023 сыллаахха от ыйын 8-9 күннэригэр ыытыллыбыт «Төрүччү төлкөтө» II сийиэһин түмүгүнэн ыытылынна. Үөрэх тэрилтэлэригэр төрүччүнү үөрэтии үлэтэ араас тэрээһиннэр, научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэлэр, күрэхтэр, сэминээрдэр, төгүрүк остуоллар, куруһуоктар, бырагырааммалар, үөрэтиилэр нөҥүө ыытыллыаҕа диэн киирдэ.
Семен Иванов, СӨ Үөрэх уонна билим министиэристибэтин уопсай үөрэхтээһиҥҥэ, иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ государственнай политиканы ыытар департамент салайааччыта:
— Оҕо бэйэтин кыраайын үөрэтиитэ, дойдуга бэриниилээх буолуута бэйэтин төрдүн, силиһин-мутугун билэриттэн саҕаланар. Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр институкка Үөрэх уонна билим министиэристибэтин аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Үөрэх эрэ буолбакка, култуура, спорт өттүгэр бэйэлэрин билиилэринэн үллэстэн, маннык хайысханы илдьэ сылдьан, оҕону иитиигэ күүс-көмө буолаллара олус үчүгэй. Оҕону иитиигэ судаарыстыба уонна уопсастыба түмүстэҕинэ, түмүк баар буолар. Сөбүлэһиини түһэрсэн баран, муниципальнай оройуоннарга, куорат уокуруктарыгар институту кытта салгыы үлэлэһиҥ диэн сорук тарҕатыахпыт. Бу институт үлэлэһэн кэлбитэ ыраатта, улахан уопуттаахтар, онон билигин болҕомтото, сыаннаһа улаатта. Сөбүлэҥи тирэх оҥостон, салгыы саҥа таһымҥа таһаарардыы үлэлэһиэхпит.
Константин Аргунов, СӨ Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр институтун дириэктэрэ:
— Оскуолалары, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Оттон бу Үөрэх уонна билим министиэристибэтин кытта илии баттаһыыбыт улахан суолталаах. Үөрэх салааларын, оҕолору, учууталлары уонна төрөппүттэри кытта үлэлэһэрбитигэр күүс-көмө буолуо диэн эрэнэбит. Улуустар истэригэр туспа концепция оҥорон, төрүччүнэн патротическай иитии ыытылларыгар күүс буолар.
Константин Бубякин, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Орто Халыма олохтооҕо:
— Институту кытта 2018 сыллаахтан үлэлэһэбит. Төрүччүнү үөрэтии оҕо бэйэтин дойдутугар бэриниилээх буоларыгар иитиигэ туһалаах эбит диэн сыаналааммын үлэлэһэбин. Билиҥҥи кэмҥэ төрүччүнү үөрэтии саамай тоҕоостоох кэм. Патриотическай буолуу төрдө төрүччүгэ сытар диэн өйдөөтүбүт. Институт өссө Уһук Илин кэмпириэнсийэтигэр барыахтаах, ол үлэтэ үчүгэй түмүктээх буолуо диэн эрэллээхпит.
Снежана Воронова
keskil14.ru