Быйыл Арассыыйа үрдүнэн Учуутал уонна уһуйааччы сыла биллэрилиннэ. Онон мин хос-хос эһэм Михаил Николаевич Анисимов төрүттээбит Анисимовтар педагогическай династияларын туһунан сырдатарым тоҕоостоох дии санаатым. Сэтинньи ый 9 кунугэр 2005 сыллаахха учуутал идэтигэр бэриниилээхтэрин иһин Анисимовтар дьиэ кэргэннэрэ “Саха өрөспүүбүлүкэтин педагогтарын династията” диэн анал бэлиэни туппуттара. Анисимовтар династияларын 14 учууталын уопсай педагогическай ыстаастара 400 тахса сылга тэҥнэһэр.
Анисимовтар педагогическай династияларын төрүттээччитинэн мин хос-хос эһэм, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала Михаил Николаевич Анисимов буолар. Кини 1893 сыллаахха Сунтаар улууһун Түбэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1908 с. Элгээйи оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Кини биллиилээх учуутал Петр Хрисанфович Староватовка үөрэммитэ. Петр Хрисанфович туйгун үөрэнээччитигэр үөрэҕин салгыырыгар сүбэлээбит. Михаил аҕатыгар эппитин, сөбүлээбэтэх: «Сөптөөҕүн үөрэнниҥ, билигин ыал буолаҥҥын хаһаайыстыбаҕа көмөлөһүөҥ”,- диэбит. Онуоха эһэм үөрэххэ тардыһыытын күүһэ, учууталлара кэпсээбит улуу учуонай М.В.Ломоносов холобура кынаттаан, аҕатыттан чып кистэлэҥинэн билэр дьонуттан харчылаһан, ыраах Дьокуускай куоракка айаннаабыт. Онтон борохуотунан айаннаан, Иркутскай куоракка тиийэн, учуутал семинариятыгар киирбит. Түөрт сыл ситиһиилээхтик үөрэнэн, төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлэн, оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ олоҕун 43 сылын анаабыт. Өр сылларга үлэлээбит Сиэйэтин оскуолата кини аатын сүгэр.
Кэргэнэ Анна Николаевналыын түөрт оҕону төрөтөн, түөрт оҕону иитэн, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбиттэр. Онтон алта оҕо учуутал идэтин талбыттар.
Эһэм кэргэниниин Аҕа дойду ыар сылларыгар кыаммат-түгэммэт ыаллар оҕолорун түмэн, дьааһыланы үлэлэппиттэрин туһунан Түбэй олохтоохторо махтана кэпсииллэр. Мин ийэбинэн эһэм, кини эдьийэ, быраата онно сылдьан тыыннаах хаалан, оҕо-уруу тэниппиттэр. Эһэм эдьиийэ Татьяна Андреевна Түбэйгэ 11 оҕолоох Герой Ийэ буолар. Инньэ гынан, Түбэй нэһилиэнньэтэ кэҥииригэр хос-хос эһэлээх эбэм улахан өҥөнү оҥорбуттар.
Хос-хос эһэм ииппит сиэн быраата Георгий Петрович Михалев Бүлүү педтехникумун бүтэрэн, 40 сыл устата учууталлаабыт, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, Хорсунун иһин мэтээллээх, Прагаҕа тиийэ сэриилэспит.
Уон сааһыттан ииппит сиэн балта Филиппова Марина Максимовна Бүлүү педучилищетын бүтэрэн, 25 сыл үөрэх эйгэтигэр үлэлээбит.
Алта сааһыттан ииппит кыыстара, хос-хос эбэм Анна Николаевна сиэн балта Филиппова Людмила Георгиевна 41 сыл устата учууталлаабыт. Үтүө суобастаах үлэтин иһин “ РСФСР үөрэҕин туйгуна” бэлиэлээх.
Людмила Георгиевна кэргэнэ Степан Гаврильевич Хардарысов “РСФСР үөрэҕин туйгуна” буолар, 35 сыл устата учууталлаабыт, оскуолаҕа дириэктэрдээбит. Кинилэр кыргыттара төрөппүттэрин суолларынан Вера Степановна 32 сыл, Любовь Степановна 15 сыл олохторун үөрэх эйгэтигэр анаабыттар.
Хос-хос эһэм төрөппут улахан уола Никон Михайлович Бүлүү педучилищетын, салгыы Саха Государственнай университетын историяҕа салаатын бүтэрэн, 29 сыл учууталлаабыт, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа буолар.
Иккис уол Виталий Михайлович Анисимов – педагогическай наука доктора, профессор, РФ үтүөлээх учуутала, Саха, Киргизия республикаларын, РФ үөрэҕин туйгуна, Учууталлар учууталлара, педагогическай, социальнай наукалар Академияларын академига буолар, 55 сыл педагогическай ыстаастаах. Үөрэнэр Түбэйим орто оскуолата таайым Виталий Михайлович аатын сүгэр.
Виталий Михайлович кэргэнэ, Дина Степановна — нуучча тылын учуутала, РСФСР үөрэҕин туйгуна, 39 сыл педагогическай ыстаастаах. Кинилэр кыыстара Елена Витальевна – филологическай наука кандидата, 43 сылын үөрэх эйгэтигэр үлэлии сылдьар.
Хос-хос эһэм төрөппүт кыыһа, мин хос эбэм Варвара Михайловна Архангельская, биология учууталынан үлэлээбит. Варвара Михайловна кэргэнэ, мин хос эһэм Георгий Дмитриевич Архангельскай – нуучча тылын учуутала, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, Аҕа дойду сэриитин 1 истиэпэннээх, Албан Аат уордьан 3 истиэпэннээх кавалера, 37 сыл педагогическай стажтаах.
Кинилэр сиэннэрэ Архангельская Альбина Анатольевна — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна. Билигин таайын аатын сүгэр оскуолаҕа үтүө суобастаахтык дириэктэрдии, учууталлыы сылдьар. Уопсай ыстааһа 25 сыл буолла.
Мин аҕам, Варвара Михайловна Георгий Дмитриевич сиэнэ, Аркадий Анатольевич Архангельскай СГУ культурология салаатын бүтэрбитэ. Түбэй оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ, билигин учууталлыы сылдьар. Педагогическай ыстааһа 23 сыл буолла.
Анисимовтар педагогическай династияларын үөрэтэн баран, хос-хос эһэм Михаил Николаевиһынан киэн туттуум өссө күүһүрдэ. Кини үөрэххэ, сырдыкка-билиигэ тардыһыыта миигин кынаттыыр. Биһиги, эдэр көлүөнэ, кини олук уурбут идэтин өссө салҕаан, оҕолору билиигэ-көрүүгэ сирдээн, иитэн-такайан, Сахабыт сирэ сайдыылаах буоларыгар бэйэбит кылааппытын салгыы киллэриэхтээхпит диэн санааҕа кэллим.
Арылхан Архангельскай, академик В.М.Анисимов аатынан агротехнологическай хайысхалаах Түбэй орто оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитэ.