Саха норуотугар уһулуччулаах дьон төрөөн-үөскээн, бар дьонугар көмө-тирэх буолан, кинилэр көмүс ааттара билиҥҥэ диэри ааттана турар. Оннук биир ытыктабыллаах киһибитинэн саха норуотугар элбэх үтүөнү оҥорбут Өймөкөөн улууһун Байаҕантайыттан төрүттээх 1 гильдиялаах атыыһыт, меценат Николай Осипович Кривошапкин буолар. Кини туһунан Г.А.Кривошапкин аатынан Төрүт орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ Данил Кривошапкин билиһиннэрэр.
Хас биирдии киһи бэйэтин төрдүн-ууһун билиэхтээх. Мин кыра эрдэхпиттэн атыыһыт меценат Николай Осипович Кырбааһааҥкын миэхэ хаан уруу аймах буоларын дьоммуттан истэрим. Билигин ону үөрэтэн-хасыһан көрөн, элбэҕи биллим. Бу сылга — Н.О.Кривошапкин 185 үбүлүөйдээх сыла.
Өймөкөөн улууһугар Тарын Үрэх диэн эриэккэс сэттэ сирэйдээх хайалаах, дохсун сүүрүктээх Индигир өрүс устан туһэр сиригэр Бордуулаах удаҕан III Байагантайтан Тарыҥҥа көһөн кэлэн олохсуйан, Кырбаһааҥкын аҕа ууһу тэниппиттэр.
Аатырбыт атыыһыт, меценат, баай Кривошапкин Николай Осипович хос эбэтэ Бордуулаах удаҕан Онтойор диэн сиэниттэн Осип төрөөн, улаатан, ойох ылан, 350-ча ынах, сылгы сүөһүлэнэн син балачча байбыт. Кини кыыһыгар Мавраҕа, Афанасий, Ньукулай уонна Уйбаан диэн уолаттарыгар сүөһүтүн тэҥ гына түҥэтэн барыларын ыал оҥортообут. Икки улахан уол Афанасий уонна Ньукулай оҕоломмотохтор. Уйбаан элбэх 10 оҕолонон (9 уол, 1 кыыс) көннөрү сэниэ ыал буолбут. Охоноос, Миитэрэй (Бугдуун), Хойохо Бүөтүр, Омук Бүөтүр, Дьөгүөр, Ньукуус, Ыстапаан (Омукаан), Хаҥалас Дьарааһын, Хабырыыл (Тыллар) диэн уолаттарын улаатыннаран, киһи- хара оҥортообут. Соҕотох кыыһа Мавра удаҕан эбитэ үһү.
Ити дьон бары оҕолонон-урууланан, бэрт киэҥ халыҥ аймах буолбуттар. Холобур, кинилэртэн Афанасий Иванович 13 оҕоломмут. Олортон Гаврил Афанасьевич Тыллар (эһэтин хос аатын араспаанньа оҥостубут) син балачча үөрэхтэнэн, үтүө үлэһит буолбут. Сылгыһыт Герасим Афанасьевич Кривошапкин килбиэннээх үлэтин иһин Социалистическай Үлэ Геройун үрдүк аатын ылан чиэстэммитэ. Өссө биир сыдьаан Бүөтүр уола Кривошапкин Власий Петрович 1941-45 сылларга сэрии кэмигэр үлэ фронугар Киренскай куоракка үлэлээбит. Горнай, Анаабыр, Өймөкөөн оройуоннарыгар салайааччынан үлэлээбит, «За доблестный труд в ВОВ» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Аатырбыт атыыһыт Николай Осипович Кривошапкин аҕыс улууһу ас-таҥас тиэйэн, аһаппыта. Байаҕантан улууһуттан төрүттээх онтон бу сир билиҥҥи Уус-Алдан, Таатта, Томпо уонна Өймөкөөн улуустарынан таарыйара. Аны Өймөкөөн аҥара Магадаҥҥа бэриллэн, Сэйимчээн уонна Сусуман (эбээннии «кухуман”-тибии диэн тылтан) оройуоннара үөскээбиттэрэ, ону таһынан Муомаҕа, үс Халыма улуустарыгар ас-таҥас тиэрдэрэ. Ол кэмнээҕи суол-иис суох кэмигэр атынан, табанан ас-таҥас таһан, элбэх киһини аччыктааһынтан быыһаабыта, дьон олоҕун тупсарбыта. Бэлиэтиэххэ наада, бу атыылыырыгар хаһан даҕаны арыгыны илдьибэт этэ.
Бэйэтэ үөрэҕэ суох буолан, Николай Осипович саха ыччата үөрэхтэниэн баҕарара. Дьокуускайга саха уонна хотугу норуоттар кыаммат ыччаттара үөрэнэллэригэр анаан таас акылааттаах, икки мэндиэмэннээх оскуоланы туттарбыта.
Бу Орджоникидзе болуоссатын утары 5 №-дээх оскуола диэн ааттана турбута. Кэлин көтүрүллүбүтэ эрээри, саҥа тутуллубут таас оскуола билигин Н.О.Кривошапкин аатын сүгэр. Мэҥэ Алдан, Өймөкөөн оскуолаларын тутуутугар көмөнү оҥорбута. Дьокуускай к.дьадаҥы оҕолоругар анаан көмө пуонда тэрийбитэ. Байаҕантай улууһун бары уолаттарын үөрэҕин төлөөбүтэ. Учуонай-геолог Иван Черскэй Индигиир уонна Халыма өрүстэрин кытылын геологическай чинчийиитигэр көмөлөспүтэ. «Саха омук» сырдатар уопсастыба бибилэтиэкэ тэринэригэр 10 тыһ.солк.биэрбитэ. Оччолорго ол олус улахан харчы этэ.
1912 с. атырдьах ыйын 25 – балаҕан ыйын 2 күннэригэр саха омук сийиэһигэр кыттыыны ылбыта уонна император Романовтар 300 сылларын бэлиэтии Москваҕа барар сахалар делегацияларын эмиэ үбүлээбитэ.
Меценат баай Кырбаһааҥкын туйаҕын хатаран, үтүө дьыалатын салҕаан, кини биир сыдьаана Кривошапкин Александр Егорович (Дьогүөр уола) Дьокуускай 5 №-дээх оскуола попечительскай сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн, бу оскуолаҕа элбэх көмөнү оҥорбута. Александр Егорович бэйэтин олорбут кэмигэр эмиэ элбэх ситиһиилээх. Ол курдук, ГУП «Информационно-технический центр», ООО «Агронтек» и ДГУП «Инженерно-технический центр» салайааччытынан үлэлээбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын аныгы кэмҥэ сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитэ. Ситиһиилээх үлэтин иһин РФ бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта.
Өссө биир үтүө дьыаланан дьарыктанар киһинэн эмиэ кини сыдьаана, Кривошапкин Виктор Семенович, норуот эмчитэ буолар. Кини элбэх киһи доруобуйатын тупсарыыга, саха спортсменнарын эмтээн, массажтаан, чөл олоххо тардыһыыга көмөлөһөр. Ааспыт саас мин нэһилиэкпэр НВК күннэригэр НВК салайааччыта Марков Олег Олегович эмиэ Кырбаһааҥкын сыдьаана буоларын туһунан эппитэ. Ити курдук, бу киэҥ халыҥ аймах, дириҥ историялаах сыдьааннарын төрдүлэрин билэн, аал-луук мас оҥоруохха наада эбит диэн санааҕа кэллим.
Мин эһэм Кривошапкин Петр Николаевич Ньукуус (Ондолоот) уола буолар. Кини өр кэмҥэ Төрүт нэһилиэгин сельсовет салайааччытынан үлэлээбитэ. Төрүтү сайыннарыыга, тупсарыыга эмиэ сыратын биэрбитэ. Мин эбэм Кондакова Агафья Гаврильевнаны кытта 43 сыл эйэ дэмнээхтик олорон, биэс оҕону төрөппүттэрэ. Өбүгэлэрин үгэһин салҕаан, ынах-сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктаммыттара. Билигин кинилэр оҕолоро күн бүгүҥҥэ диэри сыспай сиэллээҕи иитиинэн утумнаах дьарык оҥостон олороллор.
Мин кыра уолларын Гаврил Петрович уола Данил Кривошапкин буолабын. Мин үөрэнэр Төрүт орто оскуолата Дьоруой Кырбаһааҥкын аатын сүгэр. Маннык дириҥ историялаах, элбэх аатырбыт ааттаах дьонноох-аймахтаах Кырбааһааҥкыннар сыдьааннара буоларбыттар киэн туттабын. Аҥардас аатырбыт 1 гильдиялаах атыыһыт Николай Кривошапкин мин аймаҕым буоларыттан, кини оҥорбут үтүө дьыалата холобур буолан, инники олохпор эрэллээхтик үктэнэрбэр тирэх-көмө буолуоҕа диэн эрэнэбин. Билиҥҥи кэмҥэ үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт Сахабыт сирин сайдыытын туһугар кинилэр үлэлэрэ, бэриниилэрэ холобур буолар.