Сахалыы эйгэҕэ иитиллибит, улааппыт оҕо атын сиргэ тэлэһийэн үөрэнэ, олоро бардаҕына, бэйэтин хайдах сананар эбитий? Ол туһунан бүгүн эрэдээксийэбит ыалдьытын кытары кэпсэтиэхпит.
Анастасия Матвеева Калмыкскай судаарыстыбаннай университет физика уонна математика салаатыгар 3 кууруска үөрэнэр. Бу кылгас сайыны устудьуон кыыс дойдутугар атаарда. Дуоһуйа төрөөбүт тылынан саҥарда. Оҕо эрдэҕиттэн сахалыы эйгэҕэ улааппыт кыыс атын дойдуга маҥнай тиийээт атыҥыраан ылбыт. Кини этэринэн, итиччэ ыраах дойдуга саха оҕолоро үөрэнэр буолан, кинилэр түмсүүлээх, төрөөбүт тылларынан саҥарар, кэпсэтэр-ипсэтэр буоланнар, дьонун, дойдутун ахтара-суохтуура уҕараабыт.
Салгыы Анастасия кэпсиир:
— Мин Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон бэйэм баҕа өттүбүнэн Калмыкскай судаарыстыбаннай университетка үөрэххэ туттарсан киирбитим. Калмыкия бэйэтэ дьоҕус республика. Баара-суоҕа 200 тыһ. киһи олорор. Киин куората — Элиста.
Бэйэм уопсайга саха кыргыттарын кытары олоробун. Үөрэхпит нуучча тылынан ыытыллар. Онтон хоспут иһигэр бэйэбит төрөөбүт эйгэбит — сахалыы эйгэ. Кыргыттарбын кытары сахалыы кэпсэтэбит. Университетка уопсайа Саха сирин араас муннугуттан 17 устудьуон үөрэнэр. Бары илии тутуспутунан сылдьабыт.
Онтон сөҕөрүм диэн — калмык оҕолоро бэйэлэрин төрөөбүт тылларын билбэттэрин. Бастаан утаа мин телефонунан дьоммун кытары сахалыы кэпсэтэрбин истэн баран наһаа соһуйаллара, тылбын-өспүн интэриэһиргииллэрэ. Аан бастаан ыйытыы бөҕө буолаллара, хайа омуктуу саҥарарбын, «өссө саҥаран кулу » диэччилэр да бааллара.
Биирдэ бииргэ үөрэнэр оҕолорбуттан калмыктыы «төрөөбүт күҥҥүнэн» диэн хайдах сурулларын ыйыттым. Ону билбэппит диэбиттэригэр, наһаа соһуйбутум. Литературнай тылы билэр эдэр киһи суох, төрөөбүт тылларын билэр да буоллахтарына, кэпсэтии эрэ тылын билиэхтэрин сөп.
Онтон төрөөбүт тылгытынан саҥара үөрэниэххитин диэн ыйыттым биирдэ, ону «куһаҕана суох буолуо этэ» диэн хардарбыттара. Ол аата ыччат син интэриэстээх буоллаҕа.
Калмык тылынан 3 эрэ көлүөнэ дьоно саҥараллар. Холобур, бииргэ үөрэнэр оҕолорум ийэлэрэ-аҕалара төрөөбүт төрүт тылларын билбэттэр, саҥарбаттар. Онтон оскуолаҕа калмык тылын үөрэтэллэр, оскуоланы бүтэрээччилэр диктант эҥин суруйаллар эбит, ол да үрдүнэн ыччат ортотугар, хомойуох иһин, бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥарар киһини көрсө иликпин. Народнай үҥкүү ансамбыллара бааллар, калмык үҥкүүтэ эмиэ туспа биир дьикти кэрэ көстүүлээх. Ол да иһин буолуо, мин эмиэ биир кэмҥэ калмык култууратын интэриэһиргээн үҥкүү ансамбылыгар сылдьыбыттааҕым.
Элиста Калмыкия киин куората. Хайдах эрэ Германия кыра куораттарын курдук оҥоһуулаах дьиэлэрдээх, уулуссалардаах дии санаабытым. Күөх үүнээйи элбэх, куорат бэйэтэ ыраас. Олохтоохтор тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлар. Сылын аайы «Фестиваль тюльпанов» ыытыллар. Бу калмыктар национальнай бырааһынньыктара. Тюльпан истиэпкэ үүнэр, Калмыкия республикатын биир киэн туттуута уонна харыстанар сиринэн буолар. Калмыкияҕа муус устарга Саҥа дьылы бэлиэтииллэр. Бу дьиэ кэргэнинэн мустан көрсөр бырааһынньыктара. Бу күн национальнай бүлүүдэлэри астыыллар.
Национальнай таҥаһы саастаах өттө кэтэр. Онтон ыччат аныгы муоданан салайтаран стилизованнай футболкалары, свитшоттары кэтэр.
Калмыктар биһиэхэ холоотоххо кытаанахтар, тыйыс соҕустар. Онтон ону историялара даҕаны кэрэһэлиир. Биһиги, сахалар, быдан сымнаҕас майгылаахпыт.
Уопсайынан атын дойдуга үөрэнэрбин, атын дойду култууратын, историятын, үгэстэрин интэриэһиргиирбин, ону үөрэтэрбин туохтааҕар да ордоробун. Калмыкияны сөбүлээтим. Ол да буоллар, эдэр дьон төрөөбүт тылларынан саҥарбаттарын билэн баран, олуһун соһуйбутум, хомойбутум даҕаны.
Биир бэйэм төрөөбүт тылбынан саҥарарбынан, төрөөбүт тылбынан толкуйдуурбунан киэн туттабын. Үөрэҕим кэнниттэн уопсайбар кэллэхпинэ, сахам тылынан утаппыттыы саҥарабын, дуоһуйуохпар диэри кэпсэтэбин. Сахалыы саҥарбатахпына, отой тугум эрэ тиийбэт курдук буолар, онтон төрөөбүт тылбынан кэпсэттэхпинэ, дууһалыын чэпчээбит тэҥэ буолабын. Оннооҕор сахалыы ырыалары сөбүлүүр буоллум. Эрдэ, Дьокуускайга олорор эрдэхпинэ, сахалыы ырыалары истибэт этим. Өссө биир холобуру кэпсиибин, бэл, нуучча табаарыһым, Дьокуускайтан Москваҕа үлэлии тиийэн баран, саха тылын билбэт эрээри, сахалыы ырыалары истэр буолбут, инньэ гынан дойдутугар ахтылҕанын таһаарар буолбут.
Онон оҕолорго сүбэлиэм этэ, төрөөбүт тылгытын үөрэтиҥ, элбэхтэ сахалыы кинигэлэри, хаһыаттары, сурунааллары ааҕыҥ, билиигитин, тылгытын-өскүтүн хаҥатыҥ. Үөрэнээччилэргэ, устудьуоннарга ситиһиилээх үөрэх дьылын баҕарабын!
Анастасия Матвеева аны икки сылынан үөрэҕин бүтэрэр. Ханна үлэлии барарын билиҥҥитэ быһаара илик. Эдэр киһи өссө да атын сири көрөр-билэр санаата баһыйар. Ол онно бастыҥ сирдьитэ — төрөөбүт сахатын тыла. Биири өйдөөҥ — төрөөбүт тылын билэр киһи атын дойду олохтоохторугар икки бүк үрдүктүк көстөр.
Оҕолоор, төрөөбүт Ийэ тылгытын харыстааҥ, ийэҕит кэриэтэ күндүтүк санааҥ!
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.