Аан дойдуга олорор араас омук тус-туспа төрөөбүт тыллаах. Ол кини барҕа баайа буолар. Нууччаҕа нуучча улуу тыла, сахаҕа сахалыы сайаҕас тыл ийэттэн бэриллэр. Ийэ тыл – ийэбитигэр тэҥнээх күндү. Ийэбититтэн төрүөхпүтүттэн төрөөбүт тылбытынан саҥарабыт, кэпсэтэбит, алтыһабыт.
Ийэ тыл – норуот тыына
Ийэ тыла, төрөөбүт тыла суох омук норуотунан да ааҕыллыбат, суох буолар, өлөр-сүтэр, умнуллар. Мин төрөөбүт ийэ тылбынан уу сахалыы кэпсэтэбин. Ханнык да түгэҥҥэ омугум саха буоларын умнубаппын, төрөөбүт тылбынан саҥарарбын, ыллыырбын- туойарбын, үөрэрбин-көтөрбүн сөбүлүүбүн.
Биһиги сахабыт норуотун тылын баайа тылынан уус-уран айымньыларга: чабырҕахха, оһуохайга, олоҥхоҕо ордук биллэр. Саха омук бастыҥ баҕата, үтүөҕэ-кэрэҕэ талаһыыта олоҥхоҕо хоһуйуллубут, ырыаҕа ылламмыт. Биһиэхэ үүнэр көлүөнэҕэ бэриллэн кэхтибэт, сайдар кыахтанар. Төрөөбүт
төрүт тылбыт – биһиги баайбыт-дуолбут! Сахам тылынан, сахалыы саҥарарбынан киэн туттабын!
Алина Санникова, 8 кылаас, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, “Эрчим” эдкорпост.