Оскуолабытыгар бэнидиэнньиктэн саҕалаан «Төрөөбүт тылым — омугум сайдар кэскилэ» нэдиэлэ ыытылла турар.
Төрөөбүт тыл күнэ сарсыардаттан оҕолору, учууталлары арыылаах алаадьынан көрсүүттэн саҕаланна. Кылаастарынан «Олунньу 13 күнэ-төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ» дьоһуннаах кэпсэтиилэр ыытылыннылар.
Манна » Кэскил» редакцията ыытар матырыйаалын туһанныбыт. 12 ч. бары спортсаалаҕа мустан тыл нэдиэлэтин арыйдыбыт: директорбыт Т.А. Егоров бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ, төрөөбүт тылларынан араас күрэхтэргэ кыттыбыт оҕолорго грамоталары туттартаата. Учууталлар уонна оҕолор ийэ тылбытыгар аналлаах саха поэттарын хоһооннорун доргуччу аахтыбыт. Төрүт култуура учуутала Н.В. Егорова оһуохай түһүлгэтигэр барыбытын түмтэ.
Үөрэх кэннэ оскуолабытыгар олохтоох поэт, Россия суруйааччыларын түмсүүтүн чилиэнэ Н.В.Васильев -Харыйалаах уола ыалдьыттаата.
«Кини төрөөбүт тылбытын сутэриэ суохха» диэн эттэ уонна бэйэтин дьиэ кэргэниттэн холобурдаан кэпсээтэ. Билигин оҕо үксэ төлөпүөн доҕордоох. Дьиэҕэ төрөппүт оҕоҕун кытта сахалыы кэпсэппэт буоллаххына, кини төрөөбүт тылыттан сыыйа тэйиэн сөп диэтэ.
Төрөөбүт дойдуну, тылы таптал олорор тиэргэнтэн саҕаланар диэн кэпсээтэ. Онтон «ТУОС» оонньууга кытынныбыт. Үгүс ыйытыыга хоруйдаан Бурнашев Кеша , Бугулов Никита, Санникова Алина элбэх туоһу ыллылар, бириис туттулар. Түмүккэ Николай Васильевиһы кытта хаартыскаҕа түстүбүт. Бу күн интэриэһинэйдик ааста, олус элбэҕи биллибит.
Санникова Алина , Петрова Айыына,
«Эрчим» корпост, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.