Туругура тупса тур,
Тирэҕирэ чиҥии тур,
Тоҕойдору туораан ис,
Араҥастары ааһан ис,
Саргы дьаалы Сахам тыла,
Сарыал санаам- Сахам тыла!
Саха норуодунай поэта Бүөтүр Тобуруокап.
Олунньу ый – тыл хомуһунун ыйа.Чуолаан бу ыйга этэргэ дылы, эн саха буоларгын, сахалыы тыыннааххын ордук билинэҕин. Олунньу 20 күнүгэр олохтоох оскуола алын кылааһын үөрэнээччилэригэр «Алаас Хотуна» эбээлэр түмсүүлэрэ «Эбээ үөрэҕэ»- бырайыагынан ийэ тылга сыһыаннаах уруогу ыытта.
Эбээлэр оҕолору алгыстаах алаадьыннан күндүлээтилэр. Бу күн үөрэнээччилэргэ түмсүү чилиэнэ, нэһилиэк библиотекара Николаева М.Н. лингвист учуонай,сахалыы суругу бичиги төрүттээбит С.А. Новгородов туһунан билиһиннэрдэ, оҕолорго таабырын таайтарда, Саха сиригэр аналлаах боппуруостары ыйытта. Истиҥ эбээ Валентина Егоровна оҕолорго урууну — аймаҕы оҕо сааскыттан билэ улаатарга, ыкса ыалларгар, учууталларга, аҕам саастаах дьоҥҥо убаастабыл мэлдьи баар буоларыгар сүбэ-соргу биэрдэ. Марфа Гаврильевна боппуруостарга сөпкө эппиэттээбит Васильев Артемийга , Иванов Семёҥҥа, Васильев Уруйдаҥҥа сэмэй бэлэхтэри туттарда, атыттары минньигэс хампыатынан күндүлээтэ, өссө да маннык көрсүһүүлэр буолалларыгар эрэннэрдэ.
Кылаас учууталларыгар күндү бэлэх — Саха сиригэр сыһыаннаах кинигэлэри туттарда. Истиҥ тэрээһини ыыппыт «минньигэс аһылыктаах» эбээлэргэ учуутал Мария Николаевна махтанан туран, сакалаатынан күндүлээтэ.
Николаева Мария ,
библиотекарь.