Хас биирдии норуот инники кэскилэ кини төрөөбүт тылын төһө билэриттэн, таптыырыттан, харыстыырыттан тутулуктаах. Тыл — омук күндү баайа. Биһиги төрөөбүт тылбыт — саха тыла. Саха народнай поэта Күннүк Уурастыырап эппитинии, «киэҥ, дириҥ, муударай ис хоһоонноох».
Хомойуох иһин, билиҥҥи үйэҕэ төрөөбүт тылынан, сахалыы тылынан саҥарар оҕо күн-түүн аҕыйаан иһэр. Тыл үөрэтиллэр эрэ буоллаҕына, сүппэт. Тыл сүппэтэҕинэ, омук баар буолар. Ону өйдүүр оҕо аҕыйах курдук. Итиннэ төрөппүт оруола эмиэ улахан дии саныыбын. Ол курдук, сорох дьон, оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн нууччалыы биллиннэр диэн, нууччалыы тыллаах оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларыгар биэрэллэр. Эбэтэр тыа сиригэр иитээччилэр нууччалыы саҥаран тиийбит оҕону кытта нууччалыы кэпсэтэллэр. Ол иһин оҕо төрөөбүт тылынан саҥарбат, тылын аанньа ахтыбат буолар. Итинник көстүүнү туоратар туһугар элбэх сахалыы кылаастары арыйан, ситимнээхтик үлэлэтиэхтэрин наада, төрөппүт оҕотун кытта кыра эрдэҕиттэн уу сахалыы кэпсэтиэхтээх.
Онон биһиги төрөөбүт тылбыт, култуурабыт сүппэтин туһугар кинини өрө тутуохтаахпыт. Улуу бэйиэттэрбит төрөөбүт тылларын илбиһин хоһоонноругар холбообуттара. Ону биһиги түһэн биэриэ суохтаахпыт. Төрөөбут тылбыт сайдарын туһугар туруулаһыахтаахпыт.
Нарыйа Бурцева, 9 кыл. үөрэнээччитэ, «Саһарҕа» эдкорпост кэрэспэндьиэнэ, Эҥэ.