Олунньу 13 күнүттэн оскуолабытыгар Ийэ тыл нэдиэлэтэ ыытылынна. Саха суругун-бичигин төрүттээбит, лингвист С.А.Новгородов туһунан үгүс интэриэһинэй чахчылары биллибит. Нэдиэлэ устата араас хайысхалаах тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук, оҕолорго «Бастыҥ буочар», «Дорҕооннохтук ааҕыы», «Сайдар үүнэр сахам тыла» хамаанданан тобул оонньуу, «Өбүгэлэрбит төрүт оонньуулара» күрэх, «Хомоҕой хоһооҥҥо холбостун сахам мындыр саҥата» уус-уран ааҕыы күрэҕэ ыытылыннылар.
«Көмүлүөк оһоҕум сылааһа» дьиэ кэргэнинэн уус уран оҥоһук көрүүтүгэр, тобул оонньууга төрөппүттэрбит олус көхтөөхтүк кытыннылар. Көмүлүөк оһоҕу туойунан оҥорон, оттон көрбүттэрин олуһун сөхтүбүт. «Сахаҥ тылын эн үөрэт, өрөгөйүн өрө үрдэт» диэн сахалыы түһүмэхтээх уруоктары оҕолор бары сэргээтибит, сэҥээрдибит.
Уолаттар төрүт оонньууларга илин-кэлин түһүстүлэр, кыайыы өрөгөйүн билэн астыннылар. Переменаларга урукку да, аныгы да сахалыы остуол оонньууларын оонньоотубут. Директорбыт хабылык, хаамыска оонньуутугар мастер-кылаас биэрэн үгүс оҕо болҕомтотун ылла.
Төрөөбүт тылбытыгар норуоппут олоҕо, үтүө үгэһэ, майгыта-сигилитэ, өйө-санаата барыта тиһиллэ сылдьарын өссө төгул чиҥэтэн биллибит. Ийэ тылбытын дириҥник үөрэтиэхтээхпит диэн түмүккэ кэллибит.
Винокурова Лидия, 11 кылаас, Түүлээх орто оскуолата,
Уус Алдан.