Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.
С.А. Новгородов алпаабыта
САССР норуодунай комиссардарын сэбиэтин биир бастакы дьаһалынан саха оҕолоро үөрэнэр оскуолаларыгар сахалыы тылынан үөрэтиини киллэрии буолар. Манна 1917 сыллаахха Семен Андреевич Ноҕуруодап (Новгородов) оҥорбут алпаабыта тирэх буолбута. Өссө устудьуоннуу сылдьан Ноҕуруодап сахалыы тылынан үөрэтэр оскуолалары тэрийии туһунан боппуруоһу көтөҕөр этэ. Ол кэмҥэ сахалыы тылынан үөрэх кинигэтэ, букубаара суоҕа.
О. Н. Бетлингк 1851 с. сахаларга анаан оҥорбут алпаабыта улаханнык тарҕамматаҕа, биһирэммэтэҕэ.
Ноҕуруодап алпаабыта латыын буукубаларыгар олоҕурбут фонетическай (хайдах иһиллэринэн суруйуу) буолан, туттарга табыгастаах этэ.1917 с.кулун тутар ыйынааҕы сахалар уонна нуучча бааһынайдарын (крестьяннарын) I съеһигэр бу алпаабыкка олоҕуран, сахалыы буукубаары оҥорорго уураахтаан, үп-харчы көрүллүбүтэ. 1917 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр буукубаар аҕыйах ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыта. Онон 1920-21 сс. үөрэх дьылыгар бу алпаабытынан оскуолаларга үөрэтэр буолбуттара.
Маассабай национальнай сурук-бичик үөдүйүүтэ нэһилиэнньэни үөрэхтээһиҥҥэ, саха национальнай литературата, бэчээтэ, искусствота сайдарыгар күүс-көмө, төрүөт буолбута. 1920 сыл бүтүүтэ былаас олохтоох уорганнара, тэрилтэлэр дьыаланы-куолуну сахалыы суруйар-бичийэр буолбуттара.
Онон маассабай национальнай суругу төрүттээбит киһинэн Семен Андреевич Ноҕуруодап буолар. Кини, саха бастакы лингвист-учуонайа, сахалыы алпаабыт, бастакы сахалыы үөрэх кинигэлэрин ааптардара 1892 сыл олунньу 13 күнүгэр төрөөбүтэ. Онон бу күн 1996 сылтан өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр.
Бу күн үөрэх тэрилтэлэригэр, култуура кииннэригэр төрөөбүт тылга аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Оскуолаларга саха суруйааччыларын, поэттарын кытта көрсүһүүлэр ыытыллаллар, араас күрэхтэр, көрүүлэр буолаллар. Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр саха тылын сайыннарар Саха-бикипиэдьийэ,»Кибер-саха» ситим бөлөх, ҺӨҔҮҤ сахалыы буукубалары смартфон, көмпүүтэр клавиатуратыгар киллэрэр хамсааһын, «Тылбаас» тылбаас идэтийбит киинэ, Sakhatyla.ru электроннай тылдьыт үлэлииллэр.
Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун!