Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, саха бастакы лингвист-учуонайа, сахалыы алпабыыт, бастакы букубаар ааптара, саха суругун-бичигин төрүттээччи, сырдатааччы Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 130 сылын туолар уонна бүгүн 1996 сылтан бу бэлиэ күҥҥэ олоҕурбут Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр.
Ийэ тылбыт — биһиги барҕа баайбыт, Ийэ тылбыт — биһиги тыынар салгыммыт. Төрөөбүт тыл — норуот уhун кэмҥэ олорбут олоҕун устуоруйатын тыыннаах кэрэhитэ. Омук тыла сайдыылаах, баай, этигэн, хомоҕой буоллаҕына, омук бэйэтэ эмиэ оннук буолар: өйө-санаата чэбдик, ыраас, киэҥ ыырдаах, инникитигэр бөҕө санаалаах, чиргэл туруктаах, кэскиллээх буолар.
Саха суруйааччылара төрөөбүт төрүт тылларын төһөлөөх курдук умсугуйан туран айымньыларыгар хоһуйбуттарай! Биир оннук уратытык уонна истиҥник бэйээт Сэмэн Данилов хоһооно буолар, бу устуруокалары ааҕан сүрэххитигэр бигээн көрүҥ эрэ!
Саха саҥата
Эппэр ийэм үүтүн кытта
Иҥмит эбит, быһыыта,
Кустук өҥнөөх,
Кымыс сыттаах
Сахам мандар саҥата.
Кини миигин
Таптыыр, ыллыыр
Тыыннаах, сырдык дууһалыыр,
Кини миигин
Кырыыр, алгыыр
Эрдээх хоһуун санаалыыр.
Кини миэнэ —
Барҕа баайым,
Өлбөт мэҥэм — мин дьолум.
Кини миэнэ —
Ыалдьар ыарыым,
Үлэм, күнүм — мин соргум.
Кэмниин тэҥҥэ,
Дьоммун кытта
Кэхтибэккэ сайдыахтын
Кустук өҥнөөх,
Кымыс сыттаах
Сахам аптаах саҥата.
Сахабыт тыла үйэлэргэ туругурдун, сахалыы сайаҕас саҥабыт сатараатын!