Д.Д. Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Сивцев Андрей — кылаас бастыҥ үөрэнээччитэ. Кини научнай-практическай кэмпэриэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Иллэҥ кэмигэр гитараҕа ыллыырын сөбүлүүр. “Зима начинается с Якутии” Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстиибээлгэ лауреат үрдүк аатын ылары ситистэ. Андрей «Алексей Бродников “Көмүскэ уута”, “Арыллыбыт аартык “ романыгар өс хоһоонноро» диэн үлэтин салайааччыта Ноговицына Анна Федоровна билиһиннэрэр.
Алексей Бродников “Көмүскэ уута”, “Арыллыбыт аартык “ романыгар өс хоһоонноро
Айар тыл аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй, сахалар олус баай тыллаах-өстөөх норуот буоларбытынан аан бастаан сөҕөн-махтайан бэлиэтээбит: «Саха тылыгар саамай сыаналаахтара өс хоһоонноро буолаллар, олорго поэзия тылынан сахалар олохторо, майгылара-сигилилэрэ, үгэстэрэ, кэмнэрэ олус чаҕылхайдык уонна бэргэнник бэриллэр».(Ксенофонтов Уткин «Культура народа саха» диэн кинигэтигэр).
Онон, өс хоһооно норуот дириҥ муудараһын, үйэ тухары муспут олоҕун уопутун аҕыйах тылынан дьүһүннээн биэрээччи. Кини ис номоҕунан сытыы уобараһа бэрт бэргэн буолар.
Нуучча өһүн хоһооннорун энциклопедиятын айбыт, уһулуччулаах чинчийээччи В.И. Даль: » Цвет народного ума», «Без пословицы не проживешь», «На пословицу нет ни суда, ни расправы», «Пословица – всем делам помощница», — диэн этиилэрэ мээнэҕэ буолбатах. Ол да иһин өс хоһоонноро бары норуоттарга үрдүктүк сыаналанар.
Итальянецтар – норуот оскуолатынан, испанецтар – дууһа докторынан, чехтэр — өбүгэлэр муударастарынан, чуваштар – кырдьаҕастар үөрэтиилэринэн, илиҥҥи норуоттар, ол иһигэр сахалар сир симэҕинэн ааттыыллар.
Биһиги биир дойдулаахпыт Алексей Бродников «Көмүскэ уута», «Арыллыбыт аартык» романыгар өс хһоонуун сөбүлээн туттар. Ааптар айымньытыгар фольклортан — өбүгэ муудараһыттан тыл баайын сомсорун сэргэ норуот бигэтик биһирээбит араас ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын:
Төхтөрүйэн этиини: (сороххо – таҥара маһа, сороххо күрдьэх маһа).
Ханыылаан этиини: «Таптаа да – тайахтаахха, сөбүлээ да – сүгэһэрдээххэ»,»Күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр»,
Утары туруорууну –антитезаны: «Сороххо – таҥара маһа, сороххо – абааһы күрдьэҕэ», «Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар», «Киһи биирдэ өлөр, иккитэ өлбөт», «Анна адьыр уу, үрдэ үүс бэргэһэ,
Тэҥнэбили: «Кыыс оҕо хааннаах хабах курдук»,»Харахтан сыыһы ылбыт курдук», «Сэлээр дьахтар ыттааҕар куһаҕан», «Тириибин тыыннаахтыы сүлбүт курдук»,»Кылыыһыт буолбукка дылы»,
Эпитети: «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан».
Лексика өттүнэн көрдөххө антонимнаһартыллардаах өс хоһоонноро: «Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр», «Үчүгэй эмиэ доҕуһуоллаах, куһаҕан эмиэ содуллаах», «Уол оҕо биирдэ ат өрөҕөтүгэр, биирдэ ат уорҕатыгар», «Үрдэр антах, өҕүрүйдэр бэттэх»;
Синонимнаһар: «Күн сирэ көҥдөй, аан дойду аһаҕас»,
Сорох түгэҥҥэ ааптар ӨХ-ун төттөрү эргитэн биэрбит: «Сорсуйар диэн сор эбит, кырдьар диэн кырыыс эбит», «Сиирэ астахха симэһин тахсыбат, хайа астахха хаан сүүрбэт».Бу өс хоһоонноро итинник икки көҥүл араастанар. Ол өйдөнөр: ханыылаан этии халыыптаах, тэҥ суолталаах тэҥҥэ холбуу этии, онон чаастара оруннарын холкутук атастаһаллар.
Роман икки барыйааныгар барыта 77 ӨХ баар. Ол иһигэр 3 хатыланар.Үһүстээн киирбит суох. Бу кылгас ыстатыыстыка кини ӨХ дьоһуннаахтык болҕойорун, айымньытын тылын-өһүн кичэйэрин кэрэһэлиир.Алексей Бродников айымньытыгар ӨХ-ун икки суоллук туттар: бэрсэнээс саҥатыгар уонна бэйэ (ааптар) тылыгар. Онуоха ӨХ дьон кэпсэтиитигэр (диалогка-полилогка) ааптар тылыгар туттарынааҕар икки төгүл элбэхтик киллэрэр. Бу түбэлтэҕэ кини, диалогу оҥоруу биллиилээх маастара, ӨХ-ун дьоруой өйүн-санаатын, тылын-өһүн, быһата, уобараһын арыйарга көмөлөһүннэрэр. Айымньыга ӨХ-ун үксүгэр олоххо буспут-хаппыт, мындыр кырдьаҕас эбэтэр көхтөөх, эдэр да буоллар олох Һочурун-чочурун, оһуутун-тоһуутунһ күөнүнэн көрсүбүт, үлэ-хамнас үрдүгэр сылдьар дьон тылларыгар-өстөрүгэр кыбыталлар. Итинэн ааптар ӨХ өй-санаа, билии-көрүү, уус-уран тыл-өс бэргэн бэлиэтэ буоларын бигэтик бигэргэтэр.
Онон Алексей Бродников тыл улуу ууһун быһыытынан ӨХ-ун, өй-санаа кылаан чыпчаалын уонна сиэр-майгы суруллубатах сокуонун алтыһыыларын, тыл-өс алыптаах дьикти дьүөрэлэһиилэрин курдук сыаналаан-суолталаан, кэмнээн-кэрдиилээн, бэрт тоҕоостоохтук туттар-туһанар.