Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Эвелина Нератова Н.К. Седалищев- Дьүөгэ Ааныстыырап «Бытык» кэпсээнин уонна Т.Е. Сметанин “Куоска олоҥхото” остуоруйатын майгыннаһар өрүттэрэ диэн айымньылары тэҥниир үлэтин бэчээттиибит.
Дьүөгэ Ааныстыырап уонна Тимофей Сметанин иккиэн биир эбэ, Бүлүү уутун сүнньүгэр төрөөбүт дьон буолаллар. Сэрии иннигэр суруйааччы буолан испит биир дьылҕалаахтар. Иккиэн ордук о5олорго анаан суруйаллара. Т.Сметанин бастакы хоһоонун „Бэлэм буолга“ бэчээттэппитэ, онно Дьүөгэ Ааныстыырап редактор буолан олорбута, онон кинилэр оччоттон да билсэр буолуохтарын сөп.
Дьүөгэ Ааныстыырап 1938 с. от ыйыттан „Бэлэм буол“ хаһыакка секретарынан, онтон сэриигэ барыар диэри хаһыат редакторынан үлэлээбит. Иккиэн сэриигэ ыңырыллан баран өстөөх халабырдьыттарын кытта сэриилэһэн, дойдуларын, норуоттарын иннигэр кыа хааннарын тохпут буойун суруйааччылар. Дьүөгэ Ааныстыырап онно сура5а суох сүтэн, эргиллэн кэлбэтэҕэ, оттон Т.Сметанин кэлэн да уһаабатаҕа, 1947 с., күөгэйэр күнүгэр суох буолбута.
«Бытык» диэн кэпсээн тиэмэтэ — советскай былаас сылларын кэминээҕи бириэмэҕэ оҕо-аймаҕы үөрэхтээһин. Сүрүн идиэйэтинэн оҕолору үөрэҕи таптыы, сыаналыы, кыһалла үөрэнэллэригэр иитии.
Кэпсээн сүрүн геройа — 5-с кылаас үөрэнээччитэ Макар уол. Бу уол уруогун сүгүн аахпакка, чиэппэр түмүгэр үс предмеккэ мөлтөх сыаналаах буолбут: алгебраҕа, геометрияҕа, нуучча тылыгар. Онтон санаарҕаан, хомойон кэлбитигэр дьонноро эмиэ мөҥөллөр: «Бытыгын быһа үктүөр диэри оскуолаҕа үөрэнэрэ буолуо».
Макар сытан утуйан хаалар. Онтон арай түһээтэҕинэ, кини хаар маҥан бытыктанан баран, кыра быраатын кытта биир кылааска үөрэнэ олорор эбит, онтон учуутала – кини доҕоро Ньукуус буолбут. Ып-ыраас чэмэлиспит оҕолор кинин күлэллэр, элэктииллэр.
«Бытыгын тутан баран сиргэнэн, куттанан уһуктан кэлэр. Уонна дьэ аны уруогар кыһамньылаахтык сыһыаннаһыах буолан бэйэтигэр бигэ тылын биэрэр.»
Итинтэн салгыы кырачаан ааҕааччы билиэн сөп: Макар бэйэтин сыыһатын өйдөөбүтүн уонна аны хаһан да куһаҕан сыаналаныа суоҕун.
“Куоска олоҥхото” остуоруйа хоһоонугар эмиэ үөрэҕэр ситиспэтэх уол туһунан кэпсэнэр. Сүрүн геройга таптыыр куоската үөрэҕэр ситиспэтэх уол туһунан кэпсиир. Ол уолу сааскы кус-хаас, тиэргэнин бөтүүгэ, ньирэйдээх ынаҕа бары үөрэҕэр хаалбытын иһин сиилииллэр. Дьиэтигэр киириэн да баҕарбат, ийэтэ хомойуон билэр. Онтон сылтаан кэмсиммит санаатыгар түүлүгэр отой атын, “4”, “5” сыаналаах, үөрэ-көтө, хайҕана сылдьар уол буолан көһүннэ. Отой атын эйгэ көстөн кэллэ.
Бу түүлэ Макаары уонна Х…-ны туохха үөрэттэ? Макаар кутталыттан, оттон Х… үөрүү үчүгэй амтанын билэн, куһаҕан сыаналарын хайаан да көннөрүнэргэ кытаанах санааны ылыннылар. Ханнык баҕарар оҕо үөрэххэ кыһаныахтаах, сыыһатын көннөрүнэр кытаанах санааланыахтаах диэн суруйааччылар биһигини үөрэтэллэр.
Сааскы күөхтэн, үчүгэйтэн
Оҕолоор, үөрэргит иһин,
Кыһыҥҥыттан кыһанан
Кылааскытын бүтэриҥ.
Куоскам миэнэ курдьугунаан
Олоҥхолоон бүттэ,
“Бэрт сөп”, — диэн куолаан
Бөтүүк үөгүлээтэ:
“Ку-ку-ре-ку!”
Макаар үөрэҕэр тоҕо куһаҕаный?
Макаар үөрэх дьылын иккис чиэппэригэр үс предмеккэ: историяҕа, нуучча тылыгар, алгебраҕа — «куһаҕан» сыаналаммыт. Ол иннинээҕи үөрэх дьылыгар эмиэ үс «куһаҕаннааҕын» көннөрбөккө кылааһыгар хаалбыт. Ол төрүөтэ тутуй?
Дьиэҕэ үлэтин аахпат,
Учуутал кэпсиирин истибэт,
Уруок кэмигэр табаарыһын кытта кэпсэтэ олорор.
Маннык көстүү аныгы да үөрэнээччилэргэ баар суол дии саныыбын. Ол туһунан араас чабырҕахтар, көрдөөх хоһооннор урут суруллаллар эбит. Холобура, Петр Николаевич Тобуруокап “Табаһыытап Тараас”, нуучча поэта, оҕолорго анаан суруйар суруйааччы Самуил Яковлевич Маршак “Кот и лодыри”, “Про одного ученика и 6 единиц” хоһоонноро.
Учуонайдар хас да араас үөрэҕэр ситиспэт үөрэнээччи баарын быһаараллар эбит. Ол курдук:
- Сүрэҕэ суох. Интэриэһиргээбэт, өйдүү сатаабат, уруок бүтэрин күүтэ олорор үөрэнээччи.
- Бэрээдэгэ мөлтөх, күлүгээн.
- Профи – үөрэҕэр кыахтаах эрээри, таптыыр предметигэр “5”, онтон сөбүлээбэт предметигэр “2”
Маннык үөрэнээччилэр ортолоруттан олоххо ситиһиилээх, биллиилээх дьоннор эмиэ тахсаллар эбит. Холобур, Альберт Эйнштейн оскуолаҕа олус мөлтөхтүк үөрэммит эрээри, 1921 сыллаахха Нобель лауреата буолбута. Оннооҕор улуу суруйааччылар: Александр Герцен, Байрон, Оноре де Бальзак, Николай Гоголь оскуолаҕа ситиспэт үөрэнээччилэр ахсааннарыгар сылдьаллара. Улуу Пушкин математикаҕа мөлтөҕө үһү.
Н.К. Седалищев- Дьүөгэ Ааныстыырап «Бытык» кэпсээнин уонна Т.Е. Сметанин “Куоска олоҥхото” остуоруйатын ааҕан- ырытан баран маннык түмүккэ кэллим:
— Дьүөгэ Ааныстыырап уонна Тимофей Сметанин олохторун, айар үлэлэрин билистим.
— Оҕону олус таптыыр, оҕо уйулҕатын таба сыаналыыр, арыйар суруйааччылар эбит.
— «Бытык» диэн кэпсээн уонна “Куоска олоҥхото” остуоруйа иитэр-үөрэтэр суолталаах эбит.
— Ханнык баҕарар оҕо тус бэйэтэ үөрэххэ кыһаныахтаах, сыыһатын көннөрүнэр кытаанах санааланыахтаах.