П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай уонна Олоҥхо тыйаатырдара олунньу 13 күнүгэр киэһэ 20 чаас 30 мүнүүтэттэн «Саха» НКИХ ханаалыгар «Алампа таптала» диэн кэнсиэри көрөргүтүгэр ыҥыраллар.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө уонна Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр анаан сахабыт тыла, литературата, театральнай искусствота, ураты эйгэтэ олохтоноругар сүҥкэн кылааттаах Саха тыйаатырын маҥнайгы дириэктэрэ, үйэлээх тапталы таҥара гынан үҥпүт улуу поэт Анемподист Софронов – Алампа хоhооннорунан холбоhуктаах бырайыак истиҥ ырыа, нарын иэйии, айар эйгэ абылаҥын бэлэхтиэ.
«Саха уһулуччулаах поэта Алампа хоһоонноро ырыа буолан, муусука доҕуһуолланан, киэҥ эйгэҕэ тахсаллара кини мэлдьи тыыннааҕын туоһулуур. Мин санаабар, кэнсиэр кэннэ көрөөччүлэр Алампаны саҥаттан арыйыа этилэр. Биллэн турар, сонун бырайыак буолан, олуһун диэн долгуйабыт уонна бэйэбит да Сахабыт дьоно ырыанан дьүһүйүүнү хайдах ылыныахтарай диэн толкуйга сылдьабыт», – диир бырайыак ааптара Руслан Тараховскай.
Кэнсиэргэ Саха тыйаатырын сүрүн режиссера, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Руслан Тараховскай айбыт матыыптарынан Саха академическай уонна Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын истиҥ иэйиилээх толорууларын истиэхпит. Тэрээһини тыыннаах дорҕоон доҕуһуолунан киэргэтэллэр: Иванида Бугулова, Вероника Лыткина, Прокопий Сыроватскай, Дьарааһын Павлов уонна Дмитрий Готовцев.
Хас биирдии саха киһитин сүрэҕэр Алампа тыыннаах!
П.А.Ойуунускай аатынан
Саха академическай театрын
пресс-сулууспата, төл.: 34-33-26.
Анонс о концерте «Алампа таптала»
13 февраля в День родного языка и письменности в Республике Саха (Якутия) на канале НВК «Саха» в 20:30 часов вечера в эфир выйдет совместный концерт «Алампа таптала» Саха академического театра имени П.А. Ойунского и театра Олоҥхо. Артисты двух театров исполнят лирические песни на стихи якутского поэта, одного из основоположников и классиков якутской литературы, первого директора Саха театра Анемподиста Софронова – Алампа на мелодии главного режиссера Саха театра, заслуженного деятеля искусств РС (Я) Руслана Тараховского. Музыкальное оформление: Иваниды Бугуловой, Вероники Лыткиной, Прокопия Сыроватского, Герасима Павлова и Дмитрия Готовцева.