Омук күүһэ-өйүгэр,
өйүн күүһэ-тылыгар.
Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата өрө көтөҕүллэн туран, киэҥ далааһыннаахтык көрүстэ.
Ол курдук сарсыарда оскуола боруогун атылааккын кытта, үөрэн-көтөн чаҕылыспыт сахалыы таҥастаах оҕолор, оскуолаҕа эрчимнээхтик туттан-хаптан сылдьаллара киһи хараҕар быраҕыллар..
Сарсыарда 3 бастакы уруогунан үрдүкү кылаас оҕолоро «Тыыннаах тыл» өрөспүүбүлүкэтээҕи акцияҕа кыттан, дьыктаан суруйдулар, орто сүһүөх оҕолоро ааксыйа чэрчитинэн викторинаҕа эппиэттээтилэр.
Бу үлэни саха тылын уонна литературатын учуутала Ефимова Варвара Константиновна уонна олохтоох модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Жулева Кристина Алексеевна сүрүннээтилэр. Үһүс уруок кэнниттэн оскуолаҕа»Төрөөбүт төрүт тыл, сурук-бичик» күнүгэр аналлаах линейка ыытылынна. Линейканы директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Захарова Любовь Николаевна сүрүннээтэ.
«Хомус алыба» ансаамбыл оҕолоро хомустаатылар, 7 кылаас үөрэнээччилэрэ Үстүүн Нохсоров «Дыырай Бэргэн» олоҥхотун толордулар.
Маны таһынан, нуучча тылын учуутала, дириэктэр сүбэһитэ Баннова Наталья Борисовна уонна нуучча тылын учуутала, Нажим Нестеров аатынан оҕо хамсааһынын салайааччыта Ермолаева Мария Павловна көҕүлээһиннэринэн, кылаас салайааччыларын сүрүннээһиннэринэн оҕо уонна төрөппүт кыттыылаах саха тылыгар аналлаах ТОК оонньуу ыытылынна. С.Р.Кулачиков-Эллэй үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах кылаастар икки ардыларыгар күргүөмүнэн хоһоон ааҕыытын күрэҕэ буолла.
Дьүүллүүр сүбэҕэ олордулар: педагог-библиотекарь Попова Гизелла Софроновна, Игидэй нэһилиэгин модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Жулева Кристина Алексеевна, «Анна Павловна Варламова» аатынан түмэл сэбиэдиссэйэ Татьяна Эдуардовна Маркова.
Дьүүллүүр сүбэ маннык түмүгү таһаарда:
«ТОК» оонньууга. 1 м-5 кыл. Салайааччы Л.Н.Захарова.
2 м -7 кыл. Салайааччы Н.Б.Баннова.
2 м -10 кыл. Салайааччы Д.Т.Матаннанова.
3 м — 6 кыл. Салайааччы З.Н.Сунхалырова.
3 м — 9 кыл. Салайааччы М.П.Ермолаева.
«Кыайыыга дьулуурун иһин» анал аат — 8 кыл. Салайааччы А.В.Габышева.
Уус-уран ааҕыыга. Алын сүһүөххэ:
1 м. — 2-3 к уолаттарын бөлөҕө «Тааттаҕа». Салайааччылар Л.И.Антоева, А.И.Захарова.
2 м. — 3 кыл. «Таптыаҕыҥ ийэни». Салайааччы А.И.Захарова.
3 м. — 2 кыл. «Таба». Салайааччы Л.И.Антоева.
4 м. — 4 кыл. «Күөрэгэй». Салайааччы А.А.Захарова.
Оскуола иһинэн үлэлиир медиаоскуолаттан 7-8 кылаас үөрэнээччилэрэ интервью ыллылар, видеоролик оҥорон, тэрээһини үйэтитиигэ ылыстылар.
Бу курдук ийэ тыл биһигэ Игидэйгэ «Төрөөбүт тыл, сурук-бичик» күнүн олус тэрээһиннээхтик көрүстүбүт.
Саха тылын уонна литературатын учуутала В.К.Ефимова